2023 сылга — Саха саарына, урааҥхай улуута Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын сахалыы саҥалаах урааҥхай норуота бэлиэттиир.
Ф. Г. Сафронов аатынан киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаата уонна оҕо-ыччат библиотека Саха литературатын төрүттэспит улуу суруйааччы, Саха норуотун духуобунай сирдьитэ, Саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэл, лингвист-учуонай Платон Алексеевич Ойуунускайга аналлаах эссе суруйуутугар «Кэриэһим — кэннибэр хааларым: Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…» аһаҕас оройуоннай күрэх биллэрбитэ.
Ойуунускай айымньылара кэм-кэрдии аастаҕын аайы иитэр, сүбэлиир суолталара өссө дириҥээн иһэр. Кини айымньыларыттан көлүөнэ история кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын билэр, сиэр-майгы өттүнэн иитиллэр суолтатын хаһан да сүтэрбэт, өссө дириҥээн саха киһитин олоҕор көмөтө, сүбэтэ күүһүрэн иһэр.
«Былатыан Ойуунускай мин олохпор сабыдыала» Б. Ойуунускай олоҕун анаарыы, бэйэтин олоҕор сабыдыалын өйдөөһүн. «Былатыан Ойуунускай айымньылара уонна билиҥҥи кэм» суруйааччы айымньыларыттан биир айымньытын ырытыы, билиҥҥи кэмҥэ дьүөрэлээһин диэн икки араас олукка Ньурба оройуонун оскуолаларыттан 11 эрэ үлэ киирдэ.
Төрүт тылбыт үйэлэргэ хааларын туһугар олоҕун анаабыт П. А. Ойуунускайга аналлаах күрэххэ бачча аҕыйах үлэ киириитэ хомотор, тэтимнээхтик киирэр саҥа үйэ сайдыыта төрөөбүт тылбытыгар дьайыыта дьиксиннэрэр.Күрэххэ үлэлэр ахсынньы ый 13 күнүнэн хомуллан бүтэн 15 күнүгэр түмүгэ таҕыста.
Үлэлэри СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Ньурба уоттара» литературнай түмсүү салайааччыта Д. Н. Пономарев-Дьолуолаах, тыл үөрэхтээхтэрэ Ю. А.Кириллова, А. П. Иннокентьева аахтылар, сыаналаатылар.
Ордук чорботон, саха тылын уонна литературатын үөрэтии Ньурбатааҕы элбэх хайысхалаах гимназияҕа (директор Васильева В. Р.) ордугун бэлиэтээтилэр. Бу гимназия оҕолорун үлэлэрэ бэриллибит сорудаҕы арыйбытын, айымньылары ситэри ырыппыттарын таһынан билиҥҥи кэмҥэ тэҥнээн көрүүлэри туттубуттар.
Бастакы үрдэл кыайыылааҕа Родион Петров (11 кыл.), учуутала Моякунова Августина Аркадьевна. Иккис үрдэл Виталина Иванова (11 кыл.), учуутала Николаева Туйаара Васильевна.Үһүс үрдэл кыайыылааҕа Люба Карпович (9 кыл.), учуутала Максимова Наталия Николаевна.
Бу оҕолор бары Ньурбатааҕы элбэх хайысхалаах гимназия үөрэнээччилэрэ. Оҕолор үлэриттэн өссө Ньурбатааҕы техическэй лицей 8 кылааһын үөрэнээччитэ Арсений Николаев (учуутала Мясоедова Александра Валерьевна) уонна 1 Хаҥалас оскуолатын 10 кылааһыттан Камила Сергеева (учуутала Бочкарева Агафия Степанова) үлэлэрин биһирээтилэр.
Өҥөлдьө орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар Кириллина Нюргуяна Григорьевна Платон Алексеевичка анаан сурук суруйуу хайысхатын туһанан элбэх үөрэнээччитин хаппыта үөрдэр. Инникитин Өҥөлдьө үөрэнээччилэриттэн кэрэхсэбиллээх үлэлэри күүтэбит.
…Күн сирин күлүмнүүр түөһүгэр,
Күөх сирэм күөгэйэр күөнүгэр
Имэҥнээх сатанан дьиэһийэр,
Илбистээх тылынан ньиргийэр,
Мин тохтор тойугум чугдаарыа,
Мин тылым, дьэ, ордук сатарыа!
Ойуунускай убайбыт кэриэс хаалларбыт төрөөбүт төрүт тылбыт үйэлэргэ сүппэт-өлбөт тыыннаннын!
Маргарита Н. кыраайы үөрэтэр салаа библиотекэрэ.