Ньурбаттан бастакы ССРС суруйааччыларын Сойуустарын чилиэнэ, суруйааччы журналист СТЕПАН ПРОКОПЬЕВИЧ ФЕДОТОВ олунньу 10 күнүгэр 1935 сыллаахха Дьиикимдэ түөлбэтигэр Дьөттүн алааһыгар төрөөбүтэ.
Суруйааччы литератураҕа очеркаларынан киирбитэ. Кини талба баай саха тылын араас толбонунан оонньотон, имигэсик наардаан ааҕааччылары абылаабыта. Хомоҕой тыллаах очеркист буоларын таһынан уус-уран айымньылары: кэпсээннэри, сэһэннэри, хоһооннору, тугунан да кэмнэммэт баайы, суруйан хаалларбыт, Ньурбатын ааттаппыт суруйааччы С. П. Федотов олоҕо, дьылҕата, айымньылара хаһан да кырдьыбат.
Суруйааччы аата, үлэлэрэ үйэлэргэ хааларын туһугар үлэлиир дьоннортон биирдэстэрэ 2020 сыллаахха хоһооннорун түмэн «Туойуох-ыллыах санаам киирдэ» кинигэни таһааттарбыт, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ учууталларын учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ «Таптал уонна бэриниилээх буолуу иһин» мэтээлин кавалера, Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Ньурба улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин», РФ судаарыстыбаннай статистикатыттан «2006 сыллааҕы Бүтүн Россиятааҕы биэрэпис үлэтигэр уһулуччу кыттыытын иһин» бэлиэлэр хаһаайына Луиза Акимовна Канаева Степан Федотов кыыһыгар Сардаана Федотоваҕа харалла сытар мас чымыдааныттан суруктары, блокноттары, тэтэрээттэри үөрэтэн «Эргэ чымыдаан кистэлэҥэ» кинигэни бэлэмнээбитэ бу кэмҥэ «Айар» кинигэ кыһатыгар күн сирин көрөөрү сытар. Саха норуотугар суруйааччыбыт С.П. Федотов нэһилиэстибэтиттэн өссө биир дьоһун, саха тылын үйэтитиигэ олус суолталаах, ааспыт үйэ кэмин сэгэтэн көрдөрөр кинигэ тахсарын күүтэбит.
Бүгүн, олунньу 10 күнүгэр — Степан Прокопьевич Федотов 1962 сыллаахха кулун тутар 31 күнүгэр суруйбут, саҥа кинигэ киирбит, «АРТУР» диэн кэпсээнин бар дьоммутугар бэлэх уунабыт.
Артур
Артур биир сылы быһа ыалдьар… Аҕата Андрейка көтөҕөн олорон, “Артур” дии-дии сыллыыр. Кини ол курдук ылларбыт.
Оҕо, оҕо барахсан – олох үөрүүтэ. Ол да иһин оҕолоох ыалга оннооҕор уот үөрэр диэн өс хоһооно үөскээтэҕэ.
…Артур “эһэх-һээх” – диэн ытыыр бэйэтэ бүгүн “ийээ” – диэтэ. Маша сыыһа истибэтэ. Иккиһин илэ чахчы инньэ диэтэ. Ону кытта хос иһэ сырдыы түстэ. Артур бухатыыр курдук күн тура-тура улаатан истэ. Оронуттан туран кэллэ. Оронун уһаты-туора кэрийэ сатаан баран аны туран муостаҕа түстэ. Үс атах буолан сыылла. Турда! Биир хаамыы. Онтон лах гына олоро биэрдэ. Турда. Икки хардыы. Үс. Үөрүү.
