Аканаҕа кус быһыйдар, ат бөҕөлөр аҕыйах да буоллар үөскээн ааспыттар. Баҕар элбэхтэрэ буолуо да былыргы үгэһинэн кистээн, биллэрбэккэ, онтуларынан туһаммакка олорон аастахтара буолуо. Саханы сэмэйэ бэрдин иһин кэнэн норуот дииллэрэ омук дьоно, удьурҕаччалара. Өҥ буордаах сиргэ өнөр мас үүнэринии, эмиэ оннук буордаах сиргэ кыанар дьоннор үөскүүллэр. Кэпсэлгэ сылдьар былыргы бухатыырдар, ааттаах быһыйдар суохтар буолан баран куобаҕы сырсан тутар, сыһыыттан хаҥыл аты сырсан быалаан тутан кэлэр кытыгырас дьоннор, аҕыстаах айааһамматах атыыры хонноҕун анныгар кыбынан туран хомуут кэтэрдэр, ойбоҥҥо түһэн өлбүт тиһэҥэ сүөһүнү тоҥнуу сүгэн тахсан балаҕанын үрдүгэр тамныыр, үөл бэрэбинэни ойууртан санныгар уурунан сүгэн киирэн амппар дьиэни туттар буулаҕа күүстээхтэр син олорон ааспыттар. Мин олортон көрбүт, билбит, кэпсэппит аҕыйах дьоннору одоҥ-додоҥ ахтан ааһыам.
1. МАСКАЙААН
Андреев Семен Иванович – Маскайаан 1924-1966 сылларга олорон ааспыт Советскай кэм киһитэ. Аныгы киһи. Киччэккэй уола. Сатаҕа төрөөбүт. Саха, үөрэҕэ суох. Халыаскаҕа иитиллэн олорбута. «Эдэр бассабыык» колхоз чилиэнэ этэ. 1944 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыта. Нэлэкэ диэн икки биэрэстэ кэриҥэ эргимтэлээх күөлгэ олороллор этэ. Бэбиэскэтин тутан баран чаһыынан кэмнээн күөлүн үстэ эргийбит. Алта мүнүүтэнэн эргийбит. Япония сэриитигэр сылдьан 1947 с. дойдутугар эргиллэн кэлбит. Кэлэн баран эмиэ чаһыынан кэмнэнэн күөлүн үстэ эргийбит. «Көҕүрээбэтэх эбиппин» — диэн үөрбүтэ үһү дэһэллэр. Атаҕынан кинитээҕэр өссө ордук кыахтаах киһи атаҕынан оонньуу сылдьан эт быстан, онтон сылтаан дьүүкээрэн өлбүт. Өлөөрү сылдьан буойбута үһү: «Сэрэнэн сырыт, онно-манна кыттыспакка, бэйэҕин биллэрбэккэ сырыт» — диэн. Оҕо сылдьан Сата аталҕаннаах ыдьык ойууругар куобаҕы тыыннаахтыы сырсан тутан ылан өлөрөр идэлэммит. Таҥаһын алдьатарын иһин ол идэтин дьоно дэлби таһыйаннар бырахтарбыттар. Онтон ыла уора-көстө тоҕоос түбэстэр эрэ син биир тута сылдьыбыт. Армияҕа сылдьан 7 миэтэрэлээх үрэҕи атаакаҕа киирэригэр үрдүнэн ойон ылбыт. Командира благодарность биэрбит суругун көрөр этим. Нэһилиэк ыһыахтарыгар атах оонньуутугар нэһилиэк чиэһин көмүскэс диэн көрдөһөр этим. Аккаастаммакка суруттаран иһэрэ. Күрэхтэһии саҕаланна Маскайаан сүтэн хаалара. Ханна саһарын ким да булбат. Биирдэ соруйан манаттым. Киһибит күрэхтэһии саҕана сиэбигэр укта сылдьан биир бытыылка арыгыны иһэн кэбиспит, харааччы итирбит. Бүттэхпит ол. Ол кэнниттэн хаайбат буолбуппут. Сатаҕа олордоҕуна быыбар хамыыһыйатын чилиэнинэн соруйан оҥороллоро. Былыргы быыбардар сүрдээх куоталаһыылаах буолара, докумуону туттарыыга тиийэ. Быыбар дьааһыга эбэһээт түүн 12 чааска аһыллара. Быыбар матырыйаалын тиэрдиигэ аллаах аттар бааллан, көлүллэн бэлэм турар буолаллара. Маскайааны ат биэрдэхтэринэ ылбат этэ. Быыбарын матырыйаалын сүгэн баран Хатыҥ Сыһыыга биэс көстөөх сиргэ сатыы быһа түһэрэ. Сарсыарда кэлэн дьиэтигэр утуйа сытар буолара дииллэр. Аты бадьыыһа бэрт диэн көлүммэт да мииммэт да этэ. Биирдэ мин Аканаттан Сатаҕа таҕыстым, алта көстөөх сиргэ. Атыыр уола диэн атаҕынан аллаах аттаах этим. Маскайаан дойдутугар тахсаары сылдьар эбит. Кыра таһаҕастаах этэ. Таһаҕаспын илдьэ таҕыс диэн көрдөстө. «Ыччакаа, халлаан тымныыта бэрт, тоҥон өлүөҕүм. Эн аа-дьуо бара тур, мин кэннигиттэн тиийиэҕим» — диэтэ. Мин боруобалаһар санааланным. Аппын торҕо сэлиинэн түһэрдим. Аппын уоскутаары Арыылааз ферматыгар тохтоотум. Киһим кэннибиттэн бу киирэн кэллэ. Киирэн оһоххо сыҕанна, табаахтаата. «Чэ, мин сыҕарыйа туруом, ситтэххинэ олосуом» — диэн баран тик гынан хаалла. Мин бэлэм чээйи биир ыстакааны иһээт тахсан айаннаппытынан бардым. Атым уоскуйан кудулуччу айанныыр, киһибин ситээри кымньыылыыбын. Аканаттан 4 көстөөх сиргэ олорор Көтүппэттэргэ тиийэн кэллим. Киһим хайы-сах кэлэн чэйдээн оттолообут, сэһэн-тэптэл ырааппыт. Миэхэ эмиэ чэй куттулар. «Сэмэн сылайбытыҥ буолуо, олорсон барбаккын дуо?» — диэтим. «Ээ, бу, ыккардыгар туохха быһыннамый, бара туруом. Аара Дьыраах оҕонньорго сылдьан ааһыам» — диэт тилир гынан хаалла. Көтүппэт күлэ-күлэ: «Киһиҥ эйигин кытта күрэстэһэр чинчилээх, хараҕа-сирэйэ турбута дьикти» — диэтэ. Мин буоллар буоллун дии санаатым. Аппын харыстаабатым. Биир тоҕойго көхсө хараарыҥныырын көрдүм. Ситээри дьөссө аппын кымньыылаатым. Кэлбитим, киһим дьиэтигэр хайыы-үйэ кэлэн көхсүн оһоххо сылыта олорор. «Баһылай Ньукулаайабыс бүтүн колхозтан киһилии аты булан мииммэт эбиккин дии. Сатыы киһини сиппэт нэс ат эбит. Эйигин кытта олорсубутум буоллар үлүйэн кэлиэх эбиппин». Айаннаабыт кэммин суоттаабытым тохтобуллуун эҥинниин 7 чаас. Ол ата 6 көһү 5,5 чааһынан түспүт эбиппин…
Маскайааны биирдэ саас, муус устар ыйга оҕус кэйээри ыксаппыт. Братскай диэн ааттаах боруода оҕус этэ. Саас сүүлэ түһэр кэмигэр кэйиигинэн аатырбыт. Хас да андаатардыыр тимир туутун сүгэн оргулланан иһэн оҕуһун уулуссаҕа уун утары көрсүбүт. Оҕус Маскайааҥҥа соболуу түспүт. Маскайаан соһуйан уонна куттанан тууларын сүкпүтүнэн ыаллар уһаайбаларын күрүөлэрин үрдүнэн ойуолаан хас даҕаны уһаайбалары ааспыт. Олбуоругар киирэн баран биирдэ уоскуйбут. Ону көрбүттэр олус сөҕөн кэпсииллэрэ.
Биирдэ вертолет тоһуйан турдубут, Нюрбаҕа көтөөрү. Вертолет үрдүбүтүгэр түһээри бу аҕай адаарыйан кэллэ. Ким эрэ «Самолет баттаары гынна» — диэт хаһыытаабытынан сүүрдэ. Биирдэ өйдөөн көрбүппүт Маскайаамыт суох. Киһибит хайа-сах биэрэстэлээх сиргэ эбэ кытыытыгар киирэн турар эбит. Өйдөөн көрбүттэр өрө ыстана-ыстана сүүрэр этэ дэстилэр. Олус соһумтах уонна куттамсах дуу быһыылааҕа.
Биирдэ биһиги Бөтөрөҥ Байбалы ааҕы кытта дьуккаах олордубут. 1952 сыллаахха этэ. Байбал Маскайаанныын тапсан куруук бииргэ тыалыыр (бултуур) этилэр. Саас киирдилэр. Түүлээхтэрин туттардылар. Байбал даҕаны атаҕынан кыанар киһи этэ. Түүлээхпитин малааһыннаан кыратык арыгы истибит. Байбалбыт киэһэ тахсан киирэн баран төттөрү киирдэ. Лааппы умайан эрэр диэтэ да бэргэһэлээх үтүлүгүн кэтээт элэс гынан хаалла. Маскайаан биһикки эмиэ таҕыстыбыт. Киһибит тоҥуу хаарынан быһа, уһаайбалар үс мас бүтэйдэрин үрдүнэн ойуолаан кылымахтан турда. Байбал биһикки уулуссанан эргийэ сүүрдүбүт. Тиийбиппит Маскайааммыт хайа-сах тиийэн дьиэ үрдүгэр тахсан саҥа умайан эрэр хаптаһыннары көҥүтэ тардан ыла-ыла уулуссаҕа тамныы турар эбит. Оһох ураата тимир эбит, онно куруунньук (кыайан аахпатым) кыым сыстан хаптаһын сарайы саҥа сиэн эрэр эбит. Онон түргэнник өрүһүлүннэ. Лааппы Көмүстэр кэтэх дьиэлэригэр биир хоһу ылан үлэлии турар этэ. Сарсыарда сырдыкка Байбаллыын Маскайаан тоҥуу хаар устун сүүрбүт суолун булан ылан кэмнээтибит. Хаар дириҥэ киһи тобугар тиийэ сыһар этэ. Миэтэрэлээн көрбүппүт 5-тии миэтэрэ курдугу атаралаабыт. Этэрбэһин тумса ханан да хаары таарыйбакка ааһар эбит. Маскайаан хаһан да хаатыҥка кэппэт этэ, олулла сытыйан, киһини сүгүн хаамтарбат диэччи. Үлэтэ да күлүмэх, түргэн буолааччы. Киһини кытта тэҥ муҥур өлөн уолбалаах үүммүт сиригэр Охчоҥоо Бэрэтигэр от мунньан бурҕайа сылдьарын көрбүтүм. Киһи мэнээк бурҕайбат ото этэ. Ону кини кыраабылын төбөтүнэн тарыйан иһэн аҥаар атаҕынан тэбэн бугул чиэппэрэ оту биирдэ үллэх гыннаран ууран, таарыйа үктээн чиҥэтэн иһэрэ. Төгүрүйэ көтө сылдьан аҕыйахтык тэптэ да ааттаах бугул лаглас гынан иһэр. Кини ол уобаҕа күҥҥэ биирдии га-ны нуорма оҥостон мунньара. Оттон убаҕас оту субурҕалаан мунньара. Күҥҥэ 1,5 га нуормата буолара. Хотуурбар куһаҕаммын диэн хаһан от охсуутугар барбат этэ. Киэскэ уола Ньукулай диэн сүрдээх дьээбэлээх уол атынан от мустарара. Биирдэ Маскайаан баҕаттан олус куттанарын билбит. Хонон туран баран эрдэттэн бэлэмнээн сиэбигэр уктубут баҕатын Маскайааҥҥа атаҕыттан тарыччы ыйаан көрдөрбүт, саҕатыгар угаары ыксаппыт. Маскайаан соһуйан ыстана кэбиспит. Ньукулай сыһыыны биир гына сырыһыннарбыт да сиппэтэх, ойуурга тахсан куоппут. Уоскуйан баран хойут киирбит.
Маскайаан бэйэтэ орто уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх хатыҥыр соҕус киһи этэ. Сыгынньахтаннаҕына иҥиирэ күрэҥнии сылдьар буолара. Үргүбүттүү, соһуйбуттуу көрбүт кэҥэс төгүрүк харахтаах этэ. Бэйэтэ олус сымнаҕас, көнө, өс киирбэхтиҥи киһи этэ. Тыаһа суох куоска курдук хаамара. Атаҕын төбөтүнэн даҕайан олус чэпчэкитик оһуохайдыыра. Элбэх оҕоломмотоҕо. Биир уоллаах, биир кыыстаах. Баҕар олортон биир эмэ утумнааччы кэлин тахсыаҕа. Олоҕун тиһэх сылларыгар тыалары кэрийэ сылдьан субан сүөһү көрөллөрө. Чиллэҕэ, Кугас олоҕор үлэлии сылдьан 1966 с. оһоллонон өлбүтэ. Баара суоҕа түөрт уон икки сыл олорбута. Убайа эмиэ эдэригэр оһоллонон өлбүтэ. Оһолго түбэһэн өлөр дьылҕалаахтар эбитэ буолуо. Айылҕа сороҕор дьикти дьону айыталаан баран тоҕо эрэ эрдэ хараталыыр быһыылаах.
Николаев Василий Николаевич-Куххата, Акана с., 2004 с
Компьютерга киллэрдэ, аҕатын рукопиһын баарынан, уларыппакка уола Николаев Макар Васильевич. Дьокуускай к. 2023 с. Кулун тутар 26 күнэ.
- КӨТҮППЭТ
Игнатьев Ефрем Спиридонович – Көтүппэт 1902-1975 сылларга олорон ааспыт киһи. Сахса төрүт удьуора. Сахса Баатыр аҕатын ууһа. Маһай Киргиэлэй сиэнэ, Доҕордоон уола Лэппириэн дэнэрэ. Колхознай-совхознай тутуу активнай кыттыылааҕа. «2-с пятилетка» колхозка үс сыл бэрэдсэтээтэллээн баран 1936 с. уурайан сылгыһыттыы барбыта. Үөрэҕэ суох этэ. 1951 с. диэри тохтоло суох сылгыһытынан уонна КТФ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 170 төбө сылгыны соҕотоҕун көрбүтэ. 1946 сыллаахха герой нуорматын толорбута. 60 биэттэн 60 кулуну төрөтөн тыыннаахтыы ииппитэ. Герой буолбат быатыгар инвентарь саҕана биир сылгыта көстүбэтэх. Нэһилиэгин салалтата кэтэх сылгыгыттан уган кэбис, оччоҕо герой буолаҕын диэн этэн көрбүттэрин кыккыраччы аккаастаан кэбиспит. Албыннаан герой буолан үйэбэр сирэй харах анньылла сырыттамый диэбит. Оччолорго 60 биэттэн 100 % төрүөх ылбыт, кур сылгытын 100 % тыыннаах ииппит киһи Социалистическай үлэ геройдара буолаллара. Сүппүт сылгыта нөҥүө сылыгар Оҥхойго сылдьарын булан ылбыт. 1951 сыллаахха бөдөҥсүйбүт кэннэ эмиэ салгыы сылгыһыттаабыта, КТФ сэбиэдиссэйэ уонна правление чилиэнэ буолта. Түөрт сылгыһыт буолтара, звено тэриммиттэрэ. Сылгыларын ахсаана 650 төбөҕө тиийбитэ. Төрүүр биэтэ 240 төбөҕө, үлэ ата 110 төбөҕө тиийбитэ. Сылгы иитиитэ Чиллэ үрэҕэр кииннэммитэ. 1958 с. улаханнык ыалдьан сылгытыттан уурайбыта. Киин бөһүөлэккэ көһөн киирбэккэ Сахсатыгар өр олорбута. Кыһын бултуур, сайын оттуур идэлэммитэ. 1961-1962 сылларгаулахан угуттар буоланнар Сахса, Мудан ходуһалара ууга тимирбиттэрэ. Ефрем Спиридоновичка салалтата 12 киһини сыһыарбыта. Уонна ханнык алаастар ууларын хаһан, хайдах түһэрэригэр маршрут оҥорон биэрбитэ. Бэйэҥ көрөн, кэмнээн, кимтэн да ыйыппакка үлэлээ диэн буолта. Сахса ныгый былыык буордаах сир, ирбэт тоҥо миэтэрэ аҥаара түстүҥ да кэлэр. Саас эрдэттэн хойгуонан, сайын тимир хоруурунан уонна мас лаппаакынан үлэлииллэрэ. Үлэ олус кытаанах буолара. Икки сыл үлэлээн Сахса сайылыгын, Сиэгэннээҕи, Ньуурдууру, Амыдайы, Кучакыны, Көбүөхтээбити, Кырыынчыкалары, Кураанаҕы, Сүөкээнини, Саппыйаны, Сымалыыры, Кулуһуннааҕы, Ньырбадьааҕы, Эрикини, Туотаайыны, Муданы, Сыраттаны, Атыыр өлбүтү хорон ууларын көҕүрэппиттэрэ. Кинилэр хорбут сирдэриттэн 500-600 тонна от ылыллар буолбута. Лэппириэҥҥэ народнай мелиоратор диэн ааты нэһилиэгин дьоно бэйэлэрэ иҥэрбиттэрэ. Хорууга араас ньымалары бары тутталлара. Кыһын хойгуоланаллара, саас муустаах буоругар тиийдэхтэринэ хорууга ууну ыытан баран лаппаакынан кыһыйа-кыһыйа төптөрү-таары саппыкылаах сылдьан кэһэннэр суурайан ыыталлара. Кинилэр оҥорбут сирдэриттэн билиҥҥэ диэри от бөҕөнү оттуу тураллар.
