МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
Олоҥхо күнүгэр Сельтюкова А.Р. — Айаалла «Күн сирин көмүскэлэ Үс ини бии бухатыыр» олоҥхотугар туруоруу

Сэтинньи 25 күнүгэр Нюрба улууһун Маанылаах Маарыгар «Алгыс» норуот айымньытын киинигэр  Олоҥхо күндү дорҕооно  ньиргийдэ.

Олоҥхо күнүгэр Алла Сельтюкова — Айаалла «Күн сирин көмүскэлэ Үс ини бии бухатыыр» олоҥхотугар туруорууну астына-дуоһуйа көрдүбүт

. Туруорааччы режиссер- ансаамбыл салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Саргылана Петровна Федорова.

“Дьөңкүүдэ кыталыктарын” уонна кинилэр салайааччыларын кытта сайын дойдубар Хорулаҕа Эбээм Марфа Фомична аатыгар ыытыллыбыт айар күрэххэ билсибиппит уонна ол кэмтэн сибээспитин быспакка алтыһабыт,көрсөбүт. Олоҥхо туруораары сылдьарын истэн, хайаан да туруоруутун көрүөхтээхпин диэн Ньурбам уоттарын кытта тахсыстым. Испиктээк иннигэр кэлбит ыалдьыттар Абишева Анна Прокопьевна «Ыллык» түмсүү актыыбынай кыттааччытын сылаас алаадьытын амсайан, олус диэн дуоһуйдубут.

Кыһыл занавес арыллыаҕыттан

ойуурга баар буола түһэҕин. Сайыҥҥы сылаас күн.

Бу тыал тыаһа, кырыымпа тыаһын кытта үөрүү-хомолто. Айылҕабыт айманар тыаһа, көрдөһөр тойуга, чабырҕах, норуот ырыата барыта биир кыра бириэмэ иһигэр көрөөччү хараҕар көрдөрүлүннэ. Аны кулгааххынан эрэ буолбакка,хараххынан оҕолор таҥастарыгар быраҕылла түһэр. Эскиһын салайааччылара уруһуйдаан кулар эбит, тигиитин Дьокуускай куораттан оҕо көрө кэлбит сымнаҕас илиилээх эбээ Лидия Николаевна Спиридонова тикпит.

Оҕолор сыанаҕа силис таппыт буоланнар, куоластара ыраахха диэри дуораһыйар. Кыракый сүрэх иһигэр мин саныахпар  бастатан туран учууталларыгар, ансаамбылларыгар улахан тапталы иҥэрбит оҕо ,бу курдук сыанаҕа олоҥхо баай тылынан көрөөччү иннигэр тахсар.

Олоҥхо ааптара биир дойдулааҕым Айаалла Сельтюкова олус наадалаах теманы олоҥхо нөҥүө арыйбытын сыаналыах, махтаныах тустаахпыт. Аллараа дойдуттан тахсар абааһы икки атахтаах киһи буолуон эмиэ сөп, кини хара таҥастаах, бөх, кир таҥарата. Сырдык хараҥаны кыайыахтаах.

Айылҕабыт тыынарын, ыллыырын туһугар биһиги, кэлэр ыччат ылсан үлэлиэхтээхпит. Суруйааччы уонна туруорааччы биир санаалаах, баҕалаах буоланнар улахан үлэ түмүгэ бүгүн көһүннэ.

Түмүгэр артыыстар күн эргииринэн тураннар оһуокайдаатылар. Оҕолор улаатан номнуо оһуокайдыыр тылларын бэйэлэрэ тутатына хоһуйаннар долгутуулаах түгэни үөскэттилэр.

Ньурба оройуонун Культура уонна ыччат бэлиитикэтин аатыттан Титигирова Розалия Васильевна, Ньурба уоттарын» айар талааннааҕа Николаева Тамара Ивановна -Сарыада, оройуоннааҕы саха тылларын учууталларын салайааччыта Мясоедова Александра Валерьевна, Ньурба уоттарын тыа түмсүүлэрин сүрүннээччи Васильева Рея Петровна, бииргэ үөрэммит, куруук өйүүр доҕотторо Саввинова Розалия, Васильев Ефим Михайлович ,ансаамбыл төрөппүттэрэ Саргылана Петровнаҕа, Айаалла Сельтюковаҕа уонна оҕолорго махтал тылларбытын тириэртибит.

Хас эмит сылынан бу кыракый ол эрэн тус бэйэбэр улахан артыыстар өссө улаатан Учууталларын аатын ааттата туруохтара, Ньурбабыт биир биллэр суруйааччыта Айаалла Сельтюкова олоҥхотугар оонньообутум диэн оҕолоругар, сиэннэригэр кэпсиэхтэрэ. Ону туоһулуур истиҥ, сэргэ уопсай хаартыска.

махтана хааллым Сандаара Тобонова