Олунньу 9 күнүгэр, Антоновкатааҕы А. Я. Овчинникова аатынан «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтигэр, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Х пятилетка туйгуна, «Гражданскай килбиэн», «Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан» анал бэлиэлэр хаһаайыннара, Октябрьскай, Сүлэ нэһилиэктэрин, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Тимофеев Василий Иванович «Олох, үлэ үөһүгэр» диэн бэйэтэ үбүлээн күн сирин көрдөрбүт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Чахчы да, тапталлаах Ньурбабыт, чуолаан Сүлэ, Чуукаар, Тыалыкы түөлбэлэрин үөскээһиннэрин, аҕа уустарын, дьоннорун-сэргэлэрин, олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын билэргэ, үйэтитэргэ тугунан да кэмнэммэт күндү кинигэ таҕыста. Василий Иванович өр сылларга илдьэ сылдьар билиитин баайыттан бу бэрт кыра сорҕото эрэ диэххэ сөп. Өссө салҕыы кинигэлэрэ күн сирин көрөрүгэр, бар дьоҥҥо тиксэригэр күн баҕалаах Василий Тимофеев бастакы “Олох, үлэ үөһүгэр” кинигэтин билиһиннэрдэ.
Василий Иванович бу кинигэтигэр төрөппүт аҕатынан Никифоров Василий Гаврильевыһынан уонна ийэтинэн Никифорова (Петрова) Евгения Филиппованан төрүччүтүн 16-с көлүөнэҕэ тиийэ оҥорон киллэрдэ. Кини баара-суоҕа балтараатыгар төгүрүк тулаайах хаалан төрөппүт дьонун хайаларын да билбэтэр, аҕатын, ийэтин аймахтарын, үөлээннээхтэрин кэпсээннэригэр олоҕуран, кинилэр уонна иитиллибит дьонун – аҕатын Тимофеев Иван Иннокентьевич, ийэтин Михайлова Матрена Александровна тустарынан Россия суруналыыстарын союһун чилиэнэ, Ньурба улууһун уонна Хорула нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, сэбиэскэй сойуус саҕана Дьиикимдэ отделениетын управляющайа Николаев Иван Ильич – Сиэн Дыынайап истиҥ-иһирэх ахтыыны киирии тылыгар оҥорон кинигэни байыппыт.
«Онуоха эбэм Илларионова Анастасия Семеновна биирдэ Хабакова Маайа ийэтэ Бороскуолуун кэпсэтэ олорон: «Ити Уордаах Уйбаан уола Бааска Үөһээҥҥилэр Орто дойду дьонун кытта ситим олохтуулларыгар ананан айылҕаттан айдарыллан түөрэх бырахпыт оҕолоро быһыылаах. Хастыы да хонукка сиргэ-уокка баран оту-маһы кытта кэпсэтэр, иччилэргэ сүгүрүйэр быһыылаах», — дэспиттэрин оччотооҕу пионер, хомсомуол уола сөхпүтүм … диэн «Сунтаар улууһун сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» мэтээл хаһаайына, Тойбохой уонна Тэҥкэ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Илларионов Валерий Петрович ахтыыттыттан ааҕабыт.
«2008 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр Сүлэ чаҕылхай уола, Саха АССР наркома, үөрэх миниистирэ Сюльскай Семен Семенович 100 сылын туолар үбүлүөйдээх ыһыаҕы Василий Иванович аал уотун, сирин-дойдутун арыылаах алаадьынан, кымыһынан айах тутан, сыт таһааран, Үрдүкү Айыылартан көрдөһөн, көҥүллэтэн аспыта. Ыһыах түмүктэниитэ, наҕараадалары туттара турдахтарына, илин диэкиттэн үс кыталык көтөн кэлэн күн туһаайыытынан үстэ эргийэн кэлэ-кэлэ, үҥкүүлээн ааспыттара. Бу сөҕүмэр көстүүнү ыһыах дьоно бары олус диэн сөхпүттэрэ.» — диэн «Кыраһа», «Ньурба уоттара» литературнай түмсүүлэр чилиэнэ Антонина Архиповна ахтыытыгар суруйбут.
Кинигэҕэ киһи сэҥээрэрэ, сонурҕуура элбэх. Бу кинигэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр аналлааҕынан, манна киллэриллибит Василий Иванович ХV1 көлүөнэҕэ тиийэ оҥорбут төрүччүтэ, ааҕаачылары толкуйдатан, хас биирдии киһи төрдүн-ууһун түөрэн, былыргы удьуорун булуон, билиэн сөбүн туоһулуур. “Олох, үлэ үөһүгэр” кинигэ кэлэр көлүөнэ ыччат историяны билэригэр көмө буоларыгар эрэнэбит. Үрдүк хаачыстыбалаах, дьоһун суолталаах кинигэни Василий Иванович дьонугар-сэргэтигэр бэлэх уунна диэн киэн туттабыт.