Лэппириэн звеноны кытта оттуурун сөбүлээбэт. «Сүрэхтэрэ суоҕа бэрт, туран-олорон быстыбаттар» — диэччи. Ньырбадьааҕы уонча сыл соҕотоҕун оттообута. 40-ча га-лаах ходуһа. Хоруутун сылын аайы дириҥэтэн биэрэр этэ. 35-45 тонна оту мэлдьи ылара. Соҕотоҕун охсоро, мунньара уонна оҕуһунан кэбиһэрэ. Ардыгар уончалаах уол сиэнин доҕор оҥосторо. Күтүөтэ Суоппар Дьөгүөр бокуойданнаҕына биир эмэ күн кэбиһиитигэр көмөлөһөрө. Оту хаһан да улаханнык хаптаран охсубата. Хотуурун төбөтүнэн кыратык хаптаран түргэн-түргэнник сууралаан охсоро. Мэлдьи от отуу оҥостон хоно сылдьан оттуура. Балыктаан сиирэ, куска тиргэлиирэ. Хойут Аканаҕа көһөн киирэн баран үс Кэнэнини сыһыаттаран оттообута. Дулҕалаах, уот сиэбит күллэрдээх быртах ходуһа этэ. Үһүөннэрин оттоон сөптүк бүтэрэрэ. Эмиэ 30 – 40 тонна оту ылара. Үлэтигэр тиийэн кэллэххэ сынньана таарыйа олорон кэпсэппэтэ. Тохтоон хамсатыгар табаах уурунан оборбутунан барара. Хотууругар тайана түһэрэ. Онтон: «Чэ, кэпсии ис, мин истэ иһиэм» — диэт хотуурунан дайбаабытынан барара. Ол иһэн кэпсииргин сэргии – сэҥээрэ иһэр буолара. Омурҕаныгар чаанньыгын оллоонун уотугар уунан маһынан тутан саамай итии сиригэр сыҕарытан биэрэ турар буолара. Омурҕана да уһуна суох буолара, тиэтэлэ, түргэнэ. Туттара-хаптара сылбырҕата, ньымсата. Биирдэ омурҕаныгар түбэһэн былыргыны кэпситтибит.
Күтүөбүн улахан кытыгырас киһи дииллэр дии, кырдьык дуо? Тыыннаах куобаҕы эдэригэр сырсан тутара дэһэллэр дии? Биир эмит баппыт оҕо баар дуо?
Ээ, ол эдэр сылдьан , саата суох буолан тутар этим. Абааһы киһи таҥаһа алдьанара бэрт этэ. Ол иһин бырахпытым. Борукуоппай син аҕай этэ да дьарыктаммат
Атах оонньуутугар кыттар этиҥ дуо?
Эчи, суох. Абааһытын баран, онно эмиэ тоҕо бадьыыстамый
Сахсаҕа олорон Ньурбаҕа киирэн күнүнэн эргийэн тахсар этэ дэһэллэр
Эдэр эрдэххэ биирдэ эмит сылдьыллара. Кыанар аҕай киһи тоҕо эргиллибэт буолуой. Оннук ыраах сир буолбатах ээ.
Ити этэр сирэ Ньурба Сахсаттан 9 көс. Кэлэ-бара 18 көһү хаамара. Чахчы эрчиллиитэ суох марафонец этэ. Кырдьан да баран сэгэйэ былаастаан хааман иһэрин көрөөччүбүн. Олус үчүгэй майгылаах, күлэ-үөрэ ымайа сылдьар киһи этэ. Көтөн хаалыах түү курдук чэпчэки киһи этэ. Кыыһыра – тымта сылдьарын олох көрбөт этим. Дьиэтигэр киэһэ-сарсыарда мэлдьи тугу эрэ булан үлэлии-хамсыы сылдьар киһи этэ. Тутуура суох сүгүн олорбото. Кыахтых олорбуттара. Сэбиэскэй кэмҥэ да 30-ча ынах сүөһүнү иитэллэрэ. Убайа Киргиэлэй кэргэнэ өлбүтүн кэннэ быраатыгар дьукаах олорбута. Онон икки ыалынан 30-ча сүөһүлээхтэрэ. Колхозтарын устааба биир ыалга биэс ыанар ынах, уон кыра сүөһү, биир ат эбэтэр биэ көҥүллэнэрэ. Сахса сиригэр сэрии курааннарыгар күөллэр уоланнар уолба бөҕө тахсыбыта. Онон ити колхозка хоргуйуу барбатах сирэ. Аас-туор бөҕө мустубут дойдута. Лэппириэн табааҕы төһө да тартар арыгыны олох испэт этэ. Улахан бырааһынньыктарга сүүтүк саҕа үрүҥ көмүс үрүүмкэтигэр тыыннаах испиири уулаабакка эрэ икки үрүүмкэни иһэн баран уурайара. Ыалдьан да кэлин балыыһаламмат этэ. Онон өр олороро буолуо дэнэр этэ. Кыра сэксэгэр бытыктааҕа. Онтун уһаатар эрэ сарбыйан иһэрэ. Ыраас чэбэр таҥастааҕа. Хаатыҥканы сөбүлээбэтэ. Түнэ биитэр сарыы этэрбэстээҕэ. Сэрии иннигэр Алдаҥҥа элбэхтик бэдэрээт көтөхпүтэ. Этин, арыытын эргитээччитэ кэргэнэ Марыыска этэ. Мин аҕабын кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар. Кыһыл көмүс сыбаайбаларын Эрикигэ саҥа дьиэлэригэр олорон бэлиэтээбиттэрэ. Сүүрбэ бууттаах кур эмньик оҕуһу өлөрбүттэрэ. Икки биэдэрэ испиир ылбыттара. Чугастааҕы ыалларын сүүрбэччэ киһини ыҥыран аһаппыттара. Онтон ордубут эттэрин, испиирдэрин уура сылдьаннар сылдьыбыт ыалдьыт аайы иккилии кырбас эти буһаран сиэтэллэрэ. Биирдии кырыылаах ыстакаан тыыннах испиири куталлара. Сыбаайбалара ол курдук кыһыны супту барбыта, кэпсэлгэ киирбитэ. Үөрэ-көтө үлэлии сылдьан биир сарсыарда тиэргэн күрдьэ сылдьан охтон түспүт да өлөн хаалбыт сураҕа иһиллибитэ. 73 сааһыгар олохтон барбыта. Нэһилиэк бочуоттаах гражданина бастакынан буолта. Уордьаҥҥа тэҥнээх «Саха АССР 15 сыла» диэн үрүҥ көмүстэн кутан оҥоһуллубут, кыһыл көмүс суруктаах түөскэ анньыллар улахан знактаах этэ. Оннук знак Саха Сирин үрдүнэн аҕыйах киһиэхэ бэриллибит эбит. 1947 с. Саха АССР Верховна Советын президиумын почетнай грамотатынан, сылгытынан герой буола сыспыт сылыгар, наҕараадаламмыт. «1941-1945 сс. Үлэҕэ килбиэнин» иһин медаллаах. Акана биир дьоһун киһитэ этэ. Икки үрдүк үөрэхтээх уолаттардаммыта. Онтулара орто оскуола дириэктэрдэригэр диэри үүммүттэрэ. Прокопий Ефремович Өлөнүөк орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлии олорон эдэригэр рак ыарыыттан өлбүтэ. Евдокия Ефремовна диэн Чкалов начальнай оскуолатын сэбиэдиссэйинэн өр үлэлээн баран пенсияҕа тахсыбыта. Мария Ефремовна кэргэнинээн Суоппар Дьөгүөрдүүн оҕоломмотохторо. Иитийэх оҕолордоохторо. Маарыйа кыыс сылдьан атаҕынан сырсан ыһыах бирииһэ бөҕөнү сиэбитэ. Онтон биир уола Николай Ефремович Ньурбаҕа оскуола дириэктэринэн өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Хас да оҕоломмута. Онтон сиэттэр бааллар. Онон аҕыйах да буоллар Лэппириэн удьуордарын хаалларбыта.
Николаев Василий Николаевич-Куххата, Акана с., 2004 с.
Компьютерга киллэрдэ, аҕатын рукопиһын баарынан, уларыппакка уола Николаев Макар Васильевич. Дьокуускай к. 2023 с. Кулун тутар 27 күнэ.
- ЧЫЫРАА БӨҔӨ
Алексей Стаханов тыыннаҕын, өссө Үлэ геройа буолбутун бэчээттэн ааҕан баран сөхпүтүм даҕаны, үөрбүтүм даҕаны. Үөрбүтүм тыыннааҕар, сөхпүтүм уһун үйэлэммититтэн. Үлэ, ордук физическэй үлэ киһини олус уһун үйэлиир эбит диэн өссө төгүл итэҕэйбитим. Кини, шахтер Алексей Стаханов, бэйэтин эрдээх уонна хорсун үлэтинэн үйэлэргэ сүппэт паамытынньыгы оҥостубут оробуочай киһи. Кини элбэх сыллар усталарыгар сүппэтэх үлэһит мөссүөнэ биһиги Аканабыт элбэх ахсааннаах колхозтааҕын сүрэҕэр хаалбыта. Холобур, Чыыраа Бөҕө. Ол кини туһунан ыччакка анаан кэпсиэхпин баҕарабын.
