МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Ньурбаҕа Чолбоннордуун сэргэх көрсүһүү буолан ааста

«Чолбон» сурунаал Ньурбаҕа

Кулун тутар 13 күнүгэр «Чолбон» сурунаал Ньурбаҕа ыалдьыттаан ааста.
Хас биирдии сахалыы ааҕар киһи «Чолбон» сурунаалы бэрткэ билэр, күүтэр.
Биһиги көлүөнэ «Чолбону» «Хоту Сулус» диэн аатынан билэбит. Төрөппүттэрбит «Хотугу сулуһу» ханна да бырахпакка мунньан, хордуонка хоптоҕо хаалаан ууран иһэллэрэ. Мин орто кылаастарга үөрэнэ сылдьан оннук мунньуллубут сурунааллары булан ааҕыталаабытым. 1971 сылтан саҕалаан баара. Кэлин бэйэм эмиэ оннук үөрэххэ барыахпар дылы 1983 сылга дылы муспутум. үөрэхпин бүтэрэн дойдубар 1989 сыллаахха эргиллэн кэлбитим, күүтүүлээх «Хотугу сулуһум» мунньуллан күүтэн сытара.
Россияҕа ДЬИЭ КЭРГЭН, Саха сиригэр ОҔО СААС сылларыгар аналлаах «ЧОЛБОН» сурунаал өрөспүүбүлүкэ 12 улууһун уонна Дьокуускай куораты хабан «ЧОЛБОН ӨЙ КҮРЭҺЭ» – өркөн өй оонньуутун биллэрбитэ.
Ф.Г. Сафронов аатынан Ньурба киин библиотекатыгар улуустааҕы түһүмэх ыытылынна. Күрэһи «Чолбон» сурунаал редакцията кэлэн, тэрийэн ыытта, кыттааччыларга туоһу суруктар, бириистэр туттарылыннылар. Кыайыылаах дьиэ-кэргэн Дьиикимдэттэн эбээлэрэ Сабычикова Любовь Афанасьевна, ийэлэрэ Андреева Айталина Акимовна, уоллара 6 кылаас үөрэнээччитэ Даян, Ньурба улууһун чиэһин Дьокуускайга баран көмүскүөхтэрэ.
Күрэх кэннэ «Чолбон» сурунаал бас редактора, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун салайааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун эппиэттээх сэкэрэтээрэ Андросов Гаврил Гаврильевич уонна радио суруналыыһа, бэйээт Шадринова Ангелина Николаевна — Суоһааны нэһилиэктэртэн, Ньурба куораттан көрсүһүүгэ кэлбит олохтоохтору кытта кэпсэтиини ыыттылар.
«Чолбон» эппиэттээх үлэһиттэрэ сыл аайы кэлбэттэр. 2015 сыллаахха Ньурбаҕа кэлэ сылдьыбыт эбиттэр.
Улуус библиотекатын киэн хоһугар «Чолбон» сурунаалга аналлаах быыстапка оҥоһуллубут. Күрэх кыттыылаахтара массыыналара кэлэн сорохторо эрдэ дьиэлээтилэр.
Көрсүһүүнү Гавриил Гаврильевич аста. Кылгастык «Чолбон» сурунаал устуоруйатын, билиҥҥи үлэтин-хамнаһын туһунан сүрүн эрэдээктэр Гаврил Андросов сэһэргиир. – «Чолбон» сурунаал Саха сирэ судаарыстыбаннаһы ылыныытын, өрөспүүбүлүкэбит атаҕар туруутун кытары быһаччы сибээстээх. «Чолбон» сурунаал илиинэн суруллуута 1926 сыл алтынньытынан ааҕыллар, сурунаал бастакы эрэдээктэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа алтынньыга бэлэмнээтим диэн суруйан хаалларбыта баар. Ол эрээри бэчээккэ хаһан барбыта суруллубатах. Ити сыл сэтинньи 2 күнүгэр «Чолбон» сурунаалы Нацкомпросздрав уонна «Саха омук» култуурунай-сырдатар уопсастыба кыттыһан таһаараллар диэн Саха АССР обкомун бүрүөтүн уурааҕа тахсар.
Алампа сүрэхтээбитинэн «Чолбон» диэн аатынан сурунаал 30-с сыллар саҥаларыгар диэри тахса сылдьыбыт. 1927 сыллаахха Алампа уонна ити саҕана «Чолбоҥҥо» үлэлээбит Бүөтүр Оруоһуннаах «Ксенофонтовщинаҕа» түбэһэн эрэпириэссийэлэммиттэрин кэннэ, 30-с сыллар саҥаларыгар сурунаал «Кыһыл ыллык» диэн ааттанан Платон Ойуунускай эрэдээктэрдээбит. 30-с сыллар бүтүүлэригэр Ойуунускай эрэпириэссийэлэммитин кэннэ «Уус-уран литература» диэн альманах буолбут. 40-с сылларга сэрии иннинэ «Хотугу сулус» диэн ааттанан салгыы үлэлээбит. Аҕа дойду сэриитэ саҕаланан сурунаалга суруйар Эллэй, Абаҕыыныскай, Дьүөгэ Ааныстыырап сэриигэ ыҥырылланнар, 1942 сыллаахха сурунаал тахсыбат, 1943 сылтан биирдэ бэчээттэнэн барар. 1950-с сыллартан саҕалаан сурунаал сайдар суолга киирэр. Сурунаалга улахан айымньылар бэчээттэнэн бараллар. Николай Якутскай, Софрон Данилов, Далан норуот биһирэбилин ылбыт айымньылара аан маҥнай «Хотугу сулуска» тахсыбыттара. Ааҕааччылар «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаан салгыытын ааҕаары «Хотугу сулуһу» кэтэһэллэрэ.

