Хаһан эрэ биһиги эмиэ оҕо буола сылдьыбыппыт, олохпут ойор-тэбэр оҕо сааһа, умнуллубат түгэннэрэ оҕо сааспытын кытта сибээстээх.
Мэҥэдьэккэ бу күн былаһаакка иһэ оҕо хатан күлүүтүнэн, дьэрэкээн сахалыы таҥастаах кырачаан сибэккилэринэн туолла. Олохтоох дьаһалта, оскуола, уһуйаан, кулууп, библиотека кыттыһан оҕолорбут дьоллоох оҕо саастарын умнуллубат оҥороору, кэрэ түгэннэри, сырдык күннэри бэлэхтээри оҕо бырааһынньыгын тэрийдилэр. Кэлбит ыалдьыттары, оҕолору алгыстаах алаадьынан, сүрэҕи сөрүүкэтэр быыппаҕынан айах тутан көрүстүлэр. Сарыал уһуйаан үлэһиттэрэ куонкурус арааһын ыытаннар оҕо-аймах үөрүүтүн үксэттилэр. Оскуола физкультура учууталлара (А. А. Еремеева, В. И. Николаев), олохтоох спорт саалатан тренерэ Д. А. Данилов оҕолорго анаан араас спортивнай күрэхтэри ыыттылар. Оттон кэрэтик симэммит коляска күрэхтэһиитигэр элбэх оҕолоох Анна, Прокопий Даниловтар кыайыылааҕынан ааттаннылар. Толбоннурар уһун суһуох күрэскэ Катюша, Алгыстаана Аммосовтар дьиэ кэргэттэрэ буоллулар. Дьиэ кэргэн сылын бэлиэтии нэһилиэкпит дьиэ кэргэттэрин хаартыскалара, оҕолор араас күрэххэ кыттыбыт уруһуйдара, оройуммутугар киэҥник биллэр уустар И. П. Тимофеев быһахтара, мас ууһа А. С. Семенов кырыымпалара быыстапкаҕа турдулар.
Ырыаны-үҥкүүнү оройуттан туттубут, кыл кылыһах кырыымпа тыаһын дьиэрэттибит, тыыннаах муусука кэрэ эйгэтин ыраахха диэри дуораттыбыт. Сымсалар, быһыйдар, күүстээхтэр ааттара ааттанна, кыайыылаахтар чиэстэннилэр.
Оҕо көмүскэлин күнүнэн! Оҕолору харахпыт харатын курдук харыстыаҕыҥ, кэлэр кэскилбит туһугар кыһаллыаҕыҥ! Оҕолорбут ситиһиилэриттэн үөрүөххэ, сэмэй хардыыларыттан дьоллонуохха!
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.