Бөҕөтүн туһунан
Эдэригэр саһааны эрэ кыайбат үрдүк уҥуохтаах, киэҥ харахтаах, санныгар күдьүс олорбут моойдоох, кытаанахтык олорбут талкыаччылаах, түөрт кырыылаах силтиллибит киһи. Охтон хаалыам диэбиттии сэрэнэн алтахтаан хаамара. Аҕыйах саҥалааҕа. Кэннин эһэлии эргийэн көрүнэн бытаан туттуулаҕа-хаптыылааҕа. Кини күүстээҕин туһунан элбэх номохтортон сорохторо манныктар.
Сэрии саҕана Хабырылла оҕонньору бурдук астыыр малатыылка тиистээх көлүөһэтин тиэйэн кэлэргэ соруйбуттар. Көмөҕө дьону ыытыах буолтар. Оҕонньор сөбүлэһэн маҥан братскай оҕуһун миинэн барбыт. Алта киһи көмөлөһө тиийбиттэрэ, оҕонньордоро хайы-сах көлүөһэтин тэлиэгэҕэ ууран олорор үһү. Хайдах тиэйдиҥ диэн ыйыппыттарыгар, оҕонньордоро саҥарбатах, көрөн эрэ кэбиспит. Сөҕөллөрө баар, көлөһөнү хайдах чөҥөчөчүттэн уһулу тардыбыта буолуой диэн. Итинтиҥ 25 бууттаах чугуун көлүөһэ ээ дэһэллэрэ.
Биирдэ от кээһэ турбуттар. Этиҥнээх ардах ыган кэлбит, ыксал буолбут. Хабырылла кыдамалыы туран: «Оту тиэйбэхтээн иһиҥ» — диэн ыгылыппыт. Оҕустар кэлиилэрэ сыыдамсыйбыт. Арай биирдэ оҕонньор илиитигэр туох эрэ ыархан биллибит. Үөһээ дьахтар саҥата ньааҕынаабыт. Өйдөөн көрбүттэрэ, оҕонньордоро өтүүлээх сыарҕаны сүөрдэрэр бокуойа суох сыарҕалары, оттору, дьахтардары майыырдары тэҥҥэ от үөһэ быраҕыаҕын оҕус бурҕалдьыта мэһэйдээбит.
Чыыраа омурҕана
Билигин даҕаны уһун соҕустук туран үлэлээри гыннахха, Акана нэһилиэгэр «Чыыраа омурҕана буолаары гынна, иһим-үөһүм сиспэр хам сыстаары гынна, туох ааттаах быстарыгай» — дэһии буолар. Ол бүгүҥҥү көлүөнэҕэ кытта тиийэн кэлбит. «Чыыраа омурҕана» — диэн туох этэй. Оччотооҕу ыччаттар күн ойуута үлэни туталлара. Киэһээҥҥи түөртүүр ыам буолуута омурҕаннаналлара. Оччотооҕу отчуттар сарсыардааҥҥы бастакы омурҕаннара уһун буолара. Ол сиэринэн оҕонньору кытта үлэлэспит дьон кини омурҕана уһунун саллан кэпсииллэрэ. Сарсыарда кыайан аһаабатах киһи омурҕаҥҥа мөрө эстэн тиийэрэ. Бастакы чээйэ түөртүүр ынах ыаһынын чугаһагар буолара. Оҕонньор чаанньыгын ураҕаска иилэн, кулуһун саамай суостаах өттүгэр сыҕарытан биэрэ-биэрэ оргуйуор диэри илиитигэр тутан турар үгэстээҕэ. Онон кини чаанньыга атыттар чээйдэрэ сылласта илигинэ оргуйа охсоро. Онон дьоно чэйдэрин оргутан саҥа аһаан эрдэхтэринэ оҕонньор хайыы-сах аһаан бүтэн уоһун туора-маары соттон баран сөҥ куолаһынан «Чэ бардыбыт» — диэн күлтэччи көрөн турар буолара үһү. Хайыахтарай кыл түгэнэ аһаат отторун кэбиһэ бараллара. Биирдэ дьоно оҕонньору кэһэтээри киксибиттэр. Тууйаска быырпахтаах, сиэптэригэр лэппиэскэлээх отторугар киирбиттэр. Түөртүүр ынах ыама чугаһаабыт. Тохтооботохтор, бокуойа суох отторун тиэй да тиэй буолбуттар. Соторутааҕыта быырпах испит, лэппиэскэ сиэбит дьоннор сыарҕаны субу-субу толороннор ыытан испиттэр. Хабырылла киһи эрэ буоллар дэлби тиритэн ырбаахытын көхсө харааран киирэн барбыт. Оҕонньор дьэ ыксаабыт. Түөртүүр ыам ааһыыта: «Иирдигит дуо? Тохтооҥ!» — диэн ордоотообут. Дьэ ити кэмҥэ от тиэйээччилэри эрдэ босхолоон чэй оргута ыыппыт буоланнар омурҕаҥҥа сөбүлэһэн тахсыбыттар. Бэлэм чэйи испит дьоннор лэппиэскэлэрин сыыһа-халты уобалаат, оҕонньор курдук: «Чэ бардыбыт» — дэһии буолбут. Чыыраа дьонун диэки кыһыл чэлкэхтээх хараҕынан күлтэччи көрөн кэбиспит уонна аһыы хаалбыт. Оҕонньор аһыа р диэри элбэх сыарҕаны аҕалан чохчолоон кэбиспиттэр. Онтон бэртэх Чыыраа оҕонньор дьонун ыгылыппат буолбут. Ол гынан баран бастакы уһун омурҕан син биир уларыйбатах. Кини сарсыарда өттүгэр уһуннук турдахха киэһэ өртүн тулуйуллар баҕайыта диирэ үһү. Онон мэлдьи оҕонньор звенотун дьоно киэһэ күн киириэр, күһүнүгэр от көстүбэт буолуор диэри кэбиһэллэрэ. Ол иһин хас декада ахсын бастыыллара, мэлдьи бириэмийэ ылаллара. Чыыраа наар түөрт көлөҕө кыдамалыыра. Муҥутаан убаҕас окко аҕыс көлөҕө кыдамалаан сылдьыбыттаах.
Чыыраа аһаабыттаах
1952 сыллаахха этэ. Мин колхозка бухгалтердыырым. Атырдьах ыйын бастакы декадатын от оттуур хаамыытын түмүктээтибит. От кээһиитигэр Сылгы сайылыгын звенота бастаата. Бастаабыттарга буспут арыынан бириэмийэ биэртэлээтибит. Бэрэдсэтээтэлим Акимов Г.Е. миигин соруйда. Сылгы сайылыгын звенотугар тахсаҥҥын бириэмийэлэрин туттаран, таарыччы сонуннары кэпсээ диэтэ. Мин арыыбын тус-туспа иһиккэ хаалаан ыырдан илдьэ таҕыстым. Кыдамаһыкка саамай улахан бириэмийэ – икки киилэ арыы баара. Хабырылла икки киһи оннугар 4 көлөҕө идэтинэн соҕотоҕун кыдамалыыра. Күнүскү омурҕаннарыгар тиийдим. Үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар.Мин бириэмийэлэри биир-биир туттартаатым. Аһаатыбыт. Оҕонньор дьонноругар көхсүнэн олорон аһаата. Сыҥааҕа хамсыыр, көхсө лүҥсүҥнүүр. Бу сырыыга налыччы аһаатыбыт. Мин сонунум да элбэҕэ бэрт. Бүтүн колхоз эргимтэтэ, оройуон, өрөспүүбүлүкэ сонуна, тиһэҕэр аан дойду балаһыанньата. Сыалай икки чаас олордубут быһыылааҕа. Оҕонньорбут дьэ эргилиннэ. Миискэтин уунна. Баһыыбалаата. Кураҥхаран бөҕө сылдьыбытым диэтэ. Оҕонньорум кэннин көрбүтүм иһиттэрэ бары кураанахтар. Икки киилэ арыыны уонна биир лэппиэскэни бүтүннүүтүн сиэн кэбиспит. Сирэйэ-хараҕа үөрбүт, сырдаабыт көрүҥнээх. Дьоннорум туоҕу да саҥарбакка туран тарҕаһыы буолла. Кинилэри кытта мэлдьи от кэбиһээччи кулгаахпар сибигинэйдэ: «Муҥнаах кураҥхарбыта ыраатта. Дьоҥҥо кэпсэл оҥостоойоҕун. Лэппиэскэтин биһиги умунуохтаан биэрэбит» — диэтэ. Чыыраа мэлдьи соҕотох ынахтааҕа. Дьадаҥы, аас-туор олохтооҕо. Ол кэнниттэн мин куруук аваанса арыы ыытар буоллум. Акыымабым даҕаны ону сөбүлэһэр буолла. Хабырылла моҕуһа урут иһиллибэт этэ, кэлин да иһиллибэтэҕэ. Аҕыйах сыл кладовщиктаан сылдьыбыта. Эт эттэннэҕинэ эт кыыппаҕын, сыа үлтүрүйбүтүнэнчирэппэккэ айаҕар симинэн иһэрэ дэһэллэр, көрбүттэр. Биһиги тойоттор ардыгар дьадаҥы олохтоох дьоммутугар болҕомтобутун уурбат кыдьыктаахпыт. Ол оннугар көлүүр оҕуһа ырдаҕына хаһаайынын мөҕөр идэлээхпит. Оттон Хабырылла дьиҥнээх көлүүр оҕуһа этэ. Сыллааҕы көлөһүнүн күнэ тыһыынчаттан тахса буолара. Оннук дьоммутун арыт ситэ хааччыйбакка төһөтө хомоппуппут буолуой.
