1984 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр тахсыбыт “Коммунизм суола” N 54-дээх хаһыакка Маалыкай оскуолатын учуутала Н. Васильев ыстатыйатын библиотека архыыбыттан эһиэхэ билиһиннэрэбит.
Ол өрөгөйдөөх күҥҥэ
(Ньурбаҕа 1945 с. ыам ыйын 9 күнүгэр)
Бу күннэргэ Кыайыы бырааһынньыгын туһунан сэрии кыттыылаахтара бэйэлэрин ахтыыларын суруйаллар. Ол. Сөптөөх. Оттон ол күннэргэ үлэлии, үөрэнэ сылдьыбыттар ол эмиэ өрөгөйдөөх, үрдүк үөрүүлээх түгэннэри умнубаттара чахчы. Мин 1945 сыл ыам ыйын 9 күнэ – Кыайыы күнэ Ньурбаҕа хайдах бэлиэтэммитин ахтыахпын баҕарабын.
Ити сыл биһиги Ньурба орто оскуолатын IX кылааһын бүтэрээри сылдьар этибит. Элбэх оҕо интернакка олорорбут. Оччолорго кимиэхэ баҕарар ас-таҥас кэмчи этэ. Ол да буоллар дьон-сэргэ үөрэ-көтө үлэлии, үөрэнэ сылдьыбыппыт. Уу-хаар тахсыбытын кэннэ, муус устар бүтэһигин диэки, биһиги хаатынканан оскуолабытыгар сылдьа сатаан баран, биир күн барбатыбыт. Онуоха районо сэбиэдиссэйэ Герасим Васильевич Федоров кэлэн, биһиги хаатыҥкаларбыт элээмэтин көрүдүөр ортотугар чөмөхтөөн сытарбытын көрөн барда. Аҕыйах хонон баран, Маай бырааһынньыгын диэки, биһиэхэ барыбытыгар ииччики диэн этэрбэс биэртэлээбиттэрэ. Дьэ онон күн аайы оскуолабытыгар үөрэ-көтө сырсан тэлимтэхтэһэр дьон буоллубут.
Ыам ыйын 9 күнүгэр биһиги тохсус кылааспытыгар нуучча литературатын уруога маҥнайгы уруогунан буолуохтаах. Учууталбыт Василий Алексеевич Семенов туох да кумааҕыта суох киирэн кэлтэ. Кини биһиэхэ : “Оҕолор, бүгүн Кыайыы буолбут, гитлеровскай Германия капитуляциялаабыт, онон үөрэх буолбат. Эһиги эмиэ үөрүҥ-көтүҥ, көрүлээҥ”, — диэбитэ уонна үөрэн-көтөн тахсан барбыта. Биһиги, биллэн турар, интернаппытыгар тэлимээттэһэ турбуппут. Ол баран иһэн көрдөхпүтүнэ, бөһүөлэк уулуссалара киһинэн туолбут этилэр. Аны санаатахха, өрүс үрдүнээҕи Ленин уулуссата, бөһүөлэк киин уулуссата – Октябрьскай уулусса, оччолорго да уп-уһун Советскай уулусса дьонунан толору этилэр. Ол дьон хайдах эрэ төтөрү-таары сүүрэлэһэ сылдьан үөгүлэһэр, бэйэ-бэйэлэрин эҕэрдэлэһэр, айхаллаһар этилэр. Ытаһа-ытаһа күлэр, күлэ-күлэ ытаһар дьоннору элэс көрөн ааһаҕын. Ол быыһыгар сыллаһа турар дьону эмиэ көрөҕүн. Биһиги эмиэ ол дьону кытта булкуһан уулуссаларынан күргүөмүнэн үөгүлэһэн бар дьон өрөгөйдөөх үөрүүтүнэн үөрсэ сылдьыбыппыт.
Онтон улахан баҕайы кулууп дьиэҕэ миитин буолбута. Биһиги эмиэ улахан дьон быыһынан-ардынан кулууп дьиэ иһигэр баар буолбуппут. Биһигини ким да үүрбэт, көҥөөбөт быһыылааҕа. Миитини партия райкомун бастакы секретара Спиридон Иванович Сосин аспыта. Тылы Александр Николаевич Чусовской эппитэ. Кини бастаан нууччалыы, онтон сахалыы тыл этэн куугунаппытын билигин да умнубатах эбиппин. Биллэн ткрар, кини ытыс да кумааҕыта суох этэ.
