Тохсунньу 23 күнүгэр, «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр, Ленинград блокадатыттан босхолонуу 80 сылыгар аналлаах тургутугу Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаева ыытта. Бибилэтиэкэр Наталия Крылова Ленинград көмүскэлин кыттыылааҕар Семенов Никита Петровичка аналлаах быыстапканы туруорда.
Тэрээһиҥҥэ олохтоохтор кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Кыттыбыт дьон сертификатынан наҕараадаланнылар. Тургутукка саамай элбэх сөп эппиэттээх Василий Федоров буолла.
Крылова Н. В.