Кинигэ тахсыбыт үөрүүлээх өрөгөйүн үллэһиннилэр: Октябрьскай нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Александра Михайловна Иванова, «Ньурба куорат» Муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Мария Константиновна Куличкина, Сүлэ нэһилиэгин баһылыга Иванов Юрий Дмитриевич, Ньурба оройуонун инбэлииттэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Еремеевич Алексеев, «Ньурба» сопхуоска кыл.зоотехнигынан үлэлээбит Сергей Семенович Иванов, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо Светлана Гаврильевна Петрова, «Ньурба» сопхуоска үлэлээбит бригадир-зоотехник Вера Дмитриевна Егорова, Октябрьскай нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Михайлович Тимофеев, араас сылларга Ньурба улууһун нэһилиэктэригэр баһылыгынан үлэлээбит Дмитрий Александрович Михайлов, норуот маастара, Дархан уус, Ил Түмэн стипендиата Владимир Иванович Саввинов, Н.Н. Чусовской аатынан орто оскуолатын түмэлин салайааччыта Прасковья Михайловна Захарова, Сүлэ нэһилиэгин «Силис» бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Валентина Прокопьевна Филиппова, К.Д. Уткин аатынан түмэл билим-чинчийэр салаа салайааччыта Борис Борисович Борисов – Байан Түһүнэй, кыраайы үөрэтээччи Татьяна Дмитриевна Сидорова, Хаҥаластааҕы В.А.Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта Зинаида Васильевна Иванова, «Ньурба уоттара» литературнай түмсүүттэн — Дмитрий Николаевич-Пономарев, Алла Руслановна Сельтюкова – Айаалла, Евдокия Ивановна Моякунова – Кучу, Антонина Архиповна, Андрей Михайлович Яковлевтар.
Саҥа кинигэ тахсыыта библиотека үлэһиттэригэр өрүү биһирэбилинэн бэлиэтэнэр. Ол өйдөнөр, биһиги библиотекардар кинигэлэри үйэтитэр, дьоҥҥо тириэрдэр үлэбит сүрүн хайысхата. Кэллиэгэлэрбит Дьиикимдэттэн Светлана Никандровна Павлова, Сүлэттэн Маргарита Михайловна Николаева, Федот Сафронов аатынан Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэттэн Маргарита Романовна Ноева санааларын эттилэр, өссө саҥа кинигэлэр тахсалларыгар баҕардылар. Сүлэттэн Раиса Алексеевна Иванова бэйэтин тылыгар уонна мелодиятыгар «Төрөөбүт түөлбэм» ырыатын ыллаан бэлэх уунна.
Олох араас тургутууларын ааһан, билигин ааспыт кэмнэр олуктарын бар дьонугар кэпсиир, үйэтитэр Василий Иванович Тимофеев хаан-уруу аймахтарынан баай дьоллоох киһи. Кэргэнэ Елизавета Дмитриевналыын үс оҕону улаатыннаран, үлэһит-ыал оҥортоон эбээ-эһээ истиҥ-сылаас дьолунан олохторун толороллор. Кинигэ сүрэхтэниитигэр Василий Иванович аймахтара Степанова Зоя Николаевна, Михайлова Любовь Николаевна, Никифоров Сергей Валерьевич, Гаврильева, Гаврильев Геннадий Семенович уонна оскуолаҕа нулевой кылаастан бииргэ үөрэммит табаарыстара, үйэлээх доҕордоһуу кэрэһиттэрэ Егор Александрович Иванов, Нина Алексеевна Егорова кэлэннэр ахтыыларын, ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Саха норуотун норуодунай суруйааччыта Семен Данилов айан кэбиспит хоһооно бүгүҥҥү геройбут, үлэни өрө туппут сир түннүгэ Василий Ивановиһы чуо ойуулаабыт курдук диэн этэн туран быһа тутан бу хоһоонунан хайҕалга, сүгүрүйүүгэ билинэбит.
Олоҥхо оҕото Итии хааннаах, Эйэҕэс сүрэхтээх Мин биир дойдулааҕым, Мин үөлээннээҕим! Билэҕин дуо эн, олоҥхо оҕото буоларгын, Омуннаах олоҥхо оҕото буоларгын? Эн бэйэҥ Үрүлүйэр үлэҕинэн, Одьуунаас охсуһуугунан, Күн тэҥэ тапталгынан, Күн тэҥэ санааҕынан Ол өрдөөҕү өбүгэлэриҥ Ытык ыраларын ыпсараҕын, Ол улуу өбүгэлэриҥ Дьайбатах дьайыыларын дьайаҕын. Семен Данилов
Ф. Г. Сафронов аатынан киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата.