МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Мэҥэдьэккэ бэлиэ күн

Ахсынньы ый 22 күнүгэр Мэҥэдьэккэ Мэҥэдьэк Ча5ылхай уола, Иван Яковлевич Танхаров, оло5ун устата үлэлээн ааспыт, кини аата иҥэриллибит кулуубугар мэҥэ тааһа арылынна. Мэҥэдьэктэр тумус туттар, киэн туттар киһибит мөссүөнүн саха сирин аатырбыт скульптора, Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин худуоһунньуктарын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ Николай Никитич Чочассов олус бэркэ оҥорбут. Бюст оҥоһулларыгар сүүрбүт-көппүт дьоммутугар Ньурба култууратын департаменын салайааччытыгар Тихонова Р.М., общественник Дмитриева Т.Г., «Айар» кинигэ кыһатын дириэктэригэр Егоров А.В. нэһилиэк дьонун махтала муҥура суох.


Мэҥэдьэк Ча5ылхай уолун туһунан бииргэ үлэлээбит, алтыспыт, кининэн киэн туттар дьонноро тыл кэрэмэһинэн, сүмэтинэн Иван Яковлевыһы сатабыллаах салайааччы, муударай настаабынньык, патриот быһыытынан астына-дуоһуйа ахтан –санаан аастылар. Кырдьык, кини курдук улуу киһи, ча5ылхай киһи баар буолан, Мэҥэдьэк төрүччүтэ, Мэҥэдьэк түбэтин талба талааннаахтарын туһунан 7 кинигэ күн сирин көрбүтэ, народнай театр бэйэтин кэмигэр аатыран-сура5ыран кыракый драмкуруһуоктан народнай ааты сүкпүтэ, өрөспүүбүлүкэ5э биллэр «Дьөһөгөй о5ото» мусуой айыллыбыта-тутуллубута. Төрөөбүт нэһилиэгин, үүнэр ыччакка утуму салгыыр, өбүгэбит төрүт култууратын, олорон ааспыт оло5ун, үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун иитэр-үөрэтэр сыаллаах «Дьөһөгөй оӄото» музейа бу түбэ эдэр ыччатыгар, үүнэр көлүөнэӄэ патриотическай тыыны иитиигэ оруола улахан. И.Я.Танхаров култуура эйгэтигэр бэйэтин сүдү кылаатын, үйэлэргэ ааттатар сүҥкэн үлэни үлэлээн ааспытын туоһута буолар.
Өссө биир умнуллубат түгэнинэн «Айар» кинигэ кыһатын салайааччыта, биир дойдулаахпыт, Август Васильевич бу бэлиэ тэрээһиҥҥэ до5отторун «Айар» кинигэ кыһатын эппиэттиир редактора Валерий Николаевич Луковцевы, СР суруйааччыларын союһун чилиэнэ Василий Иннокентьевич Гоголевы – Уйул5аны, СР суруйааччыларын союһун чилиэнэ Любовь Егоровна Горохованы – Сүүмэ5и илдьэ кэлиитэ буолла. И.Я.Танхаров мэҥэ бэлиэтин арыллыытыгар сылдьан баран, Мэҥэдьэктэр тумус туттар дьонноругар учуонай, историк, педагог, историческай наука доктора, духуобунас Академиятын академига Егор Егорович Алексеев мэҥэ тааһыгар, «Хатыы» холкуос бэрэссэдээтэлэ Иона Семенович Егоров — Уһун Дьуона искибиэригэр сибэкки дьөрбөтүн уурутун бэлиэ түгэнэ буолла.
Онтон «Дьөһөгөй оӄото» мусуойга СР суруйааччыларын союһун чилиэнэ, СР Үөрэ5ириитин уонна култууратын туйгуна, хоһоонньут, прозаик, сценарист Василий Иннокентьевич Гоголев – Уйул5ан «Туоһахта уонна Лэкиэс» кинигэтин биһирэмэ ыытылынна. Бу кинигэ биһирэмэ мээнэ5э Мэҥэдьэккэ ыытыллыбата: кинигэ биһиэхэ, Мэҥэдьэк дьонугар, олус чугас, ол курдук, сэһэҥҥэ биир тутаах дьоруой быһыытынан биир дойдулаахпыт, Тигиилээхэп Уйбаан прототибынан суруллубут айымньы буолар. Бу история чахчыларыгар оло5урбут, дьиҥ олоро сылдьыбыт дьон прототиптарынан суруллубут, саха сылгытын уонна саха киһитин чугас сыһыанын туһунан, уоттаах сэриигэ саха ата барахсан төһүү күүс буолуутун, саха уолаттара инники күөҥҥэ сылдьыыларын, убаастанар, хорсун-хоодуот саллаат буолууларын туһунан ойууланар.
Биһирэмҥэ автор Уйул5ан сэһэн хайдах суруллубутун, история чахчылара туоһулуур докумуоннарын кэпсээтэ-көрдөрдө. Сэһэн туһунан элбэх тыл этилиннэ, махтал бастыҥа иһилиннэ. В.И.Гоголев — Уйул5ан киһи уйул5атын таарыйар айымньылара киэҥ эйгэ5э тар5анан, дьон биһирэбилин ылыан ылла. Ону сэргэ В.И.Гоголев — Уйул5ан ааптардаах тохсунньу ыйга бэчээккэ тахсыахтаах Уһун Дьуона туһунан арамаан рукопиһын «Дьөһөгөй оӄото» мусуойга туттардылар.
Өссө биир ыалдьыппыт сахалыы илгэлээх тыл ситимин эриэккэстик тиһэр, сонун суоллаах-иистээх суруйааччы, биэс кинигэ автора СР суруйааччыларын союһун чилиэнэ Любовь Егоровна Горохова – Сүүмэх кэлэн бэйэтин ураты көрүүлэрин кэпсээтэ, «Эр киһи таҥара бэлэӄэ» диэн хоһоонун иэйиилээхтик, дьон сүргэтин көтөӄөр гына ааӄан иһитиннэрдэ. Ханнык ба5арар аа5ааччыга суруйааччы илэ бэйэтинэн бэйэтин айымньытын аахта5ына олус уратытык, киһи дууһатын кылын таарыйардыы иһиллэрэ баар суол.
Бу курдук биир умнуллубат күн Мэҥэдьэккэ буолан ааста. Бу күҥҥэ күндү ыалдьыт буолбут, үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстибит, И.Я.Танхаровы кытта бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыт Ньурба оройуонун културатын департаменын салайааччытыгар Тихонова Р.М., Ньурба оройуонун кииннэммит библиотека ситимин слайааччытыгар Багмет А.В., И.Я.Танхаров бииргэ үлэлээн ааспыт Ньурба улууһун ветераннарын советын салайааччытыгар Олесова Т.П., Ньурба оройуонун администрациятын үлэһитигэр Кириллина Е.Д, «Айар» кинигэ кыһатын салайааччытыгар Егоров А.В. дириҥ махталбытын тиэрдэбит.


Матрена Габышева.