Бүгүн тохсунньу 24 күнүгэр Н. И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатын директора Тимофеев Владимир Гаврильевич «Оскуола-нэһилиэк сайдар киинэ» диэн кинигэни биһиги библиотекабытыгар бэлэхтээтэ.
Бу кинигэ Хатыы оскуолата төрүттэммитэ 90 сыллаах уонна орто оскуола 30 сыллаах үбүлүөйүнэн 2022 сылга тахсыбыт. Учууталлар, үлэһиттэр, үөрэнээччилэр ааттарын үйэтитэр ахтыылартан, хаартыскалартан, 30 сыл устата ыытыллыбыт үлэлэртэн түмүллэн оҥоһуллубут.