МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

«Ньурба уоттарын» биир саҥа силиһэ — Чуукаарга «Уран Кут» айар түмсүү

Олунньу 13 күнэ — С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ — 1996 сылтан саха норуотугар ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНҮНЭН биллэриллибитэ. 26 сылын сахалар төрөөбүт тылбыт күнүн үөрэ-көтө бэлиэтиибит.
Бэҕэһээ Ньурба куорат килбэйэр киинигэр турар «Кыталыкка» «Сэттэ мыраан алгыһынан» диэн Чуукаар нэһилиэгэ оһуокай күнүн биһиэхэ бэлэхтээтэ. Күн устата барбыт тэрээһин биир бастыҥ олугунан «Айар иэйии аартыгынан» диэн түһүлгэ буолла.
Дмитрий Николаевич Пономарев — Дьолуолаах салайар «Ньурба уоттара» түмсүү үлэтин биир сүрүн хайысхатынан нэһилиэктэринэн айар дьоҕурдаах дьон — сэргэ, оҕо — ыччат түмсүүлэрин тэрийии буолар. Түмсүүлэр бары олохтоох бибилэтиэкэ ситимин иһинэн үлэлииллэр. Чуукаардааҕы бибилэтиэкэ (бибилэтиэкэр Клавдия Владимировна Андреева) иһинэн үлэлиир «УРАН КУТ» түмсүү (салайааччы Казакова Надежда Степановна) бу күн сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн мустубут дьоҥҥо сөхтөрө көрдөрдүлэр. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ түмсүүлэрин дьонун айымньыларын түмэн дьоҕус кинигэ гынан таһаарбыттар. «Ньурба уоттарыгар» 1971 сылтан баар суруйааччы Прокопий Чуукаарга быыстапка, «Ньурба уоттарын» кытта күн бүгүҥҥэ диэри ситимин быспакка илдьэ сылдьар, Аммаҕа олорор кырдьаҕас суруналыыс, бэйээт Евдокия Тимофеева куйаар ситимин нөҥүө эҕэрдэтэ, аттыларыгар илдьэ сылдьар хоһоонньуттара Маргарита Егорова араас хомуурунньуктарга киирбит хоһооннорун кинигэлэрин сэргэ Саха сирин үрдүнэн кыттыыны ылан кыайыытын туоһулуур суруктара, бэлиэлэрэ быыстапкатын бэйэтэ кэпсээһинэ, оскуола оҕолоро барахсаттар олоҥхону сэргэ хоһооннору толоруулара, олохтоох ааптардар хоһоонноругар ырыалары иһитиннэрии, тыл оонньуута — барыта, чахчы да төрөөбүт тылбыт күнэ буоларын күүскэ бигэргэттэ. Оһуокай түһүлгэтэ хас эмэ чааһы быһа ньиргийдэ, Чуукаар олохтоохторо түөлбэнэн бэлэмнээбит үөрэ мииннэрэ, саламааттара, алаадьылара, үтэһэлээх, тоҥ эттэрэ, чахчы да саха буоларынан киэн туттуу туругар тириэртэ. Маалыкайтан, Маартан, Чаппандаттан түмсүүлэртэн биирдии да буоллар кэлбиттэрэ Ньурба уоттарын актыыбын олус үөртэ. Дьоһун түгэн туһунан салҕыы санааларын сылдьыбыт-кыттыбыт-астыммыт айар куттаахтарбыт, «Ньурба уоттарын» сүрүн актыыба кэпсииллэр:
Алла Сельтюкова — Айаалла: «Кыталык» култуура дьиэтигэр, саха тылын уонна сурук-бичик күнүн өйдүү-саныы сылдьар курдук, бэрт үчүгэй,сэргэх тэрээһин буолла. Чуукаар нэһилиэгин айар дьоҕурдаахтара «Уран кут» түмсүүлэрин сыллааҕы таһаарыылаах үлэлэрин сөҕө, үөрэ иһиттим. Бу былырыын аҕай саҥа тэриллибит түмсүү диэтэххэ, биир сылга элбэҕи ситиспиттэрин аҥардас быыстапкаларыттан көрөн, чахчы үрдүк таһымнаахтык үлэлииллэрин хайгыы, киэн тутта санаатым. Аны,сахалыы куттаах эдэр суруйар, хоһуйар дьоҕурдаах оҕолорун саастаах дьон иһирэх сүрэхтэригэр бигээн, сырдык санааларыгар суулаан, сылаас хоннохторугар харыстыы уктан бүөбэйдээн, сүбэ-ама буолан бэйэлэрин кытта тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьалларын олус кэрэхсээтим. Ийэ тылбыт, бу билиҥҥи булкуурдаах, дьалхааннаах олохпут баламат сайдыытын долгунугар тэҥҥэ устар кыаҕы ылыаҕар эрэл үөскээтэ. Чуукаар нэһилиэгин үтүө дьоно-сэргэтэ, төрөөбүт тылга ийэлии-аҕалыы тапталынан сыһыаннаһан, кэнчээри ыччаккыт үс кутун бөҕөргөтөн,чахчы саха оҕотобун дэнэллэригэр бигэ, чиҥ тирэх буолан,саха омук аата үйэлэргэ ааттана турарын туһугар санааҕытын ууран үлэлииргитигэр муҥура биллибэт махталбын этэбин.»
Тимофей Шестаков — Түмэ Чоххуруос: «Дьэ, Чуукаардар барахсаттар, баара эрэ биир сыллааҕы үлэлэрэ диэтэххэ,сөҕүмэр тэтимнээх, элбэх үлэ тэрээһинэ олус бэрткэ барбыт эбит. Үлэ үөһүгэр сылдьар кэрэ Далбардар сүрэхтэрин баҕатынан айа-дьайа сылдьаллара, сүрэҕи үөрдэр, иэйиилээх санааны иитэр, маннык бары бииргэ тутуспутунан үөрэ-көтө,эдэр дьонноргутун көҕүлээн, үрдүккэ кэрэҕэ сыһыаран түмсүүгүтүн халыҥата тураргытыгар бэйэм истиҥ баҕа санаабын этэн туран,маннык минньигэс амтаннаах астаах, уһун, кэтит сандалыгытыгар ыга топпут бэлиэбинэн дириҥ махталбын этинэбин уонна көмүс бөрүөҕүт сыппаабатын, А4-ре кумааҕыгыт олох бүтэн биэрбэккэ хоһоон, кэпсээн хонуутугар тэлгэнэ турдун —диэн аҕам саастаах киһи быһыытынан бары үтүөнү, доруобуйаны,дьолу—соргуну баҕаран тураммын— алгыспын этэбин, мааны тылларбын тириэрдэбин»
Валентина Федотова-Алгыстаана: «Ньурба уоттара» үлэтин сүрүн хайысхата хамсаабытыттан наһаа үөрдүм. Маалыкайга, Маарга, Хорулаҕа баар түмсүүбүт күүстээх салааларыгар өссө Чуукаар «Уран Куттара» эбиллибитэ уонна бүгүн төрөөбүт тыл күнүгэр кинилэр уһулуччу тэрээһиннэрэ салҕыы үлэлииргэ кынаттыыр. Бу Ньурба оройуонун кииннэммит бибилэтиэкэтин иһинэн сүрүннэнэн үлэлиирбит үтүө көстүүтэ. Ньурба куоракка уонна нэһилиэк аайы айар дьон бибилэтиэкэҕэ кииннэнэн — дьиэлэнэн үлэлиирбит олус үчүгэй. Бибилэтиэкэрдэр кинигэ тахсыытыгар дьоҕурдаахтара да бэрт. Клавдия Владимировна «Уран кут» хомуурунньугу таһаарбыта наһаа кэрэхсэбиллээх. Биһиги итини өссө элбэтэр кыахтаахпыт эбитэ буоллар дуу, диэн баҕа санаа үөскүүр. Надежда Степановна удьуор айар — суруйар дьон сыдьаана, Евдокия Иннокентьевна балта, түмсүү салайааччытын быһыытынан үлэтин чаҕылхайдык саҕалаата. Чуукаарга эдэр ыччат түмсүүгэ баара олус үөртэ. Салҕыы ити оҕолору киэҥ эйгэҕэ таһаарарга үлэлиэххэ наада. Кытаатыҥ, «Уран куттар»! Төрөөбүт тылбыт үйэлэргэ дуорааннаахтык иһиллэрин туһугар бииргэ сомоҕолоһон үлэлиэҕиҥ»
Чуукаартан Уран Кут түмсүүттэн хоһоонньут Маргарита Егорова үөрбүтүн биллэрэн долгутта: «Ньурба уоттара » түмсүү дьоһун мааны Далбар хотуттара уонна Эр хоһууннара » Уран кут» түмсүүнү сылаас сыһыаҥҥытынан, истиҥ мичээргитинэн, уйаҕас куткутунан суулаан итиитик — истиҥник көрсүбүккүтүгэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Чугастан билсэн, үтүө — мааны тылгытын истэн, биир сомоҕо, иллээх дьиэ кэргэн эйгэтигэр киирэн санаалыын сырдаан, дууһалыын чэпчээн таҕыстым. Оһуохайбын өйөөн кынат буолан киирбиккитигэр олуһун диэн үөрдүм, долгуйдум. Кэлэр өртүгэр өйөһөр өһүөлээх, эрэнэр эркиннээх айар тутар аартыгынан бииргэ айанныырга, үөрүүлээх даа кыһалҕалаах даа кэмнэргэ бииргэ буолар бигэ санаалаах таҕыстым. Барыгытыгар өссө төгүл үгүрү — сүгүрү буолуохтун!»
Саха буолан сандаарыахха, киһи буолан килбэйиэххэ, диэн санаанан салайтаран сахалыы тыллаахпытынан киэн туттуу туругар киллэрбит «УРАН КУТ» түмсүүгэ инникитин айымньылаах үлэни, ситиһиилэри, үгүс үөрүүлээх түгэннэри эрэ түстүүбүт.


Сонуннаата М. Ноева.