Тыл-омук баайа. Тыл сүттэӄинэ омук эстэр. Онтон тыл хайдах туттулларыттан омук туруга көстөр. Хас биирдии норуот бэйэтин тѳрѳѳбүт тылын, тѳрүт культуратын илдьэ сылдьан, үѳрэтэн, сайыннаран, сүтэрбэккэ кѳлүѳнэттэн кѳлүѳнэҕэ тиэрдэн иhиэхтээх. Бу ѳбүгэлэрбититтэн хаалбыт киэн туттуубут, уратыбыт буолар. Ийэ тылын кэрэхсиир, норуотун үтүѳ үгэстэрин билэргэ талаһар оӄо сайаӄас ѳйдѳѳх-санаалаах буола улаатар. Билиӊӊи кэмӊэ саха оӄолоро ийэ тылларын билбэккэ улаатан, бэйэлэрин сахалыы ѳйдѳрүн-санааларын, быһыыларын-майгыларын улам сүтэрэн иһэллэр. Норуот уус-уран айымньытыгар улахан суолтаны уурбаттар. Үксүн омук, нууччалыы кинигэни ааӄаллар, телевизорынан омук биэриилэрин кѳрѳллѳр. Нууччалыы сахалыы буккуйан саӊараллар. Туох барыта иитииттэн, үөрэтииттэн тутулуктаах. Ийэ тылбыт эмиэ дьиэ кэргэҥҥэ саҕаланан баран уһуйаанынан, оскуоланан, үрдүк үөрэҕинэн эргийэр. Онон оҕону ийэ тылыгар уһуйуу аҥаардас дьиэ кэргэнтэн дуу, үөрэх тэрилтэтиттэн дуу тутулуктаах, кинилэр эрэ дьарыктаныахтаахтар диэн кимиэхэ эрэ сэлээнниир сыыһа. Оҕо саҥарар саҥата, кэпсэтэр дьоҕура мөлтөөбүтэ бэлиэтэнэр. Уһуйааҥҥа, оскуолаӄа былааннаах үлэ барарын үрдүнэн, тас эйгэттэн (куйаар ситимэ) киирэр сабыдыал күүстээх. Учуонайдар кэтээн көрүүлэринэн, аныгы кэмҥэ ийэ, аҕа оҕотун кытта ортотунан кэпсэтэр алтыһыылара күҥҥэ сүүрбэччэ эрэ мүнүүтэ. Оҕо саҥарар саҥата урукку кэмнэрдээҕэр быстар мөлтөх. Төрөөбүт тылларынан саҥарыахтарынааҕар, сатаан саҥарбат кыһалҕалаах оҕо сылын аайы үксүү турар. Төрүөтэ – көмпүүтэр, төлөпүөн сайдыыта, ютуб ханаал… Төрөппүттэр, бириэмэбит суох диэн ааттаан, оҕолоругар төлөпүөнү туттараллар, оҕолуун дьиҥ кэпсэтии суох. Аны, оҕом нууччалыы саҥардаҕына, гаджеты баһылаатаҕына, кини быдан сайдыылаах уонна аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыа диэн өйдөбүллээхтэр. Бу итэӄэһи туоратыһар, тѳрѳппүттэргэ кѳмѳлѳһѳр сыаллаах Оӄо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ от ыйыгар, биир ый устата „Дорӄоон хонуута“ диэн ааттаан барыта холбоон 25 оӄо Дьокуускайтан, Сунтаартан, Ньурбаттан сахалыы саӊара, ааӄа үѳрэнэргэ икки бѳлѳӄүнэн эбии дьарык ыыттыбыт. Оскуолаӄа киириэн иннинээӄи саастаах оӄолор дорӄоону чуолкайдык саӊарбат буолуулара үксээтэ. Оӄону дорӄоону чуолкайдык саӊарбат биричиинэтэ араас: — саӊарар аппараат айылӄаттан итэӄэһэ; — саӊарар аппараат үчүгэй эрээри, быччыӊа кыайан сайдыбатаӄа; — саӊарарыгар уоһун, тииһин, тылын сыыһа туттара, хамсатара. Бастакы бѳлѳххѳ (оскуолаӄа киириэн иннинээӄи