Сахалартан бастакы тыл үөрэхтээҕэ, саха суругун – бичигин олохтообут С. А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сылыгар, төрөөбүт тыл, сурук – бичик күнүгэр “Күөх Ньурба куорсуннаахтара” тэрээһиҥҥэ 30 талба талааннаах, суруйар – айар биир дойдулаахтарбыт айымньыларынан Ньурба улууһун олохтоохторо кытыннылар. Бу тэрээһиммитин сэҥээрбит, айымньылары ааҕан бар дьон истиитигэр таһаарбыт дьоммутугар махтанабыт!
“Күөх Ньурба, киэҥ Ньурба күөх ньаассын өҥ кырсыгар Үрдүк Поэзия алыптаах ата Пегас – Дьөһөгөй оҕото барахсан – көҥүл көччүйэн толоруйдун, уурастыыры билбэт ураннаах айанын суолугар иитиллибит Ийэ сириттэн күүс – күдэх, уот ылынан, дорҕоонноох аартыгын дабайан, дьолуота тамайдын! Алгыс баһа сыаланнын!” диэн суруйааччыбыт Ахмед Дмитриев тылларынан баҕа санаабыт бастыҥын ыытабыт.
Ньурба куораттан:
- Татьяна Прокопьевна Олесова, Ньурба куорат, Э.В. Николаев хоһооно
- Марианна Васильевна Алексеева, Ньурба куорат, “Ийэ таптыыр сүрэҕинэн …”
- Алевтина Петровна Аргунова, Ньурба куорат, “Ийэ диэн киһиэхэ аан дойду аанньала…”
- Моякунова Евдокия Ивановна, Ньурба куорат, бэйэтин хоһооно «Сүгүрүйүү»
- Карпович Люба, НСОШ 7 а кыл., Николай Чуор “Киэҥ Ньурба куората”
Нэһилиэктэртэн:
- Дария Филиппова, Октябрьскай нэһ. Ольга Софронова – Суһум “Хоһоон диэн киһиэхэ”
- Галина Егоровна Васильева, Октябрьскай нэһ., Николай Чуор “ Сырдык санаа”
- Антон Кириллин , 6 а кыл., Маалыкай нэһ., Егорова Маргарита “Мархабыт барахсан”
- Афанасий Степанов, 6 а кыл., Маалыкай нэһ., Егорова Маргарита “Аҕам үөрэн сэгэйэр”
- Айталина Анисимова, Маалыкай нэһ., Тыасытов Василий “Күһүн”
- Маалыкайдааҕы оҕо кэрэ эйгэтин оскуолатын улэһиттэрэ, Егорова Маргарита “Тапталлаах мин Марха эбэкэм”
- Клавдия Владимировна Андреева, Чуукаар нэһ. Егорова М.Е. “Киирэн кэлиий”, Мартынова С.А. “Күһүн”
- Елена НиколаевнаКириллина, Чуукаар нэһ., Егорова М.Е. “Тоҕо баҕас кэрэтэй”
- Ульяна Артемовна Иванова, Чуукаар нэһ., Егорова М.Е. “Дууһам үөрэр сырдыктан”
- Екатерина Григорьевна Николаева, Чуукаар нэһ., Егорова М.Е. “Күһүҥҥү күннэрим”
- Андрей Ильич Сивцев, Чуукаар нэһ. ,Прокопьев М.Я. “Таптыыр, ахтар Чуукаарым”
- Дмитрий Николаевич Пономарев, Күндээдэ нэһ., Д.Н.Пономарев “Күһүҥҥү чараҥ”
- Аэлита Васильева, 6 саастаах, Кундээдэ нэһ., Николай Чуор “Аһын, таптаа кэрэни”
- Элина Иванова , 6 саастаах, Кундээдэ нэһ., Дмитрий Пономарев “Күөх Ньурба”
- Ньургуяна Максимова, 5 саастаах, Кундээдэ нэһ. эһэтин Ахмед Дмитриев хоһооно
- Ньургустан Максимов, 7 саастаах, Кундээдэ нэһ., Ахмед Дмитриев “Ытык ахсаан”
- Аделина Самсонова , 6 саастаах, Кундээдэ нэһ., Дмитрий Пономарев “Хаар киһи”
- Краснослав Григорьевич Бухолов, Чаппанда нэһ., “Барҕа баай кыраайбыт …”
- Елена Семеновна Тимофеева, Чаппанада нэһ., Георгий Егоров “Ыйан биэриий …”
- Вероника Валерьевна Алексеева, Киров нэһ., Иванов Н.А – Сулусаак “Ньурба хатыҥа”
- Арабелла Артуровна Семенова, Киров нэһ., Иванов Н.А – Сулусаак “Үөрүү”
- Татьяна РевольевнаВасильева, Дьаархан нэһ., Т.Р. Васильева «Ыстаппаан Баһыылайап кэриэһигэр»
- Станиславка Степановка, Диикимда нэһ., С.Данилов «Күһүн»
- Галина Николаевна Баснаева, Чкалов нэһ., Баснаева В.Т. “Хомус”
- Хорула орто оскуолатын 2, 4 кылаас уоланнара, Балбаара Хорула «Сахам тыла”