
Ыалдьыппыт — саҥа аат, хоһоонньут, матыыб айааччы СУОР СУРУК.
✍️Кэнсиэрт иннинэ айар-суруйар талааннаахтары кытта көрсүһүү, автограф-сессия ыытыллар.
📕Бу эрэ күн эһиги сэргээн ааҕар суруйааччыларгыт, ааптардаргыт кинигэлэрин атыылаһыаххытын эбэтэр эрдэ ылбыт кинигэлэргитин илдьэ кэлэн, автограф туруортаран бэйэҕитигэр бэлэх оҥостор түгэни мүччү тутумаҥ.
✨Эһигини күүтэллэр:
🖋️Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ:
Дьолуолаах, Айыына, Сахса Тар, Суһум, Айаалла уонна кинигэлээх ааптардар Сарыада, Чоххуруос, Уйусхаан, Байбал Салҕааһын, Дьэргэстэй кыыһа, Таисия Антоновка, Хорула Балбаара уо.д.а’
🗓️Сэтинньи 27 күнүгэр «Кыталык» КД күнүс ТҮӨРТ (16:00 )чаастан саҕаланар Ньурба уус литературатыгар бэлиэ хаалларар дьоһун түгэни көтүтүмэҥ.
🎟️Киирии билиэт сыаната 700 солкуобай.
Ньурбабыт айар-суруйар-матыыб айар- ыллыыр талааннаахтара эһигини долгуйа күүтэбит.

