Бүгүн тохсунньу 25 күнэ – Арассыыйа устудьуоннарын күнүнэн биллэр. Бу эдэр саас, устудьуон умнуллубат кэрэ кэмнэрин кытта ситимнээх бырааһынньык буолар. Биһиги бары бэйэбит кэммитигэр устудьуон буола сырыттахпыт. Бу бэлиэ күҥҥэ олохтоох библиотекаҕа Мэҥэдьэк ыччаттарын мунньан интеллектуальнай оонньуу, викторина ыытылынна. Бары билэргит курдук, ааспыт сылга «Дьөһөгөй оҕото» түмэл 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит, ыччаттар түмэлгэ баар экспонаттары, дойдуларын устуоруйатын, былыргы тэриллэри, нэһилиэк биллиилээх дьоннорун төһө билэллэрин билээри тургутук оҥоһулунна. Муҥутуур кыайыылааҕынан, И. Я.Танхаров аатынан култуура киинин звукорежисеера Попов Д. А. таҕыста. Салгыы «Алаас» оонньууну оонньоон тылбыт баайын, саппааһын хаҥаттыбыт уонна бүтэһигэр “Саха итэҕэлин, сиэрин-туомун төһө билэҕин?” викторина ыытылынна. Киһи үөрүөх, эдэр ыччаттарбыт сиэри-туому, ордук булка сыһыаннааҕы билэллэрэ көһүннэ, сөхтөрдө. Бу оонньуубутугар кылаан кыайыылаах оскуола учуутала Тимофеев С. С. буолла.
Бүтэһигэр, ыччаттары бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн туран, ситиһиини, кыайыыны-хотууну баҕаран туран, кыайыылаахтарга бириистэр туттарылыннылар.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.