МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Олунньу 21 күнэ — Төрөөбүт тыл күнэ

Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр ийэ тылбыт үүнэ-сайда турдун! Төрөөбүт тыл күнэ биһиги Өрөспүүбүлүкэбитигэр 1996 сылтан бэлиэтэнэр эбит буоллаҕына, ЮНЕСКО көҕүлээһининэн 2000 сылтан саҕалаан, аан дойдуга олунньу 21 күнэ — Төрөөбүт тыл күнүнэн биллэриллибитэ.
Үс үйэ анараа өттүгэр нуучча тылын үрүҥ тыынын өллөйдөөбүт улуу педагог К. Д. Ушинскай “Төрөөбүт тыл” — “Родное слово” — диэн өлбөт үйэлээх үтүө ыстатыйаны суруйан хаалларбыта. Онно маннык тыллар бааллара — “Норуот тыла дьон уоһуттан түспэтин тухары — ол норуот тыыннаах. Өбүгэ үтүмэн үгүс көлүөнэтэ айан хаалларбыт тылын баттыыртан ордук ыар баттал норуокка суох. Норуоттан тугуҥ баҕарар былдьыаҥ — барытын булунуо, оттон тылын былдьаттаҕына — ону хаһан да иккиһин айыа суоҕа» — диэн.
Олунньу ый 1 — 18 күннэригэр Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгин С. П. Гаврильев аатынан «Тойук» НАДьиэтэ уонна олохтоох библиотеката Олунньу 13 күнэ — Ийэ тыл, сурук – бичик күнүн чэрчитинэн төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэр, уран уус тылынан тиэрдэр сыаллаах ыыппыт Хоһоон алыптаах ыллыгар иккис аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон күрэҕэр кыттыбыт дьоммутугар махтанан туран, кыайыылаахтары билиһиннэрэбит. Куйаар ситиминэн ыытыллыбыт бу хоһоон күрэҕэр өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 20-тан тахса кыттааччы видеоролигынан кытынна.
Уһуйаан оҕолоругар Ньурбаттан кырачаан ааҕааччы Марк Павлов «Кэскиллээх ааҕааччы» анал ааты ылла. Оскуола оҕолоругар бастакы үрдэли Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгиттэн Никита Николаев, иккис үрдэли Хаҥалас улууһун 2-с Малдьаҕар нэһилиэгиттэн Христина Латышева, үһүс үрдэли Ньурба Хаҥалас оскуолатын 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ Арылхан Васильев ыллылар.
Улахан дьоҥҥо саха норуотугар сүдү талааннаах дьон биһигинэн буолбут Таатта сирин Дьохсоҕон нэһилиэгин олохтоохторо ийэ тылларын истэригэр иҥэринэн иэйиилээхтик ааҕыылара истэргэ олус умсугутуулаах. Нэһилиэк аҕа баһылыга Петр Егорович Захаров саха норуотун киэн туттар суруйааччыта, улуу талаан А. И. Софронов — Алампа төрөөбүт дойдутун ыар олоҕун поэзия тылынан дууһаны долгутардыы хоһуйбут «Төрөөбүт дойду» диэн хоһоонун ааҕан бастакы үрдэли ылла. Салайааччы киһи сахатын тылыгар таптала убаастабылы үөскэтэр. Иккис үрдэли Кэбээйи Мукучу нэһилиэгиттэн айар куттаах Вера Николаевна Прокопьева — Итэҕэл, үһүс үрдэли Таатта Дьохсоҕонуттан сүрдээх иэйиилээх ааҕааччы Сардаана Попова ыллылар. Маны сэргэ Сунтаар оройуонун Кутана нэһилиэгиттэн хоһоон куттаах Васильева Зинаида Иннокентьевнаҕа — Сыралы «Хомоҕой ааҕааччы», Таатта Дьохсоҕонуттан Егор Дуракинов «Умсугутуулаах ааҕыы» анал ааттары ыллылар. Эдэр киһи Егор Дуракинов аал уотун оттон көмүлүөк оһох тыһыргыы умайар тыаһыгар улуу суруйааччы Өксөкүлээх Өлөксөй «Ортоку олук алгыһын» ааҕыыта кими баҕарар долгутуон сөп.
Хас биирдии күрэх кыттааччылара туоһу суруктары, кыайыылаахтар Добун суругу, сэмэй бириистэри тутуохтара.
Хоһоон алыптаах ыллыгынан айаннаспыт, төрөөбүт тыл этигэн кэрэтин сэргиир — сэҥээрэр, ийэ тылбытын норуот барҕа баайын курдук киэн тутта ааҕар бары куонкурус кыттыылаахтарыгар тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.
Хоһоон диэн айымньы баарын тухары саха тыла тыыннаах буолан, аҕыс салаалаах Аал Луук мас курдук айгыр — силик бэйэлэнэн, улуу олоҥхоһут курдук уон араас куолаһынан дуорайан, өссө да уһун үйэлэргэ симэлийбэккэ, ситэн — силигилээн эҥсэ — иҥиэттэ турдун!


Дьүүллүүр сүбэ аатыттан Мария Николаева, библиотекарь.