саастаах оӄолор) дорӄооннору, сүһүѳхтэри чуолкайдык саӊара, ситимнээх саӊаны үѳрэтиигэ улахан, сүрүн болӄомтобутун уурдубут. Маны таһынан, истибиттэн кэпсииргэ үѳрэннибит, хартыынанан үлэ уонна илиини сурукка бэлэмнээһин ыытылынна. Иккис бѳлѳххѳ (алын кылаас оӄолоро) сахалыы ааӄыыга эрчилиннибит, сахалыы дорӄооннору хатылаатыбыт. Евгений Климкович методикатынан ааӄыы араас ньымаларын кѳмѳтүнэн ааӄыы тэтимин үрдэтэргэ араас эрчиллиилэри үѳрэттибит. Хартыынанан үлэ, сахалыы дьыктаан, мүнүүтэӄэ ааӄыы дьарыкка эмиэ киирдилэр. Дьарык тохтобулугар, урукку кэмнэртэн сүппэккэ тиийэн кэлбит, хабылык, хаамыска, тырыыӊка курдук остуол оонньуутунан оӄолор сѳбүлээн дьарыктаннылар. Мүнүүтэӄэ ааӄыыга бастыӊ ааӄааччыларынан буоллулар: Тимофеев Марк (2 № оскуола), Кириллов Витя, Михайлов Айсиэн (3 № оскуола), Иудина Амелия (1 № оскуола). Түмүгэр оӄолор дьарыкка сылдьыбыттарын бигэргэтэр сурук туттулар. Дьарыкка сылдьыбыт оӄолор тѳрѳппүттэрин санаалара: От ыйыгар 3 нэдиэлэ устата Кииннэммит библиотека ситимигэр 2 бөлөҕүнэн «Дорҕоон хонуута» диэн оҕону сахалыы аахтарар дьарык буолла. Бу дьарыкка араас саастаах оҕолор күн аайы 2 чаас устата дьарыктаннылар. Биһиги оҕолорбут аныгы олох тэтиминэн, интернет да содулунан, бэйэбит да көтүмэхпитинэн нууччалыы ордук саҥарар буоллулар. Төрүт дорҕоонноро сүтэн, «ҕ», «һ» дорӄооннор, дифтонг төрүт да иһиллибэт буолан барда. Ол иһин, бу дьарыкка биэрэммит оҕолорбут дорҕоону сөпкө саҥаралларын, аахпыттарын өйдүүллэрин, ону сатаан кэпсииллэрин дьарыктаннылар. Библиотекардар олус кыһаллан, күн аайы ааҕыы араас көрүҥүн туһанан дьарыктыыллар эбит. Оҕобут дьиэтигэр кэлэн, сорудаҕым бу тиэкиһи көннөрү ааҕабын, бу тиэкиһи таҥнары ааҕабын, бу тиэкиһи саба-саба ааҕабын, бу тиэкиһи сарсын кэпсиибин диэн араас методиканы кэпсиир. Күн аайы дьарык «30 мүнүүтэ курдук ааста», «40 мүнүүтэ курдук ааста» диэн 2 чаастаах дьарыгын сыаналыыр. Библиотека ситимин үлэһиттэригэр билиҥҥи кэмҥэ сытыы кыһалҕаны быһаарарга олус наадалаах дьарыгы тэрийэн, күн аайы үөрэ-көтө уонна буор-босхо биһиги оҕолорбутун ааҕыыга уһуйбуккутугар төрөппүттэр ааттарыттан махтанабыт. Кирилловтар дьиэ кэргэттэрэ. Оӄо уонна ыччат библиотекатын тэрийиитинэн «Дорӄоон хонуута» дьарыкка биһиги 6 саастаах кыыспыт Эльза Иванова сылдьан дьарыктанна. Дьарыгы оӄо библиотекарын үлэһитэ М.В.Константинова уонна оӄону кытта үлэ методиһа И.И.