С февраля по 30 апреля 2022 года МКУ «Нюрбинская межпоселенческая централизованная библиотечная система» проводила конкурс на создание официального гимна и логотипа международного этнофестиваля, целью которого стало выявление лучших работ для сопровождения всех мероприятий фестиваля «Якутия-миру».
Всего участие в конкурсе приняли 23 заявки.
Конкурсной комиссией под председательством директора МКУ «НМЦБС» Анны Витальевны Багмет
подведены итоги: члены комиссии сошлись во мнении, что представленные произведения в полной мере соответствуют требованиям, предъявляемым к официальному гимну.
На основании этого комиссия приняла решение определить главного победителя.
В номинации «Лучший текст для гимна» большинством голосов выбран Уһунча Уола.
В номинации «Лучший логотип» наиболее убедительной и концептуальной работой, по мнению жюри, является логотип Сарданы Андреевой.
Согласно Положению о конкурсе победители получат денежный приз из средств президентского гранта фонда культурных инициатив.
Все участники конкурса также будут поощрены сертификатами об участии в разработке гимна и логотипа I международного этнофестиваля материальной культуры и духовности «Якутия-миру».
Команда организаторов фестиваля благодарит всех участников за отзывчивость, активность и творческий подход!
Борьба была честной и открытой. Мы надеемся, что выбранный гимн будет звучать в сердцах жителей нашей республики не один год!
Тексты участников гимна:
- Уһунча уола
Өбүгэ ситимин быспакка
Өр сылларга өрө туттубут
Өлбөт-сүппэт мэҥэ уубутун,
Өбүгэ хаалларбыт дорҕоонун!
Эн Саха оҕото умнума
Эйэҕэс,Ийэ тыл сүмэтин,
Эн Айыы оҕото тумнума
Элэккэй өбүгэ үгэһин!
Умнума доҕоруом төрүккүн
Урааҥхай удьуора буоларгын,
Умнума сэгэриэм силискин
Уу Саха сыдьаана сылдьаргын!
Алгыс айаннаах, Айыы оҕото,
Сырдык куттаах Саха киһитэ
Өрүү өрө тут-Чөл олоҕу!
Өрүү өрө көр-Омук быыһыгар!
Сахам сирэ инники киэҥҥэ,
Сахам киһитэ үрдүк күөҥҥэ!
Сахам Саарына өрүү бастыҥҥа,
Сахам Далбар хотуна сырдыкка!
2. Тамара Николаева — Сарыада
Айыы буолар,аар тайҕаны,
Аахайбакка ааһа көтөр.
Ахсым айан,суол төрдүгэр,
Аттытынан ааһа турар.
Айыы буолар,сир ньууругар,
Ахсарбакка бөҕү тамныыр,
Кини кэтит урсунугар,
Сыыс тыллары быраҕар.
Буоллун хааллын эрэ диэҥҥит,
Ийэ сири аһатымаҥ!
Алаадьыннан айах тутан,
Сымыйаннан ньымааттаамаҥ!
Сир ырааһы сөбүлүүр,
Ыраастанар аньыыттан,
Сыыһа барбыт тыллартан,
Сиикэй соҕус ааттаһыыттан.
Сатаабаккын,ааһа тур,
Өйдүө Ийэ сир ону,
Өстөһөрү сатаабат,
Айыыһыттар барахсаттар.
Орто дойду оҕото,
Эн сир сорҕото буоларгын,
Кэлин-кэлин кэмнэргэ,
Умнар буолан эрэҕин.
Эн хаһаайын буолбатаххын,
Баара суоҕа сир бытаҕын,
Ону олох умнума,
Уларыта сатаама!
Уонна олох ытаама!
Уоту ыыта ыытаҕын!
Айылҕаны атаҕастыыр
Түмүктэрин көрдөҕүҥ!
Иһэр уугун киртитимэ,
Ааһан иһэн мас лаба…
***
Эһэбин кытары отууга,
Оллооҥҥо чэй өрө-өрөбүт,
Илииннэн от охсон оттуурбун,
Эмискэ мин санаан аһардым.
Күөгэйэ-нусхайар күөх оту,
Устар күн далайа охсорбут,
Ол онтон сылайан быһыылаах,
Оҕуска олорсон кэлэрбит.
Ол оту хомуйан,чохчолоон
Илииннэн таһаммыт кээһэрбит,
Тулатын,сиэрдийэ быһаммыт,
Оҕуруот оҥорон тутарбыт.
Өйүөҕэ арыылаах лэппиэскэ,
Минньигэс даа буолар эбитин,
Ардыгар кутааҕа үтэммит
Собону хатаран аһыырбыт.
Сарсыарда илими үтэрбит,
Киэһэлик ол ону хостуурбут,
Ардыгар мундуну буһаран,
Күөс өрөн дьоллонор этибит.
Мин эһэм хотуурун таптайар,
Эргэрбит хотуурун бэрийэр,
Ардыгар ол онтон кыыһыран
Саҥаны ылыаҕын баҕарар.
Хотуура бэйэтин кэриэтэ,
Кырдьыбыт,элэйбит көрүҥнээх,
Харахпар бу илэ көстөөччү,
Хатыҥҥа ыйаммыт ол хотуур.
Иккиэйэх бэйэбит сай …
***
Саха таптыыр ыһыаҕын,
Самаан сайын бэлэҕин,
Саамал кымыс кэһиилээх
Сандаарыйан кэлиитин.
Саха таптыыр ыһыаҕын,
Алгыстанар күннэрин,
Алаадьыннан айах тутар
Күндү ыалдьыт дьоннорун.
Саха таптыыр ыһыаҕын,
Тарбахтартан ылсыһан,
Түһүлгэни төрүттээн
Оһуок-дьуохар оонньуутун
Оройуттан тутарын.
Самаан сайын бэлэҕэ
Ыһыах ыһар күнүнэн,
Урааҥхайтан утумнаах
Сахаларга эҕэрдэ.
Уйгу-быйаҥ дэлэйдин,
Үүнэр оппут үксээтин!
Үтүө олох эргийдин!
Үөрүү эрэ үксээтин!
САРЫАДА
3. Ольга Софронова — Суһум
Ты захочешь вновь вернуться…
Зимой в Якутии морозы крепче,
Вихри снежные летят,
Минус шестьдесят и больше —
Полюс холода у нас!
И новомодные болезни
Не обходят стороной,
Люди здесь сильнее духом,
Терпят холод или зной.
А сколько жизни унёс тут ковид,
Этот вид— коварный бич,
Сколько мук, тревог принёс,
Выживает наш народ!
Исконно, с давних тех времён
Коров, оленей, лошадей
И белых коз, и кур, индюшек—
Разводят, их не перечесть!
Здесь каждый словно самородок,
Многогранен их Талант,
Поют, рисуют и танцуют,
Рассказы пишут и стихи.
Они о Родине с любовью говорят,
Глаза искрятся и горят,
С душою, с теплотою сердца,
И с тихой радостью в груди…
Мечтают, строят города,
Налаживают уют и быт.
Охотятся, рыбачат, водят судна,
Есть дела для северных мужчин!
А шьют как, вышивают мастерицы!
Узоры радуют наш глаз,
Цветы выращивают—сардану,
Что глаз от неё не оторвать!
Увидев красоту Якутии у нас
Ты обомлеешь, потеряешь дара речь,
Ты захочешь вновь вернуться
И Якутию полюбишь навсегда!
Ольга Софронова-Суһум
г. Нюрба
20.03.22 г.
Саха омук, туругур!
Үйэлэргэ кэрэхсэтэр
Өбүгэбит үтүө-мааны
Үгэстэрин илдьэ сылдьар,
Ыччаттарга тарҕатар
Саха омук туругур!
Саха омук туругур!
Ынах-сүөһү, сылгы ииттэр,
Сайын аайы буһа-хата
Отун булар, күүскэ охсор,
Күрүө-хаһаа туттунар
Саха омук,туругур!
Саха омук,туругур!
Үҥэн-сүктэн,көрдөһөн
Айыыларга сүгүрүйэр,
Сиэри-туому тутуһар
Саха омук буолабыт.
Саха омук,туругур!
Саха омук туругур!
Кыһынын күүстээх буурҕаны,
Сайынын өҥүрүк куйааһы,
Тулуйар сүдү күүстээх,
Олоҕу олорор тулуурдаах
Саха омук,туругур,
Саха омук, туругур!
Эбэлэртэн,күөллэртэн
Бултаан-алтаан балыктаан
Дьонун-сэргэтин аһатар
Хорсун-хоодуот дьоннордоохпут
Саха омук,туругур!
Саха омук,туругур!
Оһуор-мандар ойуулааннар
Саха мандар хотуттара
Тикпит араас таҥастара
Кэрэлэриэн,үчүгэйиэн!
Саха омук, туругур!
Саха омук, туругур!
Сахам тыла,сахам тыына
Хоһооннорго,кэпсээннэргэ
Аптаах дорҕоон көмөтүнэн
Кустук өҥүн түһэрэр.
Саха омук, туругур!
Саха омук,туругур!
Саха төрүт үгэстэрин,
Ийэ тылбыт баай сүмэтин,
Саха буолар аналбытын
Умнумуохха хаһан да!
Саха омук туругур!
Саха омук, туругур!
Ольга Софронова-Суһум
Ньурба к.
20.03.22 с.
4. Көҥүл кыыһа Айхаана Кыым — Васильева Татьяна Револьевна
Сахам сирэ, сайда тур!
Уон икки дьапталҕалаах
Үрдүк мэҥэ халлааннаах,
Үс кут ситэри үктэллээх
Араҥаччылыыр айыы итэҕэллээх.
Сахам сирэ, сайда тур!
Тыйыс-тымныы айылҕалаах
Тоҕус ый кыһыннаах,
Уот куйаас доҕуһуоллаах
Кылгас күөх сайыннаах.
Сахам сирэ, сайда тур!
Дьөһөгөй оҕото куттаах
Баай Байанай аргыстаах,
Иитэр сүөһү күрүөлээх
Үрүҥ илгэ быйаҥнаах.
Сахам сирэ, сайда тур!
Ойуу-мандар оһуордаах
Дьэрэкээн иис эгэлгэлээх,
Уот саҕар саталаах
Тимири ыллатар уустардаах.
Сахам сирэ, сайда тур!
Кылыһахтаах тойуктаах
Дорҕоонноох олоҥхолоох,
Хомус тыаһа хоболоох
Уран тыл алгыстаах.
Сахам сирэ, сайда тур!
Кэрэни сэргиир кэнчээрилээх
Үтүөнү өйдүүр ыччаттаах,
Урууну-аймаҕы түмэр сатабыллаах
Киэҥ көҕүстээх саарын дьонноох.
Сахам сирэ, сайда тур!
Көҥүл кыыһа Айхаана Кыым — Васильева Татьяна Револьевна.
Кулун тутар 30 күнэ, 2022 сыл. Дьаархан.
5. Кириллина М. Н. «Умсулҕан» лит. түмсүү
Олоҥхо дойдута уруйдан!
Аар Тайҕам –
Байанай бэлэҕэ,
Мин үҥэр Таҥарам –
Аар Айыы үөрэҕэ.
Киэҥ ыырым –
Көҥүлүм мэктиэтэ.
Сыспай да сиэллээҕим,
Хороҕор муостааҕым –
Олоҕум туруктаах туоһута.
Көмүс күнтэн
Сөллүбэт көнтөстөөх,
Сырдык ыйтан
Ыйыллар ыйаахтаах,
Куугунуур куйаартан
Силлибэт ситимнээх,
Томороон тымныылаах
Оһуордаах – мандардаах
Ил – эйэ уйата.
Олоҥхом дойдута, соргулан,
Олоҥхом дойдута, айхаллан,
Олоҥхом дойдута, уруйдан,
Олоҥхом дойдута, туругур !
16.03.2022 с.
«Умсулҕан» лит. түмсүү М. Н. Кириллина
6. Васильев Валериан Константинович
Төрүттэрим төлкөлөөх түстэринэн
Төрүттэрим төлкөлөөх түстэринэн
Өбүгэм өйүн, үгэһин иҥэринэн
Сахалыы саҥарабын, суруйабын,
Сахабынан сэмэйдик киэн туттабын.
Төрүттэрим төлкөлөөх түстэринэн
Айылҕалыын ситимим күүһүнэн
Сахалыы тулабын тыынныыбын,
Сахабынан байытабын аан дойдубун.
Төрүттэрим төлкөлөөх түстэринэн
Ийэм иитиэхтээбит тапталынан
Сахалыы алгыыбын, таптыыбын
Сахабынан барытын харааннаһабын.
Төрүттэрим төлкөлөөх түстэринэн
Олоҥхом омуннаах далаанынан
Сахалыы сатабылы салайабын,
Сахабынан, олохпунан дьоллонобун.
7. Балбаара
Ньурба
Ньурба дьоно дьоҕурдаах,
Ньургун сайдар ыччаттаах,
Талба талаан далбардаах
Тупсар, сайдар кэскиллээх.
Кыынньар кымыс утахтаах,
Көбүөр, сүөгэй далбардаах,
Үчэһэлээх эттэрдээх,
Үөрэ миинэ астардаах.
Добун тойук дуорааннаах
Оһуокайдыыр үҥкүүлээх,
Дьикти дорҕоон киэргэллээх
Олоҥхолуур үгэстээх.
Иҥиир, былчыҥ күүрүүлээх
Илии — атах оонньуулаах,
Эттээх мүһэ манньалаах
Эгэлгэлээх ыһыахтаах.
Көмүс, алмаас таастардаах,
Кылаан түүлээх бултардаах,
Үрүҥ көмүс соболоох,
Үрүлүйэр быйаҥнаах.
Балбаара. Хорула 18.03.2022 с.
8. Антонова Нюргустана Васильевна
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Сырдыкка угуйар сулус кэриэтэ,
Сайдыы суолун араас салаата,
А5а дьон куустээх эрэлэ,
Эдэр ыччат иннитин кэскилэ.