Мас кэрдиитэ
Сэрии кэннинээҕи сылларга саамай кыайыылаах дьон талыллан мас кэрдэллэрэ. Кинилэр биир ыйга отуттуу саһааны охсорго сорудахтаах буолаллара. Маһы наар сүгэнэн мастыыллара. Илии эрбиитин туһаналлара. Чыыраа оҕонньору биирдэ Марха оскуолатыгар анаан Күүлэт диэн сиргэ саһаан кэртэрэ ыыттыбыт. Биир нэдиэлэ буолаат, киһим субу лэҥкэйэн киирэн кэллэ.
• Саһааҥҥытын тутуҥ!
• Бүттэххинэ биирдэ тутуохпут
• Оттон, бүттэҕим дии
• Кырдьык дуо? Тоҕо бэрдэй!
• Тугу онно майаачылана сылдьыамый, бүтүөҕү бүтэрэн кэбиһиминэ
Мин оччолорго суоччут этим. Оҕонньор уурбут-туппут курдук 60 кубометр маһы мастаан, хайытан саһааннаан кэбиспит этэ. Өссө мутугун солоон чохчолообут. Маһын үстэ охсон быһарга сөптөөҕүн талар эбит, төрдүс охсуутун хайа охсон ааһар эбит. Ол маһа сөбүгэр суон, ортотунан хайыннаҕына ааттаах кэрчик буолар эбит. Сорудаҕы аҕыс күн иһигэр толорбут. Ол аата Чыыраа күҥҥэ 7-лии кубометртан ордугу охсубут. Ону таһынан күнүн ахсын кэлэ-бара 8-тыы биэрэстэни хаамарын эбэн кэбис. Ити баһырхай үлэттэн олус салла санаатым. Туох ааттаах бухатыыра сылдьарый диэн. Билиҥҥи орто сүһүөх дьоннортон арай Чкалов олохтооҕо Егор Дыдырысов күҥҥэ үстүү саһааны охсор буолара. Чыыраа саһааны эрэ охсорунан аатырбатаҕа. Күҥҥэ 150 сиэрдийэни кэрдэн, сулуйан кэбиһэрэ. Онтон нуорма 40 сиэрдийэ буолара. Арыт күннээҕи 100 тоһоҕотун оннугар 800 тоһоҕону быһан сулуйара, чохчолуура. Кэрдибит маһын мутугун утары ыраастаан иһэрэ. Оҕонньор 70 сааһын ааһан баран оскуола дьиэтин маһын кэрдиитигэр кыттыбыта. Мас талыыта кэрдиллибитэ. Оччолорго даҕаны кини илиитэ сэниэлээх этэ. Күҥҥэ 40 талыы бэрэбинэни кэрдэрэ. Чөҥөчөгө «Дружбанан» эрбээбит курдук лаппаҕар буолара. Арай кинини кытта Күүстээх Кирилэ саамылаһара.
Чыыраа Алдаҥҥа сырыыта
Хабырылла оҕонньор эдэригэр Алдаҥҥа хаста да сылдьыбытынан сураҕырар. Мэлдьи түөрт атынан барара үһү. Биирдэ Аанньаах (Өлүөхүмэ) дьонун суолга көрсүбүттэр. Төннөн кураанах сыарҕалаах иһэллэрэ үһү. Сүүрбэччэ аттаах 5-6 киһини көрсүбүттэр. Биһиэннэрэ аҕыс атынан икки буолан таһаҕастаах көрсүбүттэр. Таһаҕастаах акка таһаҕаһа суох ат булгуччу туоруохтаах диэн суруллубатах суол быраабылата баар эбит. Аанньаахтар сэнээн туораабатахтар, аҕыйах көлөлөх дьон эһиги туорааҥ диэн буолбут. Мөккүөр турбут. Аанньаах киһитэ ат иһэхтиир өтүйэтин туппутунан Хабырылланы охсоору ураҕас саҕа киһи бэкилдьийэн кэлбит.Хабырылла кыыһырбыт, көрсүбүт киһитин хонноҕун анныттан ылан баран ыраах баҕайы суол таһыгар бырахпыт. Киһитэ дириҥ хаарга умса түһэн булумахтана сыппыт. Бастакы аты хомуутуттан ылан суолга сыарҕалары баҕастары хаарга тиэрэ бырахпыт. Аанньаахтар ыксаабыттар, ааттаһан нэһиилэ тохтоппуттар. Суолтан бокуойа суох туораан барбыттар. Ол сурах Алдан суолугар түргэнник тарҕаммыт. Оннук киһини көрдүгүт да эрдэттэн туораан биэрэр буолуҥ диэн буолбут. Онон Чыыраа Алдаҥҥа аҥаардастыы сылдьан кэлэр буолбут.
Кыайтарбатах үлэлэр
Хабырыллаҕа кыайтарбатах үлэлэр эмиэ бааллара. Үйэтигэр оту кыайан охсубатаҕа. Муҥутаан сылдьан биир дэһээтинэ сири «солуойдаан» бүтэрэрэ.
Оту үйэбэр сатаан охсубатаҕым, сиһим ыалдьар идэлээх этэ – диирэ. Бука ол хотуурун угун олус кылгас оҥостон , умса тоҥхороҥнууруттан эбитэ буолуо. Кини холугар сөптөөх хотуур суоҕа эмиэ тоҕооспут буолуон сөп. Биир сирэр үлэтэ сиэрпэнэн бурдук быһыыта этэ. Хата ол оннугар бэдэрээккэ икки буут (0.32 га) сири биир күн табыйан бүтэрэрэ дииллэр. Колхозка кырдьан баран икки сыл кладовщиктаан сылдьыбыттаах. Ол үлэтиттэн кэлин: «Үлэтэ суох буоллум, ыарыйдым, бөлөдөбүөй буоллум» — диэн матыыптаан кыккыраччы аккаастаан кэбиспитэ. Уопсайынан мытаары соҕус кэлии-барыы үлэни сөбүлээбэт этэ.
Мин саха бухатыыра этэ диэн Чыыраа оҕонньор күүһүн үлүннэрэ соҕус кэпсээн суруйбатым. Чахчы баары баарынан кыанар киһи үлэтин суруйдум. Итинник күүстээх киһи үлэлээминэ, кыайыы- хотуу бөҕө буоллаҕа дии дэһиэххит баҕар. Суох, оннук буолбатах диэх этим. Күүстээх Соппуруон баара дии, үлэтинэн төһө аатырай этэй? Бөчүгүрэс бөҕө даҕаны, Докторов бухатыыр даҕаны үлэлэринэн-хамнастарынан аатырбыттара эмиэ иһиллибэт. Кинилэр күлүмэх күүстэрин туһунан норуокка номохтор хаалбыттар. Мин кэпсээбит киһим күүһүн-күдэҕин туһунан эрэ буолбакка кини күлүмэх үлэтин дьон-сэргэ хайҕаан сэһэн оҥостубут хоһуун колхозтаах, маҥнайгылартан биирдэстэринэн «стахановец» аатын ылбыт Чыыраа бөҕө олох быйаҥа элбэх үлэнэн, үгүс сыранан, көлөһүн бөҕө тохтон оҥоһулларын дириҥник өйдүүр үлэһит этэ. Билиҥҥи кэмҥэ Чыыраа курдук сүрэхтээх, кыайыгас үлэһиттэр тоҕо суох буолуохтарай, баалар бөҕө буоллаҕа. Ол гынан баран биирдиилээн биллибэттэр, көстүбэттэр. Ити баҕар үлэбит тэрээһиниттэн буолуон сөп. Егоров Гаврил Иванович 1875 – 1963 сылларга олорон ааспыта. Кэннэки олох тупсуутун кыайан көрөөхтөөбөтөҕө. Аатын ааттатар оҕото-уруута суох. Соҕотох уоллааҕа өлбүтэ.
Николаев Василий Николаевич-Куххата 1985 с, Акана с.
Автортан: 1985 с. балаҕан ыйын 13 к. «Коммунизм суола» хаһыакка тахсыбыта.
Компьютерга киллэрдэ, аҕатын рукопиһын баарынан, уларыппакка уола Николаев Макар Васильевич. Дьокуускай к. 2023 с. Кулун тутар 28 күнэ.
