Кулун тутар 9 күнүгэр «Юнион» кинотеатрга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах Россия Президенин Гранын ылбыт «У истоков якутской государственности» диэн бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллубут «Туруулаһыы» диэн документальнай уус-уран киинэ тобус-толору көрөөччүлээх сүрэхтэннэ уонна улахан биһирэбилин ылла.
Бу киинэ Малдьаҕар историятын туһунан архыып докумуоннарыгар олоҕуран, дьиҥнээх олоххо буолбуттан уһулунна. Малдьаҕарга сэбиэскэй былаас тэриллиитэ, үөрэх – сайдыы кыымын сахпыт ини-бии Донскойдар, В. И. Максимов, Н. К. Миронов, ини-бии Михайловтар нэһилиэктэригэр туох үтүөнү-өҥөнү оҥорбуттара, ону сэргэ ссылкаҕа кэлбит дьон нэһилиэк олоҕор сабыдыаллара сырдатыллар. Киинэ режиссер-операторынан — Россия Бочуоттаах кинемотографиһа, Россия режиссердарын, Россия кинемотографистарын сойууһун чилиэнэ, СР культуратын туйгуна, үлэ уонна киинэ бэтэрээнэ Данилов Олег Зотович үлэлээтэ. Көмөлөһөөччү режиссердарынан Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СР культуратын туйгуна, бибилэтиэкэ үлэһитэ Андросова Лариса Ивановна уонна Малдьаҕардааҕы Никииппэр Сэмиэнэп аатынан норуот айымньытын киинин директорынан үлэлии сылдьыбыт Слепцов Николай Борисович, киинэ консультанынан ССРС МВД милициятын туйгуна, ветерана, Малдьаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Никита Афанасьевич Иванов, киинэ таҥааччытынан – Ньурба куорат «IT- Куб» оҕону эбии үөрэхтээһиниҥҥэ учуутала Егор Герасимович Миронов буолан үлэлээтилэр. Оруолларга нэһилиэк олохтоохторо олус көхтөөхтүк кытыннылар.
Эҕэрдэ, махтал тыллары улуус дьаһалтатын баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Н.С.Петрова, Ньурба култууратын департаменын салайааччыта Р.М.Тихонова, Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин салайааччыта А.В.Багмет, Малдьаҕар нэһилиэгин аҕа баһылыга А.А.Степанов уонна д.а. эттилэр.
Елена Никоновнаны уонна Лариса Ивановнаны бу улахан улэҕит этэҥҥэ түмүктэммитинэн, бүгүн киэһэ дьон-сэргэ иннигэр сүрэхтэммитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Малдьаҕар чулуу дьонун олохторун, үлэлэрин, нэһилиэк устуоруйатын олус бэркэ сырдаппыт киинэҕит билигин да, кэлин да дьон биһирэбилин ыла турдун.
Кэллиэгэлэрбит улахан күүрээннээх үлэҕитинэн киэн туттабыт, сыаналыыбыт, кэлэр көлүөнэ ыччакка үтүө бэлэххит иһин сүгүрүйэбит!
Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ.