Алтынньы 18 күнэ — аан дойдуга минньигэс кэмпиэт күнэ. Бу күнү бэлиэтээн Ньурбатааҕы техникум студеннара Ньурба куорат киин бибилэтиэкэтин ааҕааччыны кытта үлэ салаатыныын бэрт бэһиэлэй, минньигэс киэһэни ыыттылар.
Библиотекарь Р. П. Васильева техникум үлэһиттэрин, студеннарын кытта бииргэ үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Үлэһиттэрдиин, студеннардыын өрүү бииргэ алтыһар, саҥа үөрэххэ киирбит студеннардыын билсэн бибилэтиэкэ ааҕааччылара буолалларын таһынан ыытыллар тэрээһиннэр көхтөөх кыттааччылара буолалларын ситиһэр.
Бу дьоро киэһэ бастакы куурус студеннарыгар олорор дьиэлэригэр тиийэн олус интириэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох ыйытык бэлэмнээн ыытта, барыанньа арааһын амсатан, инникитин оҕолор бибилэтиэкэҕэ кэлэллэригэр олук уурда. Оҕолор ыйытык боппуруостарын интириэһиргээн, билбэтэхпитин биллибит, дэстилэр, Рея Петровна быйылгы үөрэх сылыгар Үөһээ Бүлүүттэн элбэх оҕо кэлбитин бэлиэтээтэ.
Инникитин Ньурбатааҕы техникум саҥа студеннара биһиэхэ кэлэллэрин күүтэбит.
Ааҕааччыны кытта үлэ салаата.