Маарга библиотекаҕа мустан оскуола оҕолорун кытта кэпсэттибит. Лена Егоровна Выбор диэн тугун, Президент диэн кимин кэпсээтэ уонна мин «Азбука о важном» кинигэни билиһиннэрдим. Алфавитынан суруллубут тыллары аахтыбыт, ырыттыбыт.
Аан дойдуга Поэзия күнүнэн диэн Маар биир хоһоон суруйар хомоҕой хоһоонньута Анна Абишеваны кытта көрүстүлэр. Анна Прокопьевна «Ыллык» литературнай айар түмсүү хаһан тэриллибитин, ким тэрийбитин, хоһоон туһунан кэпсээтэ, бэйэтин хоһоонун аахта.
Түмүккэ оҕолор бэйэлэрэ хоһоон айан холоннулар. Мин оҕолорго 4 тылы суруйан биэрдим : күн, сайын, лыах, сибэкки. Оҕолор тута хоһоон айарга холоннулар. Саамай үчүгэйдик Сайаана Иванова, 6 кылаас үөрэнээччитэ айан таһаарда:
Сылаас күн мичээрдиир Сайын кэлэн Лыах көтөр Сардаана сибэкки үүнэр. В. Е. Самсонова, Маар бибилэтиэкэтэ