Информационнай библиотечнай киин
Библиотека диэн нэһилиэк дьоно саамай сылдьар, сынньанар, бириэмэтин туһалаахтык атаарар киинэ буолуохтаах дии саныыбын. Бу санаабын граҥҥа кыайан олоххо киллэрэн эрэрбиттэн сэмээр үөрэбин.
Бу сайын Ил Дархан граныгар Мэҥэдьэктээҕи 11 нүөмэрдээх библиотека «Информационнай библиотечнай киин” бырайыагынан кыттан 256095 тыһыынча сууммалаах грант ылан, үлэтин-хамнаһын саҕалаата. Бу НКОлар (кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр түмсүүлэрэ) эрэ кыттар бырааптаах куонкурстарыгар, Ньурба оройуонун кииннэммит библиотеката (салайааччы Багмет А.В) проектнай офис арыйан, библиотекалары граннарга кытыннарар сыаллаах тэриллиини тэрийэн, биир бастакынан “БиблАрт» АНО көмөтүнэн кыттыны ылбыппыт. Граҥҥа суруллубутунан, смета быһыытынан, 2 моноблок компьютеры, 3 ноутбук, цветной принтер, боростуой принтер, кинилэргэ кырааска, кумааҕы, кинигэ полкаларын ылан библиотекабыт биллэ хаҥаата. Бырайыак сыалынан нэһилиэк дьонун компьютернай таһымнарын үрдэтии, аҕам саастаахтары, доруобуйаларынан хааччахтаах дьону компьютерга үөрэтии, электроннай Госуслуга, Е-Якутия курдук порталлар нөҥүө араас өҥөлөрү сөпкө туттуу, туһаныы буолар. Бырайыак чэрчитинэн дьону үөрэтии, кинилэр тус инфорацияларын харыстааһын туһунан үөрэх ааһан, билиҥҥи туругунан, 31 киһи үөрэҕи ааһан, 47 өҥөнү оҥорорго үөрэннэ. Ол курдук Госуслуга, Е-Якутия нөҥүө ыспыраапка ылыыта, күһүҥҥү, сааскы кус, мас көтөрүн көҥүлүгэр сайабылыанньалар, оҕо оскуолаҕа кэтэр школьнай форматыгар сайабылыанньалар, кыаммат ыалга ыспыраапка, оһоҕу оттон олорооччуларга субсидия, биир кэлим пособиеҕа, үлэ бэтэрээнэ буолууларыгар сайабылыанньалары хайдах ыыталларын, ылалларын көрдөрөн, үөрэтэн биэрэбит. Бу өҥөлөрүнэн туһанан, биһиги курдук оройуонтан ыраах сытар дьоҥҥо, Ньурбаҕа киирэн эрэйдэммэккэ, библиотекаҕа кэлэн, наадыйбыт тэрилтэлэригэр сайабылыанньаларын ыыталлара олус барыыстаах, туһалаах. Ону таһынан, аҕам саастаахтарга электроннай почта арыйан, Госуслуга порталга киллэрэн, телефоннарыгар туруоран, электроннай аудио кинигэлэри хачайдыырга, электроннай хаһыаты ааҕыыга, телефонтан компьютерга хаартыскалары көһөрүүгэ, компьютерынан интернеккэ киириигэ о.д.а. үөрэтэбит.
Библиотечнай кииммит аҕам саастаахтарга эрэ буолбакка, эдэр ыччаттарга эмиэ олус ситиһиилээх, туһалаах, көмөлөөх буолла. Дьиэлэригэр компьютера суох дьон манна кэлэн соцконтракка кытталларыгар интернетинэн туһанан бырайыак суруйаллар, үөһэ этиллибит госуслугаҕа араас өҥөлөргө сайабылыанньа ыыталлар. Онтон оскуола оҕолорун куруһуок быһыытынан, компьютерга араас программаларга, «Пушкинскай карта» арыналларыгар көмөлөһөбүт, үөрэтэбит.
Онон, библиотека кинигэ эрэ уларсар сир буолбакка, сайдыылаах олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, олоҕу кытта тэҥҥэ устан, сайдан иһиэхтээх. Түгэнинэн туһанан, кииннэммит библиотека салалтатыгар, үлэһиттэригэр махталым муҥура суох. Кинилэр проектнай офис тэрийэн, кыттыан баҕалаах киһи бырайыагын ыытан, кыайыыга эрэл кыымын саҕаллара олус хайҕаллаах. Билигин Мэҥэдьэк библиотекатыгар сылдьар киһи, кини өҥөлөрүн буор босхо туһанар, үөрэнэр баҕалаах дьон олус элбээтилэр, нэһилиэк дьоно бырайыагы олус сэҥээрдилэр. Сайдыылаах үйэ биир үтүө өрүтүн туһаммыт дьон махтанан, астынан бараллар.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.