- КИҺИ КЫЛААННААҔА ЭТЭ
Мин кинини аан бастаан 1951 сыллаахха муус устар ыйга көрбүтүм. Ол күн Акана нэһилиэгэ «Ленин суола» Үөдэй нэһилиэгин Чкалов аатынан, I Хаҥалас «II-с пятилетка» колхозтар баҕа өттүлэринэн холбоспут күннэрэ этэ. Кыра кулуупка лыык курдук симсэн олорор мунньах дьонун ортотунан аҥара холо төрдүттэн суох фронтовик ойон туран күөмэйин оҥостон тыл көрдөөтө:
- Биһиги эһигини кытта ыллыбыт да мэнээк холбоспотубут. Кэнньиэһинэ, биричиинэлээх. Биһиэхэ ходуһа дэлэгэй, от үүнэр. Оттуур сирбитин бэйэбит күүспүтүнэн кыайан оттообоппут. Оттоммокко хаалар сирбит баһаам. Оттон эһиэхэ оттуур ходуһаларгыт аҕыйах. Ол оннугар эһиэхэ бурдук үчүгэйдик үүнэр. Хортуоппуйу да төрөтөҕүт. Оттон биһиэхэ хайата да кыайан үүммэт. Онон биһиги мэлдьи эһиэхэ ымсыырабыт. Оттон эһиги окко наадыйаҕыт. Бу Кынаачай биһикки уонна Тайыыла буоламмыт эһиэхэ холбоһорго дьоммутун өйдөтөн холбоһон эрэбит. Холбоһууну оройуоммут салалтата сөбүлээбэтэҕэ. Нэһилиэккитин ыһаҕыт диэн. Биһиги туруорсуубутун Чэрбэкиэп өйөөтө. Онон бу холбоһон эрэбит, баҕа өттүбүтүнэн. Кэнэҕэһин даҕаны айдаан, иирсээн тахсыа суоҕа диэн эрэнэбит. Миигин Чыкаалаптар биригэдьииринэн хааллраары оҥостубуккут. Мин буолуммаппын. Арааһа илиитинэн кыайан үлэлиэ суоҕа диэн айах биэрэр быһыылааххыт. Бэйэм үөрэҕим суох, бэлиэтэнэбин эрэ. Урукку курдук кыайан үлэлээбэппин. Ол эрээри орто колхозтаах үлэтин үлэлиэм дии саныыбын – диэн этээт олорунан кэбистэ. Мин сэҥээрэ иһиттэҕим буолуоо, бука. Тохтобулга кинини чугастан көрөөрү булан кэпсэттим.
- Ылдьаа диэммин. Миитэрэйэппин. Баҕар истибитиҥ буолуо. Торбуокка дьадаҥы Моһооччуктар диэн ыаллар бааллара. Олортон иккиэбит. Быраатым Үөдэйгэ олорор. Эн аҕаҕын хам-түм көрөр этим. Эрдэ өлөөхтөөбүт эбит. Көмөлөөн колхозпутун байытыахпыт. Мин этэрим сөп буолбат дуо?
Билсибит киһибин чинчилии көрөбүн. Симмит курдук толору эттээх-сииннээх, түөрт кырыыланан көстөр орто уҥуохтаах. Сиртэн үүнэн тахсыбыт киил чөҥөчөктүү киппэ көрүҥнээҕэ. Кытаанах талкыаччыта, суон моонньо сөрү сөптүк дьүөрэлэһэллэрэ. Тиэрбэстии эмпэрэлээх халтаһата, сытыы, өйдөөх хараҕа кытаанах көрүҥнүүрэ. Ыраас, чиэһинэй дууһата сирэйигэр-хараҕар сурулла сылдьар курдуга. Кыһаан хаана, үчүгэй сэбэрэтэ киһини бэйэтигэр тардан ылара. Тыла-өһө лоп-бааччы, мэнээк ыһыахтаммат этэ. Саллаатын гимнастеркатын кэтэн сылдьара. Холо суох илиитин сиэҕин куругар кыбыттыбыта ураты көрүҥнүүрэ.
• Аҥаар илиим Ыстаалын куоратыгар хаалбыта. Хайыабыный, бу илиибинэн олох олорорго охсуһан көрүөм – диэн баран уҥа илиитин салыбыратта.
Мунньах бүттэ. Ылдьааны «Хон» — диэн ыҥырбыппар буолбата, «Дойдулуом» — диэтэ. Түүн үөһэ буолуор диэри утуйбакка эрэйдэнним. Нэһилиэкпитигэр сэриигэ сэймэктэнэн кэлбиттэри барыларын аттаран толкуйдуу сатаатым. Аҥаар атаҕа суох киһилээхпит. Сэбиэттиир. Онуоха ити биир бүтүн холо суох киһи эбилиннэ. Биригэдьиириттэн аккаастанна. Атахтарынан доҕолоҥнуур, тарбаҕа мэлийбиттэр, ойоҕосторуттан көҕүрэттэрбит, аҥаар харахтарыттан мэлийбит, эттэрэ-сииннэрэ сиидэлэммит киһи эчи элбэҕин. Кинилэр күүстэринэн олохпутун чөлүгэр түһэриэхпит, саҥалыы оҥостуохпут кэллэҕэ. Ыархан суоллар, ыар санаалар. Киһи бэркиһиэх олоххо дьулуурдара самныбатаҕыан, инникигэ дьулуурдара кытаанаҕыан. Кинилэр харса суох үлэлэринэн 5-6 сыл иһинэн олохпут тупсан, саҥалыы сайдар суолу көрдөөн, холбоһон, күүс эбинэн күүрээннээх суолга таҕыстахпыт. Барҕа махтал, кинилэргэ, сэрии кыттыылаахтарыгар.
Ылдьааны кытта кини ыраах дэриэбинэҕэ олорор буолан тута бодоруспатаҕым. Ол гынан баран Тиэтэл инньэ диэбит, Тиэтэл оннук оҥорбут диэни элбэхтик истэр буолбутум. Биирдэ кимтэн эрэ «Ылдьааны тоҕо Тиэтэл диэн хос ааттаабыттарый?» — диэн ыйыппытым. Чкалов колхоһугар бэрэдсэтээтэллии сылдьыбыта, сэрии иннигэр. Онно дьаһала барыта «тиэтэллээх» буолара. «Тиэтэйиҥ» — диэн тыллааҕа. Онтон Тиэтэл буолан хаалбыта. Ылдьааны кытта колхознай оскуоланы бүтэрэн кэлэн баран 1956 сылтан үчүгэйдик бодоруспутум. Мин агроном этим. Чкалов бөһүөлэгиттэн Аканаҕа киирэн маҕаһыыҥҥа остуорастыыр этэ. Маҕаһыын икки оһоҕор ойууртан мас кэрдэн, көлөнөн тиэйэн киллэрэн, мастаан уот отторо, олбуор ыраастыыра. - Бааһынаҕа ноһуом кыайан таһыллымаары гынна. Ыаллар балбаахтарын мин таһыым. Ханна таһылларын ыйан кулу. Соһуйбуппун биллэ быһыылаах.
- Кыһаллыма, биир балбааҕы көтөҕөр илии баар, кыайыам.
Онон биир ылгын үлэһиттэнним. Өрүү хойутаан, бытааннык өйдүүр идэлээхпин. Тыаттан аҥар илиитинэн модьу тииттэри кэрдэн, сэттэ биэрэстэлээх сиртэн көлөнөн тиэйэн киллэрэн мастаан кумалаан кээһэрин, ол үөһэ бэйэтин хаһаайыстыбатыгар от-мас бэлэмниирин өйбөр аттара сатаан баран дьэ салынным. Онуоха ити мин балбааҕым эбилиннэҕэ. Саас муус устар ыйга: «Үлэбин тут, көр, көлөһүнүм күнүн аах» — диэтэ. Көрбүтүм 3,5 гаалаах Бырадьаагы диэн бааһынаны бүтүннүү балбааҕынан тэлгэппит этэ. Ол сыл ити бааһынаттан алта бункер бурдук ылыллыбыта. Төһөлөөх сыра сылба барбыта буолуой, ылыммыт сорудаҕын толорорго. Мин ол бааһынаттан гектарыттан 17-лии центнер бурдук үүннэриллибитин мэлдьи ахтар буолбутум. Ноһуом үрдүк үүнүүнүбиэрэрин дакаастыырым, «Ылдьаалыы үлэлээҥ» — диэн агитациялыырым. Кини мэлдьи үлэ эрэ туһунан кэпсэтэрэ. Сэриилэспитин туһунан бэрт кэмчитик кэпсиирэ. Онон хойукка диэри ханна, хайдах сэриилэспитин үгүспүт билбэт этэ. Бэл туох орденнааҕын, медалааҕын билбэт этибит. Сэриилэспит, аҥаар илиитэ суох буолбут диэнинэн муҥурданарбыт. Биирдэ түбэсиһэн от тиэйбиттээхпит. Уонтан тахса кэбиһиилээх оттоох күрүөттэн Липпэттэн бииргэ ылбыппыт. Ылдьаа ото күрүө оттотугар түбэспит эбит. Миэхэ күрүө кытыытыгар баара. Миэнэ тиэйэргэ тоҕоостоох баҕайы. Ылдьаа тордуоктаан баран оттор быыстарынан соһон тиэрдэрэ. Иккиэн күрүө уҥуор маҥаар өттүгэр сыарҕабытын туруоран тиэйэрбит. Мин илиитэ суох киһиэхэ көмөлөһөөрүбүн оппун харса суохтук тиэйдим. Оппун саҥа толорон эрдэхпинэ киһим атын сиэтэн бу тиийэн кэллэ. Сыарҕата үллэн түһэн сүрдээх, балтарыга да модьута бэрт. Киһим сөхтө быһыылаах: «Баһылай Ньукулаайабыс киһи эрэ буоллар оту сатаан тиэйбэт эбиккин дии. Көмөлөһөбүн дуо?» Саатаммын сырайым кытаран хаалла: «бэйэм да налыччы тиэйиэҕим» — диэтим. Киһим бааспата. Кэлин сөҕөммүн дьоҥҥо кэпсэл оҥоһуннум.
