Ньурба чаҕылхай дьонноруттан биирдэстэрэ Ксенофонтов (Мегежескэй) Михаил Васильевич сэтинньи 21 күнүгэр төрөөбүтэ 125 сыла.
I Бордоҥ нэһилиэгин ыччата Михаил Мегежекскэй — Саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, биллиилээх политик, тэрийээччи. Ньурба кытыы нэһилиэгиттэн тиийэн Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятыгар үөрэххэ киирэн революционнай хамсааһын сабыдыалыгар инники кэккэҕэ сылдьыбыта. Саҥа сэбиэскэй былааһы олохтоспута, саха сиригэр эдэр комсомоллар союзтарын — Комсомол тэрилтэтин тэрийсибит улахан өҥөлөөх.
Бу орто дойдуга 31 эрэ сыл олорбут Михаил Мегежекскэй чаҕылхай олоҕо, үлэтэ үйэлэргэ тыыннаах, дойдутун киэн туттуута буолан аата ааттана туруо!
Ааҕааччыны кытары үлэлиир салаа.