90-с сылларга Павел Никитин эрэдээктэрдиир кэмигэр сурунаал Алампа сүрэхтээбит «Чолбон» диэн аатын төттөрү ылынар. Бастакы «Чолбоҥҥо» бэчээттэммит Күннүк Уурастыырап, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон сурунаал аатын уруйдаан-айхаллаан көрсөллөр. Бу туһунан суруйааччылар бэйэлэрэ суруйбут ыстатыйалара тахсаллар. Сурунаалбытын төрүттээбит Анемподист Иванович Софронов-Алампа, Василий Никанорович Леонтьев сурунаалга саха омук цивилизацияҕа, судаарыстыбаннаска саҥа үктэнэн эрэр норуот өйө-санаата аныгы сайдыы тэтимигэр сөп түбэһэр буоларыгар сүрүн болҕомтолорун уураллара. Саха төрүт үгэһигэр олоҥхоҕо, фольклорга, итэҕэлгэ, сиэргэ-майгыга тирэҕирэн саха култууратын, ускуустубатын, литературатын, бэчээтин, тыйаатырын, киинэтин үөскэтэр боппуруостары бу сурунаал тула кэпсэтэн, көтөҕөн барбыттара. Философскай өй-санаа сахалыы өйдөбүллэрэ, тиэрминнэрэ эмиэ «Чолбон» суру¬наалтан тахсаллара. Норуот култуура, духуобунас өттүнэн сайдыыта барыта «Чолбон» сурунаалтан тирэх ылыммыта. 2020 сылтан «Иннибит диэки — Алампаҕа» диэн бырайыагынан үлэлииллэр. «Чолбон» Алампа көрүүтүнэн уус-уран литература уонна ускуустуба сурунаала буолуохтаах этэ. Онон саха литературатын чулуу айымньыларын, аан дойду норуоттарын литератураларын сахалыы таһаарарбыт таһынан, ускуустубаны, киинэни, тыйаатыры, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаны, кинилэр сайдыыларын таарыйан туран, Саха сирин норуотун философиятын, мындыр өйүн-санаатын, духуобунай сайдыытын, култууратын, устуору¬йатын көрдөрөр, сырдатар туһугар үлэлиэхтээхпит диэн санаанан бу бырайыагы ылыммыппыт. Бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэбит мусуойдарын, тыйаатырдарын, айар холбоһуктарын кытары ыкса үлэлиибит. Билиҥҥи үйэ сиэринэн кумааҕынан бэчээттэнэн тахсарын таһынан, сурунаал интэриниэт ситимин нөҥүө бэйэтин түһүлгэтин тула биир санаалаахтары түмтэ.
Мин «Чолбон» сурунаал ватсап бөлөҕөр киирэн күн ахсын саҥа сонуннары истэ билэ олоробун. Уонтан тахса бөлөххө тарҕатабын. Ордук Дьокуускай куоракка олорор аймахтар, доҕоттор араас көрсүһүүлэр буолар биллэриилэрин күүтэллэр эбит. Хаста да биллэриилэри хойутаан көрөн ыытан бөлөҕүм дьонуттан сэмэлэнэн, билигин күҥҥэ хаста да киирэн көрөр буолан турабын.
Ангелина Николаевна — Суоһааны эмиэ биһиги көлүөнэ киһитэ төрөппүттэрэ «Хотугу сулуһу» ханна да бырахпакка мунньан испиттэриттэн Варвара Потапова хоһооннорун булан аахпытын истиҥник аҕынна. Биир дойдулаахпыт Варвара Потапова туһунан кэпсээтэ.
Гавриил Гаврильевич Алексей Кулаковскай уола суруйааччы Реас Кулаковскай аҕатын туһунан ахтыыларыттан биир дьикти түгэнин кэпсээтэ.
Гражданскай сэрии кэмигэр, Өксөкүлээх Өлөксөй биир күн бэйэтин чугас билсэр дьонун ыҥыттарбыт. Ыҥырыллыбыт дьон мустубуттар. Алексей Елисеевич утуйар таҥаһы ороҥҥо түүрэн баран, онно өйөнөн саҥата суох сытар үһү. Убайбыт туохха ыҥырдын диэн, күүтэ түһэн баран ыйыппыттарыгар, туран төгүрүк остуолга бурдук биир туорааҕын уурбут. Ону ким да өйдөөбөтөх. Онуоха бу остуол Арассыыйа, кыһыллар, онтон бу туораах эһиги. Арассыыйаны утарар туһата суох, Арассыыйаны кытары ханнык да түгэҥҥэ бииргэ буолуохха — диэбит.
Истээччилэр маннык көрсүһүүлэр өссө да буола туралларыгар баҕа санааларын эттилэр. Уопсай хаартыска түһүүтүнэн көрсүһүүбүт түмүктэннэ.

Кылгастык бэҕэһээҥҥи сэрҕэх көрсүһүүттэн.
Сахса Тар
Ньурба, кулун тутар 14 күнэ 2024 сыл
.