«Олоҥхото истиэҕиҥ» — оҕолорго тэрээһин «Туллукчаан» уһуйааҥҥа ыытылынна. Үстэриттэн алталарыгар диэри саастаах кырачаан оҕолор чуумпуран олорон, Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» улуу олоҥхотун кылгас ис хоһоонун иһиттилэр. Бибилэтиэкэр кыргыттар үс дойдуну хоһуйар макеты туһанан, уруһуйдаммыт хордуон куукулалары хамсатан, оҕолор болҕомтолорун тартылар. Сүрүн дьоруойдар мүччүргэннээх сырыыларын истээччилэр сэргии олордулар. Кэпсэтиигэ кыттыһан, бэйэлэрин билиилэрин хаҥаттылар. Олоҥхо кэннэ кыргыттары Туйаарыма Куо уобараһыгар киллэрэр, көнөтүк туттан-хаптан хаамарга оонньуу ыытылынна. Уолаттар кус быһый, ат бөҕө буоларга эрчиллэн «Бөтүүктэһии» диэн норуот оонньуутугар кытыннылар. Оҕолор бары үөрэн-көтөн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар. Бу тэрээһиҥҥэ туттуллубут, киһи хараҕа хайҕыы көрөр оҥоһуктары барытын бибилэтиэкэ худуоһунньуга Саввинова Саргылана Владимировна бэлэмнээтэ. Бу маннык көрдөрөр матырыйаал олоҥхону кытары билсиһиигэ туһата улахан, онон худуоһунньукпутугар махталбытын биллэрэбит.
Ушканова Я. В.