Дойдубутугар буола турар билиҥҥи уустук балаһыанньа хас биирдиибитин долгутар. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар байыаннай дьайыыларга сылдьар эр дьоммутугар, уолаттарбытыгар эминэн, таҥаһынан гуманитарнай көмөнү оҥоруу салҕанан бара турар.
Алтынньы ый 19 күнүгэр Хаҥалас нэһилиэгин ийэлэрэ бары биир санааннан салайтаран, быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт дьоммутугар биир дойдулаахтарбытыгар анаан, сылгы сиэлэ истээх угунньук (стелька) уонна балаклава төбөҕө кэтэр бэргэһэ түргэнник хомуллан тигэн бэлэмнээтилэр. Бу тэрээһини “Алгыс” нэһилиэк дьахталларын түмсүүтэ көҕүлээн ыытта. Түмсүү салайааччыта РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Антонова Елизавета Петровна, общественник Васильева А. П., “Тойук” НАДьиэтин уус уран салайааччыта Винокурова В. Ю. буолан бу волонтерскай хамсааһыны ийэлэргэ ыытар сыаллаах Ньурбаҕа култуура департаменыгар үлэлии олорор Трофимова Наталия Федотовнаҕа сылгы сиэллээх киирэн, маастар кылааска сылдьан үөрэнэн тахсыбыттара.
Хаҥалас нэһилиэгин дьахталларын түмсүүтүн уһун кэмҥэ салайан кэлбит Елизавета Петровна санаатын маннык үллэстэр:
— “Алтынньы 18 күнүгэр 3 буолан киирэн, байыаннай дьайыыларга сылдьар эр дьоммутугар, ичигэс таҥас сап тигэн ыытар баҕа санаалаах Ньурбаҕа киирэн балаклава, стелька тигиитигэр , култуура департаменын үлэһитэ Наталия Федотовнаттан маастар кылаас ылан таҕыстыбыт, соҕотоҕун иистэнэ олорор эбит. Ол быыһыгар Уус Дьааҥыттан төрүттээх, түргэн тутуулаах эбээ киирэн эмиэ көрдөрдө. Бэйэм эдьиийим Клавдия Петровна эмиэ кэлсэн, көрөн-истэн материал ылан, бу күннэргэ тигиитин саҕалаабыт. Салҕыы Ньурба куорат Дьахталларын түмсүүтүгэр сылдьан, Ньурба дьиҥнээх патриота, Галина Дмитрьевна Федороваттан балаклава тигэргэ флис материалын бэриһиннэрдибит. Кинилэр 4 буолан үлэлии олороллор эбит. Рюкзак толору таҥас тикпиттэр, туох суоҕуй диэбит курдук. Бэйэм баҕам — сиэпкэ укта сылдьар ламинаттаммыт алгыс тылларын оҥотторуохпун баҕарабын” — диэтэ.
Нэһилиэк дьахталларын, ийэлэрин сүрэхтэрин баҕатынан, сылаас илиилэринэн, үтүө санааларынан бүгүн тикпит таҥастара хомуурга барбыт дьоммутугар көмө буолан, этэҥҥэ эрэ сылдьалларын түстээтин. Тигиллибит таҥастары улуустааҕы гуманитарнай пууҥҥа киллэрэн туттарыахтара.
М. Николаева, библиотекарь.