Сэтинньи 22 күнэ — Саха норуотун бастыҥ суруйааччыта Золотарев Николай Гаврилович — Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сыла.
Саха литературатын историятыгар аан бастакы «ТӨЛКӨ» трилогияны суруйбут уус тыл маастара, баай фантазиялаах суруйааччы Николай Якутскай чахчы, улахан үлэһит суруйааччы буоларын кэрэһэлиир элбэх айымньыта саха омук сүдү баайа буолар.
«Маайабыт ханна тиийдэ буолла? Ыл, салҕыы ааҕыахха» эрэ дэһэн элбэх дьиэ кэргэн киэһэ аайы «Төлкө» нөҥүө мустара ааспыт XX үйэ араас сылларыгар. Умсугуйан сырса сылдьан ааҕыы, бэйэ бэйэҕэ уларсыы, Маайалаах Сүөдэр тапталларын, дьылҕаларын сүрэх ортотунан аһардыы….
Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ «ТӨЛКӨ» биир кинигэ быыстапкатынан бэлиэтиир.
Күндү ааҕааччыларбыт! Кэлэн быыстапка нөҥүө «Төлкөлүүн» өссө төгүл билсиһиҥ, улахан суруйааччы айымньыларын уларсан ааҕыҥ, урааҥхай тыллаах саха буоларгытынан киэн туттуҥ!
Ааҕааччыны кытары үлэлиир салаа.