Сэтинньи 25 күнүгэр Ньурба оройуонун Административнай киинин үлэһиттэригэр “Олоҥхо дьыктаана” аахсыйа ыытылынна. Култуура Департаменыттан, Үөрэҕирии салаатыттан, Нэһилиэнньэ харысхаллаах буолуутун салалтатыттан, Кииннэммит бухгалтерияттан, Эдэр ыччат политикатын салалтатыттан, Киин библиотекаттан элбэх үлэһит кыттыыны ыллылар.
Бары кыттааччыларбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит уонна өссө да ситиһиилэри баҕарабыт.
“Олоҥхо дьыктаанын туйгуна” Добун сурук туттарылынна Никифорова Светлана Степановнаҕа (Ньурбатааҕы кииннэммит бухгалтерия үлэһитэ), сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылынан-өһүнэн билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Олоҥхо декадатын чэрчитинэн биллэриллибит Республикатааҕы ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА — 2022 аахсыйа кыттыылааҕар.
Ф. Г. Сафронов аатынан Киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа.