Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, Ньурбатааҕы көрбөттөр уопсастыбаларыгар истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла.
Көрбөттөр уопсастыбаларын Ньурбатааҕы салаатын чилиэннэрэ Улуу Кыайыы 79 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ муһуннулар. Куйаар ситимин нөҥүө тургутук-оонньуу эрдэттэн ыытыллыбыта. Бүгүн оонньуу кыттыылаахтара үөрүүлээх быһыыга-майгыга бириистэрин уонна туоһу суруктарын туттулар. Маны тэҥэ, Аҕа Дойду Улуу сэриитин туһунан ырыаларга, хоһооннорго күрэхтэстилэр. Олус көхтөөхтүк кыттаннар ылбаҕай ырыа да ылланна, хомоҕой хоһоон да хоһулунна.
Мустубут ыалдьыттар сэрии ыар сыллары ахтан-санаан, аҕаларын, эһэлэрин туһунан сылаас тылынан аҕыннылар. Бу курдук, истиҥ-иһирэх киэһэни «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!» диэн кынаттаах тылларынан түмүктээтилэр.
Өрүү даҕаны бу курдук олоххо көхтөөх, сырдык санаанан салайтаран дьоллоохтук олоруҥ диэн алгыыбыт! ЭЙЭЛЭЭХ ХАЛЛААН ДОЙДУ ҮРДҮНЭН ЭРГИЙДИН, СЭРИИ ЫАР ТЫЫНА ХАҺАН ДА ТӨННҮБЭТИН!
Георглана Николаева, киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата