Сахабыт сирин биллэр оҕуруотчута Агафья Афанасьевна бүгүн олунньу 8 күнүгэр Чаппанда нэһилиэгэр «Дьоҕур» норуот айымньытын дьиэтигэр, библиотекаҕа тахсан -оҕуруот аһын үүннэриитигэр араас сүбэлэри уонна кистэлэҥ ньымаларын көрдөрдө. Агафья Афанасьевна уон оҕолоох ыалга маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүт буолан оҕо эрдэҕиттэн оҕуруокка сыста улааппыт. Кэлин 1981 сыллаахтан оҕуруотунан дьарыктаммыта 42 сыла буолбут. Оҕуруокка сыстан араас сибэккилэри, оҕуруот астарын үүннэрэн көрөн, уопутуран агроном үөрэҕэ суох да буоллар сүбэлии — амалыы сылдьар, билбитин — көрбүтүн, бэйэтин уопутун, билиитин, сүбэтин дьоҥҥо тиэрдэр, үллэстэр.
Билигин бу сайдыылаах кэмҥэ батсаап оҕуруотчуттар группаларын нөҥүө эмиэ кэпсэтэбит, санаабытын үллэстэбит. Ол гынан баран маннык көрсөн олорон аһаҕастык кэпсэтии, санаа атастаһыыта дьоҥҥо ордук тиийимтиэ буолар, — диэн этэр . Киһи киһиттэн үөрэнэр, сайдар. Уонна саамай үчүгэй үөрэх ыҥыран ылан илдьэн көрдөрүү ордук үчүгэй буолар, миигин сорох дьоннор ыҥыран, үүнээйилэрин көрдөрөн сүбэ — ама ылааччылар эмиэ бааллар, ыҥырдахтарына үөрэ — көтө субэбин, билиибин биэрэн үөрэтэбин.
Бүгүн Агафья Афанасьевна биэрэс, баклажан, кукуруза рассадатын олордууттан саҕалаан: дельфиниум, репчатай луук, чеснок, помидор, оҕурсуу, моонньоҕон, малина, хаппыыста, тыква, дыня, арбуз тустарынан, суордун арааһын, ханнык сорт үчүгэйин, ханнык кэмҥэ олордулларын, көрүүтүн — харайыытын, уоҕурдуулар тустарынан элбэҕи кэпсээтэ. Вишня, яблоня үүннэриини билиһиннэрдэ, бэйэтэ үүннэрбит вишнятын көрдөрдө. Уонна биир саамай эргиччи сылы быһа сиир аспытын, хортуоппуй туһунан бэрт интэриэһинэй сүбэ биэрдэ. Биһиги хортуоппуйу бэйэтин сиэмэтинэн эрэ олордор буоллахпытына, хортуоппуйга тахсыбыт араскытыттан олордуллубут хортуоппуй ордук үчүгэйдик үүнэрин, рассадалаан олордууну биллибит. Ойууртан аҕалан моонньоҕону уонна да атын уунээйилэри соҕотохтуу буолбакка хас да угу олордору, көрүүтүн — харайыытын, олордуутун тустарынан билиһиннэрдэ. Бэрт үчүгэй, сэргэх тэрээһин ыытылынна, кэлбит дьон элбэҕи билэн, ону таһынан, үүнээйи араас сиэмэтин атыылаһан бардылар. Аны күһүн оҕуруот аһын туустааһыҥҥа, харайыыга сүбэ — ама, биэрэ кэлиэх буолла. Кулууп аатыттан Махтал сурук, кинигэ бэлэхтээтибит.
Олохтоох корреспондент Тимофеева Е. С.