Сэтинньи ый 30 күнүгэр Малдьаҕар оскуолатыгар Саха Автономиятын 100 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна СӨ биллэриллибит Ийэ сылыгар аналлаах уокуруктааҕы «Уоланнар ааҕыыларын» күрэҕэ буолан ааста. Бу уокурук күрэҕин тиэмэтэ «Күндүттэн күндүнү — олоҕу туойбутум» диэн Саха норуодунай суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар ананна. Малыкай оскуолатыттан 4 оҕо, Малдьаҕартан -1 оҕо, Чуукаартан -1 оҕо Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноруттан ааҕан кытыннылар. Оҕолор бары олус бэлэмнээхтэрин, иҥнигэһэ суох, сахалыы чуолкайдык, доргуччу ааҕалларын көрдөрдүлэр. Балаһыанньа ирдэнэринэн 3 оҕону эрэ таллыбыт. Ордук айымньы ис хоһоонун үчүгэйдик биэрбит оҕолорго болҕомто уурдубут. Ол түмүгүнэн, Егоров Дуолан (Малыкай, сал.Попова И.П.) «Баай оҕо» диэн хоһоону ааҕан I миэстэ буолла. Андреев Сайаан (Малыкай, сал.Попова И.П.) «Сахсырҕа» хоһоонунан — II миэстэ, Львов Дамир (Малыкай, сал. Чемпосова К.А.) «Куорат уола» хоһоонунан — III миэстэ буоллулар. Кыайыылаахтар Добун суругунан наҕараадаланнылар, кыттааччылар Туоһу суругунан бэлиэтэннилэр. Кыайыылаахтар ахсынньы 8 күнүгэр С.П. Алексеев – Боһуут аатынан Чаппанда орто оскуолатыгар оройуоннааҕы «Уоланнар ааҕыыларыгар» күрэхтэһэ барыахтара. Оройуоҥҥа ыытыллар күрэх тиэмэтэ «Ийэлэр – Күн Күбэй ийэлэр! Эһиэхэ ананар этэр тылбыт иһирэх махтала, истиҥ иэйиитэ, уҕараабат таптала!». Онон аны Ийэ туһунан истиҥ-иһирэх хоһооннору үөрэтэн, оҕолор ситиһиилээхтик кыттан кэлэллэригэр баҕарабыт!
Сахабыт баай тылыгар уһуйа, иҥэрэ сылдьар үтүө-мааны учууталларга махтал бастыҥа буоллун! Сахалыы сайаҕастык санарар, иэйиибитин истиҥник этинэр ийэ тылбыт, үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ- сайда турдун!
Иванова Е. Н.
Малдьаҕар нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ.