1941 сыл, бэс ыйын 22 күнэ. Сарсыарда 4 чааска фашистскай Германия уоттаах сэриинэн туох да сэрэтиитэ суох биһиги дойдубутугар эмискэ саба түспүтэ.
Бу күн Арассыыйа үрдүнэн — КУТУРҔАН КҮНЭ.
Сэрии! Бу тыл хам-бааччы олорбут Ньурба ыалларыгар этиҥ буолан дьириһийбитэ… Аҕыйах хоноот, дьоҥҥо бэбиэскэ кэлитэлээн барбыта. Толооҥҥо сир хорута сылдьан, алааска от охсо туран туталлара — ити бэбиэскэни. Туталлара — сыралаах улэттэн сылайан утуйа сытан. Сорох таптыыр кыыһыныын күүлэйдии сылдьан, оттон сорох — биһиктээх оҕотун туһэҕэр бигии олорон…
Сааһын тухары булка эрэ сааламмыт саха киһитигэр сэриигэ барыы, өлө эрэ барыы курдук өйдөнөн, ордук дьулаан, ордук тыйыс буолан иһиллибитэ. Сэрии сокуона биир — бэбиэскэ кэлэрэ үксээн испитэ…
Ньурбаттан уоттаах сэриигэ 2697 киһи ыҥырыллан барбыта. Сэрии хонуутугар 1152 саастарын үгэнигэр сылдьар, эдэр, орто саастаах эр дьоммут, биир дойдулаахтарбыт өлөн эбэтэр сураҕа суох сүтэн хаалбыттара.
Тыылга, Ньурбаҕа хаалбыт кырдьаҕас оҕонньор, эмээхсин, дьахтар, оҕо күүстээх үлэ үөһүгэр олороохтообуттара. Аармыйа оборуонатыгар харчынан 1241 394 солкуобайы, 52,2 киилэ кыһыл, үрүҥ көмүһүнэн, 8052 устуука сылаас таҥаһынан көмө оҥорбуттарын дөкүмүөннэртэн билэбит. Фронтан 1152 киһибит эргиллэн кэлбэтэх эбит буоллабына, тыылга 3506 киhи аччыктааһынтан, ыарахан үлэттэн, ыарыыттан өлбүтэ. Аан дойдуну атыйахтаах уунан аймаабыт Аҕа дойду сэриитэ биһиги Ньурбабыт 4658 киһитин тыыныгар турбута.
Бу алдьархайдаах сэрии кэмигэр фроҥҥа, тыылга биир дойдулаахтарбыт, ньурбалар олохторун туһунан кинигэлэри Ф.Г.Сафронов аатынан киин бибилэтиэкэттэн уларсан ааҕыҥ, оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр, хос сиэннэргитигэр аахтарыҥ.
Ким да, туох да умнуллуо суохтаах!
Ааҕаччыны кытта үлэлиир салаа.