МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Кыайыы күнэ

Улуу кыайыы 78 сылын өрүү буоларын курдук өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтибит. Бу күн А. А. Моргусов аатынан норуот айымньытын дьиэтин Киирэптээҕи филиала, олохтоох библиотека,»Таркаайы» администациятын специалиһа, Киирэптээҕи чоҕу хостуур разрез үлэһиттэрин ааттарыттан ытык кырдьаҕастарбытын эҕэрдэлээн бырааһынньыктааҕы ас бородууктатын наборын дьиэлэригэр сылдьан түҥэттибит. Куруутун үөрэ — көтө, ыалдьар диэни билбэккэ, этэҥҥэ эрэ сылдьыҥ диэн баҕа санаабытын тиэртибит. Киэһэтин
«Кыайыы кынаттанан эргиллиҥ! » диэн аһымал концертпыт СВОҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар Саввинов Н. Д. уонна Левицкай А. О. ананна. Оскуола, уһуйаан, Киирэптээҕи норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ, библиотека, нэһилиэнньэ өрө көтөҕүллэн туран кытыннылар. Аһымал концертка 17тыһыынча 200солкуобай үп киирбитин уолаттарбыт дьонноругар туттардыбыт.


Хорсун хоодуот уолаттарбытын өйөөбүт, үбүнэн көмөлөспүт бар дьоммутугар барҕа махтал тылларын аныыбыт. Барыгытыгар доруобуйаны,ыраас халлааны,эйэлээх олоҕу баҕарабыт!


Николаева А. И.