Кулун тутар 10 күнүгэр, Ньурбатааҕы кииннэммит библиотека ситимин саалатыгар «Ньурба күн-күбэй ийэлэрэ — култуура үтүөлээх үлэһиттэрэ» кинигэ сүрэхтэниитэ олус истиҥник буолан ааста.
Хас биирдии киһиэхэ Ийэ диэн тыл ураты суолталаах, дириҥ ис хоһоонноох, ону тэҥэ дьоллуур аналлаах. Култуура эйгэтигэр үлэлиир ийэлэр барахсаттар күнү-түүнү, тымныыны, куйааһы аахсыбакка, олоххо тардыһыы күүһүн көҕүлээн, дьиэ кэргэни уонна үлэни тэҥҥэ тутан үлэлиири сатыыр талыы-талба дьон. Ньурбабыт оройуонун култууратын бары эйгэтигэр уонна Ньурбаттан төрүттээх Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар култуураны өрө тутан үлэлиир уонна үлэлээн ааспыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын Үтүөлээх үлэһиттэрэ» бэлиэ хаһаайыттара 26 күн-күбэй ийэ бу кинигэҕэ киирдилэр.
Маннык кинигэни Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2022 сыл Ийэ сылынан биллэриллибитигэр уонна Ньурба култууратын ситимэ төрүттэммитэ 100 сылларыгар сөп түбэһиннэрэн таһаарыахха диэн Ньурба оройуонун Култуураҕа департаменын салайааччыта Р. М. Тихонова этии киллэрэн, 100 ахсааннаах, 152 сирэйдээх, дьэрэкээн өҥнөөх-дьүһүннээх, Дьокуускай куоракка «Сайдам» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ киирбит биир идэлээхтэрбит кэлэн элбэҕи ахтан аастылар, ылбаҕай ырыа ылланна, хомоҕой хоһоон хоһуйулунна, тохтор тойук туойулунна. Кинигэ өссө да инникитин салгыы тахсара былааннанар.
Үтүө дьоммут аатын үрдүктүк тутан, кинилэр айар үлэлэригэр сүгүрүйэрбит бэлиэтэ өрүү кэрэхсэнэ турдун!
Ньурба оройуонун Култуураҕа департаменын сырдатар-иһитиннэрэр салаата.