Эдуард Карлович Пекарскай (25.10.1858—29.06.1934) — лингвист, этнограф, фольклорист, ССРС наукаларын Академиятын бочуоттаах чилиэнэ (1931). Нуучча географияны чинчийэр уопсастыбатын этнография салаатын сэкирэтээрэ, сахалар уонна эбэҥкилэр этнографияларын тустарынан үлэлэр ааптардара, бастакы фундаментальнай саха тылын тылдьытын оҥорбут киһи.
Народническай хамсааһыҥҥа кыттыбытын («Земля и воля») иһин 1878 с. тутуллан байыаннай суут быһаарыытынан Саха Сиригэр көскө ыытыллыбыта.
Дьокуускайга сэтинньи 2 күнүгэр 1881 с. кэлбит, Таатта улууһугар (Ботуруускай улуус ) 1 Игидэй нэһилиэгэр олохтоммут. Оттон Пекарскайтан ирдэнэрэ биир – дьону үөрэхтээһин, сырдыгы тарҕатыы. Олоҕун түөрт гыммыт биирин Игидэйгэ дьоллоохтук олорон, Аар саарга аатырбыт тылдьытын суруйбутунан, биһиги сахалар киэн туттабыт.
Пекарскай 7 тыһыынча саха тылын хомуйбут, 11 сылынан — 20 тыһыынча, оттон 1930 с. — 25 тыһыынча тылы. 1930 с. 25 тыһ. тыл киирбит «Словарь якутского языка» диэн саха тылдьытын бүтэһик 13-с таһаарыытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн бэчээттээн таһаарбыта. 1958 с. Пекарскай 100 сааһын бэлиэтээһиҥҥэ анаан 38 тыһ. тыл киирбит «Словарь якутского языка» диэн кини сүдү үлэтэ Венгрияҕа хаттаан тупсарыллан тахсыбыта.
Эдуард Карлович Пекарскай «Саха тылын тылдьытын» оҥоруутугар көхтөөх кыттыыны ылсыбыт Сахабыт сирин чулуу бэрэстэбиитэллэрин ааттарын-суолларын, кинилэр бу аан дойдуга тэҥнээҕэ суох тылдьыты оҥорууга кылааттарын сөргүтэн, Эдуард Карлович соратниктарын статуһун ылалларын ситиспиттэрэ. Бу тылдьыты оҥорууга сүрүн көҕүлээччилэр, саха омугун оччолортон үөрэхтээх ыччаттара, норуоттарын инники сайдыытын туһугар олохторун да толук ууралларын кэрэйбэккэ үлэлэспит үтүөлэрин-өҥөлөрүн умнубаппыт.
Бүгүн, Алтынньы 25 күнүгэр Пекарскай 165 сааһыгар анаммыт Ньурбатааҕы техникум студеннарыгар библиотечнай уруок ыытылынна. Тылдьыттар тустарынан, хайдах туһанылларын билиһиннэрдибит уонна тылдьыт көмөтүнэн бэриллибит сорудахтары толордулар, ыйытыктарга эппиэттээтилэр.
Ааҕааччыны кытары үлэлиир салаа.