Россия Президенэ В.В.Путин бэс ыйын 27 күнүгэр 2022 с .№401 укааһынан ―»Педагог уонна настаабынньык» сылынан биллэрбитэ.
Тохсунньу 20 күнүгэр С. П. Алексеев — Боһуут аатынан оскуола-саадка төрөппүттэргэ, Ньурба үөрэҕирии систиэмэтин, былаан быһыытынан улуус үрдүнэн ыытар тэрээһинигэр кыттыһан «Методическай ый» бастакы саҕалааһынын, уһуйаан иитээччилэрэ С. П. Алексеев-Боһуут аатынан оскуола-саад тэрийэн ыытта. Бүгүҥҥү ыытыллыбыт «төгүрүк остуол» тиэмэтэ «Финансовая грамотность» , билиҥҥи рынок саамай сайдар кэмигэр наадалаах сүбэлэр, кэпсэтиилэр ыытылыннылар.
Оскуолабыт биллиилээх меценат, кулуба, атыыһыт С. П. Алексеев аатын сүгэринэн кини аатын сырдатыы, үлэтин — хамнаһын билсиһии, олохтоох бибилэтиэкэр Тимофеева Е. С сырдатта.
Оскуола-саад дириэктэрэ Ю. В. Алексеев «Методическай ый» саҕаламмытынан ыытыллыахтаах былааннары билиһиннэрдэ. Методист-баспытаатал Бухолова В. С. 2021 сылтан саҕаламмыт Азбука юного финансиста » бырайыак үлэтин билиһиннэрдэ. Бастатан туран, ийэ, аҕа харчыны бэйэтэ сөпкө туттуохтаах. Тус бэйэбит холобурбутунан, уопуппутунан үөрэтэбит. Ол сыалтан бу бырайыакпытын са5алаабыппыт уонна ону күннээҕи олохпутугар туһанан үлэлии сылдьабыт. Манна туттуллар араас методическай көмө матырыйаалларбытын интернети туһанан оҥостон, соро5ун атыылаһан туһана сылдьабыт. Салгыы иитээччи Давыдова Д. Г. үлэлиир бырайыак көмөтүнэн оҕолор пандемия кэмигэр дьиэлэригэр олорон төрөппүттэрин кытта, арааһы атыылаан, уһуйаан иһигэр күөх луугу үүннэрэн кэтээн көрөн, үөрэтэн , хомуйан атыылаан, киирбит үптэринэн оҕолорго сөптөөх эбии саҥа, оонньуурдары, кинигэлэри ылан туһаҕа таһаарбыттар. Өссө салгыы рассада араас көрүҥүн үүннэрэн, кэтээн , үөрэтэн көрөн атыылыыр былааннаахтар.
«Азбука финансиста» — педагог-методист Алексеева М. А. төрөппүт да, оҕо да харчыны сөпкө тутталларыгар сөптөөх ньымалар тустарынан онтон салгыы төрөппүттэргэ викторина ыытта.
Иитээччи Данилова А. А. Билигин кистэл буолбатах о5олорбут сотовай төлөпүөнү, кыра саастарыттан илиилэригэр ылаллар, телевизор иннигэр олороллор, ону аралдьытан, эбии дьарык гынан » Настольные игры финансовой грамотности» тиэмэҕэ төрөппүт оҕотун кытта тэҥҥэ олорон дьарыктаналларыгар сөптөөх остуол оонньууларын билиһиннэрдэ, сорох остуол оонньууларын иитээччилэр бэйэлэрэ толкуйдаан, айан оҥорбут тар. Бу оонньуу о5о да, төрөппүт да харчыны сөпкө ааҕан — суоттаан, толкуйдаан туһанарыгар сөптөөх оонньуулар буоллулар. Оонньуу кэнниттэн аны, реклама диэн эмиэ ханнык ба5арар түгэҥҥэ сүрдээх наадалаах буолааччы, ким үчүгэйдик рекламалыыр киһи атыыта эмиэ, үп-харчы эргиирэ, онтон тутулуктаах буолуон сөп. Онон бары төрөппүттэр оҕолор саамай сөбүлүүр «Кис-кис» ириис кэмпиэттэрин рекламатын оҥорон, бэйэлэрин ыккардыларыгар оонньуу-күрэх ыытылынна. Күрэх түмүгүнэн маннык миэстэлэри ыллылар:
1 миэстэ Егорова Т. П.
2 миэстэ Попова Т. Е.
3 миэстэ Алексеева Е. Н
Түмүккэ төрөппүттэр, иитээччилэр кыттыһаннар аҕалбыт аһылыктарын 100 солк. саҕалаан аукцион ыытылынна.. Быры аукциоҥҥа киирбит аһылыктар атыыга бардылар
Киирбит үп оҕолорго эбии үөрэхтэригэр наадалаах кинигэлэри, оонньуурдары ыларга туһанарга эбии үп буолуо.
«Азбука юного финансиста» ыытыллар үлэлэр хаартыскаларын выставката, С. П. Алексеев-Боһуут туһунан кинигэлэр уонна о5олорго сөптөөх экономикаҕа аналлаах кинигэлэр выставкаҕа турдулар.
Төрөппүт уонна о5о харчыны сөпкө тутталларыгар сөптөөх уонна инники олохторугар сыалларын-соруктарын ситиһэн салгыы сайдалларыгар, тулуурдаах буолалларыгар сөптөөх хайысхаҕа бүгүҥҥү тэрээһин ыытылынна. Өссө салгыы оскуола үөрэнэнээччилэригэр кэлэр нэдиэлэҕэ ыытыллыаҕа.
Е. С. Тимофеева нэһилиэк олохтоох общественнай корреспондена