Киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» фестиваль чэрчитинэн ыытыллар «Саҥа Дьыллааҕы харыйа оонньуурдара» акцияннан оскуола оҕолоругар харыйа оонньуурдарын оҥотторууга Маастар — кылаас ыыттыбыт.
Бүгүн, ахсынньы 1 күнүгэр, илииннэн оҥоһуктары сэргэ бибилэтиэкэбит үлэһиттэрэ үтүө дьыалаҕа кыттыһан аҕалбыт харыйа оонньуурдарын муһан, Оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ көмө оҥорор Комплекснай Киин оҕолоругар илдьэн туттардыбыт, кырачааннар үөрүүлэрин үксэттибит.
«Куобах уонна баҕа» Саха норуотун остуоруйатын доргуччу ааҕыыны оҕолор сэргээн иһиттилэр. Кыһын туһунан таабырыннары үөрэ — көтө таайдылар. Саҥа Дьыллааҕы хоһоонноох, остуоруйалаах кинигэлэри кытары билсистилэр.