Олоҥхо күнүгэр анаан Маалыкай олохтоох библиотекатыгар 3 кылаас оҕолоругар «Олоҥхо абылаҥа» диэн ааттаах олус сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Олоҥхо өбүгэ саҕаттан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит ураты, бүтүн аан дойдуга биллибит тылынан уус-уран айымньы буолар. Кини биһиги өбүгэлэрбит сырдык олоххо тардыспыт санааларын баҕатын, үчүгэйгэ эрэ эрэнэ үөскээбит үрдүк идеяларын барытын түмэр. Онон этэллэр, олоҥхо — бүтүн норуот устуоруйата, билиитэ, философията.
Оҕолор бу тэрээһиҥҥэ олоҥхо диэн тугун, кини сүрүн идеятын, тутулун кытары билистилэр. Олоҥхо үс дойдутун уонна кинилэри ситимниир аҕыс салаалаах Аал-Луук мас туһунан элбэҕи биллилэр. Араас кэмҥэ үөрэммит оҕолор уруһуйдарын, быыстапкаҕа турар кинигэлэри сөҕө-махтайа көрдүлэр. Болҕомтолохтук олорон, викторина ыйытыктарыгар сөпкө хоруйдаан үөрдүлэр-көттүлэр.
Тэрээһин сүрүн чааһын кэнниттэн олоҥхоҕо олоҕуран оҥоһуллубут остуол онньуутугар кыттан күрэхтэстилэр. Аныгы кэм оҕолоро буолалларын быһыытынан остуол оонньуута диэни үксүлэрэ билбэттэр эбит, онон олус сэргээтилэр, өссө да оонньуох баҕа санааларын эттилэр. Маннык оонньуу кыбытыылаах тэрээҥиннэргэ оҕо сэргэхсийэр, арыллар, сытыырхайар. Бу оонньуунан истибит матырыйаалларын чиҥэтэн биэрдилэр, билиилэрин хаҥатан тарҕастылар.
Ушканова Я. В.
Маалыкай библиотекатын сүрүннүүр библиотекара