Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо,
Ньурба оройуонугар тулалыыр эйгэни тупсарыы,
Марха улууһа тэриллибитэ 200 сылларыгар ананан ыытыллар
“Ньурба былыргыта, билиҥҥитэ, инники кэскилэ” –
«Прошлое, настоящее, будущее родной Нюрбы»
ыстатыйа күрэҕин балаһыанньата.
Тэрийээччилэр: Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ.
Ыытыллар кэмэ: тохсунньу 30 күнүттэн – олунньу 10 күнүгэр дылы.
Кыттааччылар: Ньурба куоратын оскуолаларын 7-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ.
Күрэх сыала-соруга: оҕо айар, өйтөн суруйар дьоҕурун сайыннарыы, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии, ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга иитии.
Тутуһуллар ирдэбиллэр:
- тиэмэни арыйыы;
- илиинэн суруйуу;
- кээмэйэ – тэтэрээт 2 сирэйиттэн итэҕэһэ суох;
- үлэлэри Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтигэр аҕалан туттарыллар;
- кыттааччылар үлэлэрэ бибилэтиэкэ үлэтигэр туһанылларыгар тутатына сөбүлэҥнэрин биэрбиттэринэн ааҕыллар.
Кыайыылаахтары быһаарыы:
Күрэх түмүгүн таһаарарга үс киһилээх дьүүллүүр сүбэ тэриллэр (бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ).
Сыаналааһын тутула:
1) кыттааччы тиэмэни арыйыыта;
2) тылын саппааһа, санаатын сатаан сааһылыыра;
3) таба суруйуута;
Түмүккэ икки бөлөҕүнэн 1, 2, 3 миэстэ быһаарыллар (1 бөлөх – 7-8 кылаастар, 2 бөлөх – 9-11 кылаастар).
Кыттааччыларга барыларыгар Туоһу суруктар туттарыллаллар. Кыайыылаахтарга — Добун суруктар, бириистэр, ону таһынан үлэлэрэ “Дойдум алгыстаах аартыктарынан…” брошюраҕа бэчээттэнэллэр.
Тэрийэр хамыыһыйа.
Билсэр нүөмэрдэр :
89841136180, 89148263941