«Һы, Ылдьааны кытта тэҥнэһээри гыммыт дии. Оннооҕор биһиги тэҥнэспэппит» — диэтилэр. «Ылдьаа тордуоҕунан сыарҕа чиэппэрэ оту биирдэ тордуоктаан ылан соһон илдьэр да тордуоҕуттан араарбакка тордуоҕун төрдүттэн тутан баран аҥаар атаҕынан тэбэн көмөлөһөннүрэн үс мас бүтэйи үрдүнэн көтүтэн сыарҕатыгар ууран лаглас гыннаран кэбиһээччи. Инньэ гынан аҕыйах тордуоҕунан толорон кэбиһэр. Балтарыгар да иҥнибэт. Быатын тииһинэн ытыран баран илиитинэн көмөлөһүннэрэн биирдэ түһэн кэбиһээччи. Баайыар диэри ытыран турар».
Чахчы киһи кылааннааҕа этэ. Икки хостоох ампаар дьиэтин маһын суоран соҕотоҕун бэйэтэ туттан кэбиспитэ. Хам-түм киһи көмөлөһүннэрэрэ. Түннүгүн арааматын бэйэтэ оҥостон кэбиспитэ. Хаптаһыннарын үүттүүрүгэр эпсэри тутар станок оҥостубута. Кыра сэбирилиэгинэн үүттээн баран долотунан дэхсилээн кэбиһэр этэ. Ыалларга ыскаап, түннүк араамата, ыстаамана оҥортоон биэрэрэ. Хайдах да бэйэлээх буулаҕа аттары айааһаан көлүнэрэ, мииннэрэ. Ылдьаа уһуннук сылгыһыттаабыта. Киниэхэ ити үлэ дьүөрэлээх курдуга. Аҥаар илиилээх да буоллар сылгыһыттарын кытта тэҥҥэ сылдьыһара. Массынанан от оҕустарары баһылаабата. Буоһатын тииһигэр ытыран иһэр буолара. Аҥаар илиитинэн массыынатын рычааҕын тутара. Оннооҕор илиитинэн от охсоро, мунньара. Хотуурун угун төбөтүн үүттээн баран тирбэҕинэн хаҥас холун төҥүргэһигэр маанан кэбиһэрэ. Аҥаар илиитинэн дуускатыттан тутан дайбаабытынан барара. Икки илиилээхтэртэн хаалсыбата. Кыраабылын аҥаар илиитинэн тутан, атаҕынан тэбэн көмөлөһүннэрэн мунньара. 19 сыл тохтоло суох сылгыһыттаабыта. Сылгы иитиитигэр ситиһиитин иһин 1965 сыллаахха Саха АССР Верховнай Советын президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Илья сылгыһыттыыр кэмигэр отделение сылгыта 900-ҕа тииййбитэ. Сылгыны алта буолан көрөллөрө. Кыстыыр отторун бэйэлэрэ оттууллара, бэйэлэрэ кыһын аһаталлара, төрөтөллөрө. Чкаловка Муоһааны колхоһу тэрийсибиттэртэн биирдэстэрэ. Чкалов аатын сүкпүтүн кэннэ 2 сыл бэрэдсэтээтэллээбитэ. 1940 сылтан 1942 сылга сэриигэ барыар диэри ынах ферматын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Уралга аҕыйах ый үөрэнээт Сталинград оборонатыгар быраҕыллар. Онно 2,5 ый сэриилэһэ сылдьан ыарханнык бааһырар. 1943 с. иккис группалаах инбэлиит буолан дойдутугар эргиллибитэ. Колхоз бөдөҥсүйүөр диэри 1951 сыллаахха диэри колхоһугар хонуу биригэдьииринэн үлэлиир. Ылдьаа ааттаах булчут киһи. Аҥаар да илиилээх буоллар тозовканан тииҥи харахха түһэрэр ытааччы. Биирдэ Чкаловка Отордообут диэн сиргэ бииргэ түбэсиһэн кыттыһыы бултаатыбыт. Саатын бэстилиэттии тутан ытара. Наар көтөн иһэр куһу туран эрэн ытыалыыра. Арыт иккилиитэ субурутара. Хам-түм сыыһара. Сыыстаҕына маат-куут бөҕөнү түһэрэрэ. Ол киэһэ 17 куһу сууһарда. Минни икки илиилээх ытааччы уончаны эрэ өлөрдүм. Булт бэрээдэгинэн үллэһиннэхпит дии. Мээнэ кыыһырбат, киэҥ көҕүстээҕэ. Сүрэҕэ суох уонна ымсыы киһини киһини өлө абааһы көрөрө. Олус чиэһинэйэ, итэҕэстэргэ-быһаҕастарга эйэлэспэт этэ. Тойотторго ньылаҥныыры сөбүлээбэт этэ. Мунньахтарг мэлдьи кэпсэтэрэ, санаатын аһаҕастык этэрэ. Ардыгар уоттаах кириитикэни тардан кэбиһэрэ. Оскуола оҕолоругар фронтовик буолан мэлдьи ыалдьыттыыра. Табааҕы таппат этэ. Арыгыны итирбэттии хам-түм иһэрэ. Айылҕа оҕону кэмчилээбит киһитэ. Бэйэтигэр дылы соҕотох уоллааҕа. Эдэр сааһыгар ол уола эмискэ өлбүтэ. Ол уолуттанЫлдьаа диэн ааттаах соҕотох сиэннээх. Кэргэнин балтытыттан уоллаах кыыһы ииттибитэ. Онон буруота олох сабыллыбата. 1915-1976 сылларга олорон ааспыта. 1976 сыллаахха муус доруобай сылдьан куртах рагар ыалдьан өлбүтэ. Хорсуннук сэриилэспитин иһин «Албан Аат III степеннээх» орденнаах, «Сталинград оборонатын иһин» медаллаах, алта юбилейнай медаллардаах. «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» медаллаах. 1972 с. нэһилиэк бочуоттаах гражданина буолта. Элбэх бочуотунай грамоталардаах, 1947 сылтан ССКП чилиэнэ. Хаста да партийнай тэрилтэ бюротун чилиэнинэн талыллан үлэлээбитэ. Районнай партийнай конференцияларга иккитэ делегат буолан сылдьыбыта.
Автортан: 1994 с Балаҕан ыйын 5 күнүгэр «Нюрба» хаһыакка очерка быһыытынан бэчээттэммитэ.
Компьютерга киллэрдэ, аҕатын рукопиһын баарынан, уларыппакка уола Николаев Макар Васильевич. Дьокуускай к. 2023 с. Кулун тутар 28 күнэ.
- ТЫКААРЫ СИЭТТЭРЭ
Акана Сататыгар Тыкаары уолаттара олорон ааспыттар. Бары бөдөҥ-садаҥ дүлүҥ курдук дьоннор этилэр. Хайалара да күүстэринэн өттөйбөттөрө. Көрсүө-мааны дьоннор этилэрэ. Мин кинилэри барыларын көрүтэлээбитим. Сорохторун кытта аймахтаспытым. Саамай улаханнара, саастаахтара Сулукаай Уйбаан этэ. Кырдьарын диэки төбөтүнэн ыалдьыбыта. Бырааттара сатамматаҕын иһин хаһаас ампаарыгар хаайан баран хатаан кэбиспиттэр. Сарсыарда тахсан көрбүттэрэ киһилэрэ ампаарга сытар эт эттиир дүлүҥү ампаардарын эккинин өрө көтөҕөн баран туруору кыбытан кэбиспит. Киһилэрин өр көрдөөн булбуттар уонна кэлгиэҕэ сытыарбыттар. Ол курдук сытан баран өйдөнөн, киһитийэн сылдьан өлбүтэ. Соҕотох уоллааҕа, биир кыыстааҕа. Олортон син сиэттэр бааллар. Махсыын диэн уоллара мин эһэбэр Орбоодьоҕо иитиллибитэ. Сэрии сылларыгар уонча сыл бэрэдсэтээтэллээбитэ. Аҕыстаах кыыл аты кыбынан туран хомуут кэтэрдэр кини. Икки кыыстаах. Онтон оҕолор бааллар, Ньурбаҕа олороллор. Тыкай Ыстапаан диэн саамай кыра уоллара мин эһэбэр иитиллибитэ. Күүһүнэн биллибэт. Лэһэй Уйбаан диэн Сулукаай анна уол баара. Маайа диэн соҕотох кыыстааҕа. Ол Дыдыай уола Дьэриэмҥэ кэргэн тахсыбыта. Хас даҕаны оҕоломмуттара. Ким диэн уол бэрткэ тустан испитэ, I разрядтаммыта. Барсымахтыах киһи эдэригэр бүөрүнэн ыалдьан өлбүтэ. Чаалбаан Баһылай уолун Сэмэни ииттэ ылбыта. Ол күүһэ суох этэ. Лэһэй бэйэтэ мас ууһа этэ. Дьиэтин бөкүнүк бэрэбинэннэн туттан баран, арба сүгэнэн туруорбутунан суоран хопто иһин курдук оҥостубута. Итинник ньыманнан сэниэлээх эрэ киһи туттар. Батаа диэн уһун уҥуохтаах хатыҥыр соҕус киһи баара. Билээччилэр бэйэтин лаппа кыанар этэ дэһэллэр. Икки уоллааҕа атахтарыттан иҥнэн охто сылдьар мөлтөх дьоннор этилэр.
Малыһаар Дайыла улахан уҥуохтаах бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх киһи баара. Баайтаһын биэни таһырдьа өлөрөн баран истэри- хоойдору соҕотоҕун соһон, дьиэтигэр киллэрэн астыыра үһү. Уон бууттаах хааһахха кутуллубут бурдугу муустан суол устун соһон тиэргэнигэр аҕаларын, эмээхсинэ соҕотоҕун көтөҕөн ампаарыгар уган кэбиһэрэ диэн кэпсииллэрэ. Күүһүнэн оҕонньорун сабырыйар буолуохтаах дэһэллэрэ. Тыкаары уолаттара «Молодойга» (колхоз аата) ити курдук аҥаардастыы аатыран олорбуттара. Билигин кинилэртэн удьуордаах икки уолу кэпсии түһэн ааһыам.
КҮҮСТЭЭХ МӨЛӨНКҮӨП
Малыһаар кыра уола Мөлөҥкүөп диэн этэ. Кини иннигэр Сирэй Бөҕө — Егоров Василий Дьокуускайга улахан үлэһит буолан олорор. Эмиэ төрөл, модьу-таҕа киһи. Күүһүн биллэрбэккэ сылдьар. Көрүҥ-иттэ чахчы бухатыыр.
Мөлөҥкүөп сурукка киирэрэ аата Егоров Николай Данилович. Акана оскуолатыгар үөрэммитэ. Сүүстэн тахса киилэлээх улахан төрөл киһи. Улахан мөлөгөр сирэйдээҕин иһин оскуолаҕа Мөлөҥкүөп диэн ааттаммыта. Соколов Петр Николаевич Акана оскуолатыгар завучтаан сылдьан оскуола көрүдүөрүгэр эрчийбит уола. Саха АССР хапсаҕайыгар хаста да чемпионнаабыт, биирдэ абсолютнай чемпион аатын сүкпүт тустуук. Саха АССР спордун маастарын 1961 с. сүкпүтэ. 1962 с. тас Монголияҕа хуреш диэн тустууларыгар баран республика аатыттан 3-с миэстэҕэ тиксэн үөрэн көтөн кэлбиттээх. Совхозка, кэлин райсоюзка уһуннук суоппардаабыта. Энцефалитынан ыалдьан тустарын эрдэ бырахпыта. Оҕо сылдьаннар кэргэнэ Ааналыын оттуу сылдьаннар Лөчүөк баай хаһааһын ампаарын үрдүнэн уҥуор-маҥаар тураннар икки бууттаах гиряны төттөрү-таары бырахсан оонньууллара. Хоно сытан көрөммүн олус сөхпүттээҕим. Онно да күүһүмсүйэр уолаттар бааллара да кинилэр курдук тамнаабаттара. Хас киэһэ аайы аһаан бүтэн баран утуйалларыгар эрчиллэр идэлэрэ эбит этэ. Онон икиэн тэҥ дьон ыал буолбуттара. Утумнааччы хаалыаҕын, биир уолларын өлөрөн кэбиспиттэрэ. Мөлөҥкүөп сааһыран баран олус аһыыр буолбут этэ. Биирдэ оройуон остолобуойугар түөрт киһи аһыыр порциятын биир остуолга олорон соҕотоҕун сиэн кэбиспититтэн сөхпүтүм. Инньэ гынан өлөрүн чугаһыгар олус уойбут этэ. Ньурбаҕа олорон өлбүтэ.
КҮҮСТЭЭХ ДЬӨГҮӨР
Егоров Егор Николаевич – Күүстээх Дьөгүөр Малыһаар сиэнэ. Малыһаар Егоров Николай Данилович диэн бастакы оҕото баара. Орто соҕус уҥуохтаах оччугуй киһи. Күүһэ-күдэҕэ суох көннөрү киһи. Оҕолор мөлтөҕүн иһин Сеянка алаадьыта диэн хос ааттаабыттара. Онон Сиэйэҥкэ Ньукулай диэн биллэр, араарыллар аат буолта. Ньукулай биир уоллаах Дьөгүөр диэн, биир кыыстаах. Иккиэн Ньурбаҕа олороллор. Дьөгүөр оҕо оҕо курдук кыра эрдэҕинэ эт чаллах оҕо этэ. Көрсүө-сэмэй майгыннааҕа. Оҕолору кытта тэҥҥэ оонньуура. Онтон ахсыс кылаас кэнниттэн эмискэ улаатан барбыта. Ылбыт таҥастара сылын аайы баппат буолан испиттэрэ. Көҥүл тустууга эрчийэ сатаабыттара да көнтөрүгэ бэрт буолан кыамматаҕа. Оҕолор көҥүл тамныыллара. Бэйэтин күүһүнэн бэйэтин охтороллоро. Икки бууттаах гиряны мээчик курдук тутара. Уҥа илиитинэн өрө анньан 50 ахсааҥҥа тиэрдэр буолта. Техникаҕа умсугуйбута. Оскуоланы бүтэрэригэр 100-чэ киилэ ыйааһыннаммыта. «Минскэй» мотоциклын хонноҕун анныгар кыбына сылдьар буолбута. Ханнык да үлэттэн иҥнибэтэ. Грузка киирдэҕинэ иккилии куул бурдугу хонноҕун анныгар чэпчэкитик кыбына сылдьар буолта.
Ыһыахтарга тустара, мас тардыһара. Мэлдьи бириистээх миэстэлэргэ тиксэрэ, ардыгар абсолютнай чемпион буолааччы. Кэлин олус модьураабыта, 130 кг ыйааһыны үктүүр буолбута. Олус аһыыра. Ытыһа сыа буолан тардыһар маһы кыайан туппат буолта. Онон төлө тутара элбээбитэ. Аныгы тустуу албаһыгар үөрэммит уолаттар куота көтө сылдьан сыыһа-халты харбатан умса садьыйар буолбуттара. Биирдэ эмит илиилэриттэн ылан хам ыллаҕына, бэйэтигэр хам кууһа сылдьан баран эмискэ ыһыктан бырахтаҕына эрэ охтохтуура. Аны кини ыйааһыныгар сөп түбэһэр киһи көстүбэккэ муҥнуура. Сири дьөлүтэ үктүөм диэн аа-дьуо баадаҥныыра, нэһиилэ алтахтыыра. Сыгынньахтаннаҕына быччыҥ быччыҥа, эт этэ туспа салыбырыы сылдьар буолан хаалар, этин күүртэҕинэ атыыр оҕус курдук көрүҥнэнэр. Сааһынан эдэр 1955 с төрүөх. Ньурба коммунальнай хаһаайыстыбатыгар механиктыыр. Олус бытааннык ыган саҥарар, саҥата сөҥ. Дьиҥнээх күүһүн кэмнээн көрбүт суох. Аныгы ыччаттан арай Бахча Баатыр саамылаһара буолуо. Оннук төрөл, астык ыччат.
Мин харахпынан көрбүт, кэпсэтэн билбит эрэ дьоммун суруталаатым. Аныгы да ыччаттарга күүстээх, быһый уолаттар бааллар аҕай. Сыччах биир кыра нэһилиэктэн 7 ССРС спордун уонна Саха АССР спордун маастардара үөскээбиттэрэ. I, II разрядтаах тустууктар уонунан ааҕыллаллар. Билигин даҕаны оройуон күрэхтэһиилэригэр спортка нэһилиэк мэлдьи маҥнайгы үс бириистээх миэстэлэргэ сылдьар.
Былыргы ыһыахтарга дьонтон охтубатах Тооспой, Күүстээх Холоо, Игнатий Васильев, Петр Соколов, Кирилл Петров,Данилов Гаврил – Туораах Бөҕө билиҥҥэ дылы дьон уоһуттан түспэккэ кэпсэлгэ сылдьаллар. Арааһата ити ыраахтан сыдьааннаах Мунньан Дархан удьуордара буоларбытын туоһулуу сылдьар быһыылаах. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ эҥин эҥиннэр үөскүөхтэрэ турдаҕа. Киһи быһа саҥарбат. Айыыһыппыт киэр хайыспатаҕына хаһан эрэ үөскүөхтэрэ диэн эрэллээхпит.
Николаев Василий Николаевич – Куххата, 2004 с. Акана с.
Компьютерга киллэрдэ, аҕатын рукопиһын баарынан, уларыппакка уола Николаев Макар Васильевич. Дьокуускай к. 2023 с. Кулун тутар 28 күнэ.
Николаев Василий Николаевич
Советскай-партийнай үлэһит, РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ньурба улууһун, Акана нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл ветерана, кыраайы үөрэтээччи.