Тохсунньу 30 күнүгэр Ньурба техникумун студеннарыгар Ленинград блокадаттан босхоломмута 80 сылыгар аналлаах «Эр санааланыы уруога» ыытылынна.
Библиотекарь Васильева Р. П. бэлэмнээбит «Ленинград блокадата» викторинатыгар студеннар көхтөөхтүк кытыннылар. Кыраайы үөрэтэр салаа үлэһитэ Маргарита Ноева Саха сириттэн театральнай училищеҕа тиийэн үөрэммит студеннар тустарынан олус кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ.
1940 сыллаахха, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Саха сириттэн сүүмэрдэммит 34 эдэркээн кыргыттар уонна уолаттар ыраах Ленинград куоракка А. Н. Островскай аатынан театральнай институкка артыыс үөрэҕэр барар дьолломмуттара… Бу саҥардыы олох олорон эрэр ыччаттар Ленинград блокадатыгар түбэспиттэрэ, аччыктаабыттара, тоҥмуттара, өлбүттэрэ, эрэйи-кыһалҕаны түөстэринэн тэлбиттэрэ. Уолаттар үгүстэрэ тылланан сэриигэ баран араас фроннарынан дойдуларын көмүскээбиттэрэ. Кыргыттар Ленинград оборонатыгар күүскэ үлэлээбиттэрэ. Баара-суоҕа 14 студент, араас моһоллору туораан, ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдуларыгар — Сахаларын сиригэр эргиллэн кэлбиттэрэ: 8 кыыс, 6 уол. Талбыт идэтинэн соҕотох Анастасия Ларионова Саха театрыгар үлэлээбитэ, атыттар сахабыт сирин араас оройуоннарынан олох олорбуттара, үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара. Ньурба куораттан үс ыччаппыт Мирон Иванов, Михаил Николаев, Георгий Чусовской дойдуларыгар төннүбэтэхтэрэ….
Биһиги библиотекабытыттан Исай Попов «Оонньоммотох оруоллар, эстибит эрэллэр», Софрон Данилов «Санаам туймуулара» кинигэлэри уларсан 34 саха чаҕылхай ыччаттарын дьылҕаларын туһунан ааҕыҥ!
Ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа