«Ийэ тыл уонна сахалыы сурук-бичик» күнүгэр аналлаах тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн нэһилиэнньэҕэ сахалыы диктант суруттарыыта буолар.
Бу акция республика үрдүнэн сылын ахсын ыытыллыбыта быйыл 10 сыла буолла.Бу тэрээһинтэн Ньурбалар эмиэ туора турбакка, Олунньу 17 күнүгэр Ф. Г. Сафронов аатынан киин библиотекаҕа уонна 17 библиотека – филиалыгар сахалыы дьыктаан суруйдулар.
Манна барыта 156 киһи кытынна. Араас эйгэҕэ үлэлиир дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан 220 тыллаах Николай Лугинов «Чыркымай» кэпсээниттэн быһа тардыыны суруйдулар.
Ньурбабыт оройуонугар «Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн» чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сахалыы дьыктаан аахсыйаҕа кыттан, сахалыы таба суруйууга холоммут, олоххо мэлдьи актыыбынай көрүүлээх дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Информационнай-методическай отдел