Онтон… онтон Артур өтөр-наар өгдөйбөт охтуутун оҕунна. Кинини менингит ыарыы суорҕаҥҥа-тэллэххэ суулларан түһэрдэ. Сырдык-хараҥа иһигэр киирэн сытта. Харас от курдук хап-харанан көрбүт төп-төгүрүк харахтаах харачаан уолчаан… кини ийэлээх-аҕатыгар төгүрүк сыл күн күлүмүн көрдөрбөккө, бүдүгүрэн ааста. Оҕолоро хараҕынан көрбөт, кулгааҕынан истибэт буолаахтаата. Саҥатыттан эмиэ матта. Көҥдөй көхсө. Хап-хара харах аны көрбөт күн сирин, ийэни-аҕаны, ити чап-чараас уостар аны ийэ-аҕа диэн эппэттэр…
Якутскай. Тыыннаах икки, өлбүт икки ардынан оҕону Нина Афанасьевна түөһүгэр ылан көтөхтө. Врач эрэ буолбакка ийэ сүрэҕэ мөҕүл-мөҕүл мөхсүмэхтээн ылла.”Ийэтэ төһө эрэ эрэйдэнээхтээтэ… Билигин санаа эмсэҕэр эрийтэрэн түптээх-таптаах олоҕу умна сырыттаҕа” – диэн санаалар кииртэлээтилэр. Артуру Ньурбаттан аҕалбыт дьон ханнык эрэ кумааҕылары хачыгыратан таһааран илии баттатаат,элэс гынан хааллылар. Кинилэр Нина Афанасьевнаҕа туманнаах кыламан быыһынан күлүк курдук күлүгүлдьүһэн көһүннүлэр.
…Мас курдук сытар Артур аттыттан маҥан халаат күнүс да, түүн да арахпата. Тыын өрүһүлтэтэ, олох харабыла буолан, утуктуу-утуктуу олордулар кыһыҥҥы уһун түүннэргэ, сааскы сандаархай күннэргэ. Көдьүүс көстүбэт. Эрэл кыыма кылах гынан саҕылла-саҕылла, улаҕата суох харахтаах ыаһырар хараҥа дириҥ-далай түгэҕэр түһэн истэ. Онтон… Онтон биир үтүө күн Артур били көҕөрө өлбүт уостара саҥа тахсан эрэр сааскы күн саһарҕатыныы тэтэрэ кыыстылар. Нина Афанасьевна “алҕаһаатым дуу” – диэн оҥостон олорон одууласта. Утуйбатах түүннэрдээҕи сылаа-элээ күлүгүн үөрүү, үлүскэн үөрүү суйдуу сотто.
Итинтэн эр ылан киһи эрэ барыта Артур истээрэй да диэн салгыахтарыгар диэри аатынан ыҥыран тахсар идэлэннилэр. Аҥаардастыы Артур эрэ диэбэккэ, “папа”, “мама” – диэн тыллары сүһүөхтүү этэллэр. Бу аптаах тыллар кырачаан оҕону эрэ буолбакка, эр бэртэрин даҕаны өлөр өлүүттэн үгүстүк өрүһүйбүттэрэ. Оттон Артур аатын да ити тыллары да истибэт этэ – таас дьүлэй буолуу хаһан тобулбута баарай. Кини намчы уостарын кэтэһэллэрэ – баҕар кинилэр этиэхтэрэ ити кэрэ тыллары. Суох кинилэр саҥарыахтааҕар, муҥ саатар ибирдээн хамсыы түспэттэр.
Онтон “мама” – диэтэ. Нина Афанасьевна имэ тэтэрэ, сирэйэ сырдыы түстэ. Сылаа-элээ күлүктээх харахтара сиппит сугун ыраас өҥүнүү сырдаатылар. Арай төрөппүт ийэ оҕотун маҥнайгы тылыттан итинник үөрээ ини.
Ийэ. Иккис ийэ. Икки ийэ оҕото. Өлүү-тиллии мөккүөрүгэр, өрө мөхсө сытар. Ыарыһах даҕаны, тунал маҥан халааты тыын харыһыгын, олох көмүскэлин курдук көрөн, бэйэтигэр ыҥыра сытааччы, оттон чугаһаатаҕына, өлбөт-мэҥэ уутун булбуттуу, бэйэтигэр эпсэри тардан ылааччы.
Арай, арай Артурга эрэ көстүбэт ыра санаа ырааһыныы ып-ыраас ити халаат. Кини көрбөт. Көрөрө да эбитэ буоллар, киниэхэ кэрэтийэн көстүө биллибэт – өлбүт-тыыннаах икки ардынан сыппыта. Кини оҕолуу нарын уостара палата эркинин курдук көҕөрүмтүйэ өспүтэ, оттон икки имэ саҥа бырастыына курдук куп-кубаххай. Маҥан, барыта маҥан. Балаата иһин саамал быыс саба бүрүйбүккэ дылы. Өлөр-өлүүнү ким үүрүөй, харахха көстүбэт ол саамалы ким бу хостон холдьоҕуой?