Павлова ыыттылар. Эльза дьарыгар олус сѳбүлээн сырытта. Бу дьарыкка оӄолорго дорӄооннору чуолкайдык саӊарарга, илиини сурукка бэлэмнииргэ, ситимнээн кэпсииргэ, таабырын таайарга, остуоруйаны истибиттэрин кэпсииргэ үѳрэннилэр, элбэх сүбэни ыллылар. Маннык дьарык оӄолорго олус туһалаах, элбэӄи эбиннилэр, биллилэр. Дьарыгы ыыппыт библиотека үлэһиттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ. Ньурбатааӄы оӄо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыыппыт «Дорӄоон хонуута» сахалыы дьарыкка биһиги оӄобут Айсиэн биир ый дьарыктанна. Библиотекарь Марта Васильевна Константинова уонна библиотека методиһа Ирина Ивановна Павлова ыытар сахалыы дьарыктарын олуһун сѳбүлээтэ. Күн аайы бибилэтиэкэттэн кэлэн бүгүӊӊү күӊӊэ тугу дьарыктаммыттарын кэпсиир. Ааӄарга, кэпсииргэ туһалаах араас эрчиллиилэри, ньымалары тутталлара биһигини эмиэ сѳхтѳрдѳ. Методист Ирина Ивановна «10 волшебных упражнений для развития техники чтения» диэн брошюраны бэлэмнээн оӄолорго биэрбит. Бу ааӄыыны тупсарар сыаллаах олус умсугутуулаах эрчиллиилэри күӊӊэ 15 мүнүүтэ хатылаатахха туһалааӄын ѳйдѳппүт. Холобура, кумаахы лииһигэр 1-тэн 30-ка дылы ыһыллан суруллубут сыыппаралары булан ааӄаллар эбит. Оӄоӄо ордук интэриэһинэй песочнай чаһыынан мүнүүтэӄэ ааӄыы буолла. Ону таһынан, мүнүүтэӄэ ааӄарга долгуйа – долгуйа атын бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр баран ааӄан уонна кэпсээн биэрэллэр эбит. Дьарыкка бибилэтиэкэ бары кѳхтѳѳхтүк кыттыһан үлэлииллэрэ оӄолор интэриэстэрин тардыбыт. Оскуолаӄа биир учууталга эрэ үѳрэнэ сылдьар оӄолорго ордук сонун буолла. Аахпыттан кэпсииллэрин таһынан хартыына ойуутун кэпсииргэ, хоһоон ааӄарга үѳрэтэллэр. Баӄа туһунан хоһоон аахпыттар, ѳйтѳн ааӄарга эрчиллибиттэр, кумаахынан ыстаӊалыыр баӄа оӊорорго холонон кѳрбүттэр. Баӄа уһун тыллааӄын, тылынан үѳнү-кѳйүүрү тутан аһылыктанарын, баӄа туһалааӄын сѳӄѳн кэпсээтэ. «Баӄа кумаары, оӊоойуну сиэбэтэ буоллар биһигини ѳссѳ элбэх үѳн-кѳйүүр сиэ, ытырыа эбит», — диэн түмүккэ кэллэ. Маннык, оӄо интэриэһин тардар сахалыы дьарыктар ѳссѳ да буола турдуннар диэн баӄа санаабытын этэбит. Бары бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр барӄа махталбытын тиэрдэбит! Үлэлээбит үлэӄит куруук ситиһиилээх буоллун! Михайловтар дьиэ кэргэттэрэ. 29.07.2022 сыл. Салгыы маннык дьарыктары кыра бѳлѳӄүнэн үѳрэх дьылыгар оӄолор каникулларын кэмигэр салӄыахпыт. Быйыл Саха Өрѳспүүбүлүтэтин үѳрэӄирии эйгэтигэр Ааӄыы сылынан биллэриллибитэ үтүѳ түмүктэри аӄалыа диэн эрэнэбит. Сахабыт тылынан саӊара, ааӄа үѳрэниэххэ.
И.И.Павлова, оӄону кытта үлэӄэ методист