Кини : “Хара күлүктээх Гитлер хараҥа күүстэрин Кыһыл Армия хотойдоро тобуктаттылар, бохтоттулар”, — диэн саҕалаан баран, аҕыйах тылынан биһиги да уулуссабытыгар сырдык күн тыкпытын, аны дойду сэриигэ эмсэҕэлээбит хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ норуот ткрунуохтааҕын туһунан этэн барбыта. Ытыс таһынан, үөрэн-көтөн, дьон бары уулуссаҕа кутуллан таҕыстыбыт уонна кулууп тула оһуохай үҥкүүтэ онно-манна буолуталаан барда. Оччолорго Ойуунускай диэн ааттанар, уһун курбуу, эдэрчи киһи Ньурбаҕа улахан оһуохай тылын этээччи баара. Кини түһүлгэтэ киэҥин эриэхсит, ол күн. Ол оһуохайга С. И. Сосин, Н. К. Иванов-Туутахай, А. Н. Чусовской, Г. В. Федоров уо. д. а. оройуон салайааччылара киэһэ хойукка диэри сылдьыбыттарын саныыбын. Дьэ ити курдук 1945 с. ыам ыйын 9 күнэ дьон үрдүк өрөгөйүнэн умнуллубаттык барбыта.
Сарсыҥҥытыттан биһиги эмиэ үөрэнэ барбыппыт. Үөрэх бары предметтэрэ Кыайыы туһунан биһигини өйдөтөрдүү бараллара. Бу күннэргэ хайдах да куһаҕаннык үөрэнэр, үлэлиир сатаммат курдук буолбута. Ону биһиги эмиэ өйдөөн үөрэхпитин умсугуйан үөрэтэр буолбуппут. Оччотооҕу учууталларбыт барахсаттар А. Н. Чусовской, В. В. Андреева, В. М. Кондаков, М. М. Бубякин, М. М. Николаева, М. А. Аскальская, Н. С. Емельянов, В. А. Семенов уо. д. а. өрө көтөҕүллэн туран биһигини үөрэтэн-такайан ити үөрэх дьылын түмүктээбиппит.
Ити сайын буолбут Кыайыы ыһыаҕын эмиэ ким умнуо баарай. Пааркаҕа анаан оҥоһуллубут үрдүк трибунаттан артист Роман Никифоров Ньурба оройуонун үлэһиттэрин табаарыс И. В. Сталин эҕэрдэ суругун андаҕар курдук ааҕан титирэстэппитэ хайдах курдук долгутуулаах этэй?! Оттон киэһэтигэр С. А. Зверев үҥкүү тыла эппитигэр түһүлгэ уҥуор сылдьаркиһи чөҥөчөк эрэ саҕа буолан көстөрө. Ол курдук киэҥ түһүлгэ үөскээбитэ. Кини дорҕоонноох куолаһа оччолорго Антоновкаҕа, Ворошиловка, уҥуор Кировка, арҕаа Наука сиригэр иһиллибитэ буолуо. Ол С. А. Зверев үҥкүү тыла этэрин композитор М. Н. Жирков түһүлгэ таһынан батыһа хаама сылдьан иһиллээбитэ.
Дьэ ити курдук норуот улахан, үөрүүлээх күннэргэ түллэ-үллэр, үөрэр-көтөр, түмүллэр, өрөгөйдүүр түгэннэрин көрбүтүм миэхэ , биһиэхэ барыбытыгар даҕаны умнуллубаттар. Хара күлүктээх Гитлер курдук, билигин биһиги планетабытын хараҥа күлүгүнэн барыйыан баҕарар Рейган баһылыктаах Америка баһылыктара итинник дохсуннук түмсэр, түллэр-үллэр норуоту тобуктатыахпыт дии саныыллара буолуо дуо? Суох, итинник дуулаҕа күүстээх норуот тобуктуо суоҕа!
Н. Васильев Маалыкай оскуолатын учуутала.
/Коммунизм суола. — 1984. – Ыам ыйын 8 күнэ. /
Отдел ИМО.