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Араас омук собулээн мустар,
Угус сылга олохун аныыр,
Дьоллоохпун дэнэр
Дойдута буолар.
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Улуу орустэрдээх, киэн ньуурдардаах,
Урдук кытылларыгар
Дьон — сэргэ олохсуйар,
Уруу-Аймах тэринэр.
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Байанай ал5аабыт халын тай5алаах,
Эмис балыктаах дирин куоллэрдээх,
Куустээх санаалаах угус дьоннордоох,
Бараммат баайдаах, алмаастаах кыраай.
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Мин Дойдум, Сахам сирэ!
Уорууну тустээ, кэрэни ыллаа,
Уруйдуу туой, айхаллыы тур!
Илгэлээх-быйаннаах
Дьолунан туол!
2022 с.
9. Анна Семенова — Арылы Кустук
Сахам сирэ-Орто Дойдум!
Айгыр-силик айылҕалаах,
Аламай күн саһарҕалаах.
Чээлэй күөхтүүр алаастардаах,
Чэчик анньар алардардаах.
Сахам сирэ — мин киэн туттуум,
Сахам сирэ — Орто Дойдум!
Үллэр үөстээх киэҥ эбэлээх,
Үйэ устун бэлэхтэрдээх.
Көмүс, алмаас — быйаҥнардаах,
Көҥүл хостуур үгүс баайдаах.
Сахам сирэ — мин киэн туттуум,
Сахам сирэ — Орто Дойдум!
Хоһуун-хоодуот эр санаалаах,
Хотой тэҥэ айдарыылаах,
Албан ааттаах сулустардаах,
Айыы дьоно бастыҥнардаах.
Сахам сирэ — мин киэн туттуум,
Сахам сирэ — Орто Дойдум!
Кэнчээрилээх ыччаттардаах,
Кэскил түстүүр ымыылардаах.
Баҕа санаа ыллыктардаах,
Балысханнык сайдар суоллаах,
Сахам сирэ — мин киэн туттуум,
Сахам сирэ — Орто Дойдум!
Тохтор тойук көмүскэллээх,
Тэйэр дьуохар күрүөлэрдээх,
Алгыһынан кынаттаныаҥ,
Айан-тутан айхалланыаҥ!
Сахам сирэ — мин киэн туттуум,
Сахам сирэ — Орто Дойдум!
АННА СЕМЕНОВА — АРЫЛЫ КУСТУК 21.03.2022.
10. Алла Сельтюкова — Айаалла
САХАМ СИРЭ-ЫРЫА СИРЭ
Алгыһынан арчылана
Үрүҥ тунах ыһыах ыһа,
Кылыһахтаах дьуохар тыла
Кынаттанан көтөр сирэ,
Сахам сирэ-ырыа сирэ,
Сахам сирэ-Айыы сирэ!
Хомус тыаһа дьириһийэ
Күөрэгэйи дьүрүһүтэ,
Хобо чуораан дуораһыйа
Доллоһута туойар сирэ,
Сахам сирэ-ырыа сирэ,
Сахам сирэ-Айыы сирэ!
Устар ууну сомоҕолуур
Айар куттаах
тоҕуоруйан,
Чаҕаан,сытыы кылыс тыллаах
Чабырҕахсыт үүнэр сирэ,
Сахам сирэ-ырыа сирэ,
Сахам сирэ-Айыы сирэ!
Хоһуун-хоодуот,хорсун дьонноох
Дьоһун-мааны хоту дойду,
Үлэ-үөрэх үүнэн-үрдээн
Дьолу түстүүр үтүө сирэ,
Сахам сирэ-ырыа сирэ,
Сахам сирэ-Айыы сирэ.
Күлэр-үөрэр үрүҥ күннээх
Үрдүк мэҥэ күөх халлааннаах,
Олоҥхолуу ойуу-бичик
Кэрэ симэх айылҕалаах,
Сахам сирэ-ырыа сирэ,
Сахам сирэ-Айыы сирэ!
Айаалла Хорула
21.03.2022 с.
Сайар күнтэн сэниэлэнэн
Сылбый уутун иҥэринэн,
Сибэккилии ситэн-тупсан
Саха тыла силигилээн,
Төрүт үгэс бүгүҥҥүтэ
Түҥнэстибэт түөрэхтэннин!
Сааскы кэрэ ньургуһуннуу
Сир үрдүгэр симэх анньан,
Сүрэх аайы үүнэн-тыллан
Айыы тыла сириэдийэн,
Саха омук сарсыҥҥыта
Самнастыбат саргыланнын!
Аламай күн сыралынан
Ача ото үктэлинэн,
Айылгылаах алгыһынан
Аан дойдуга суолу аһан,
Өһүк тылбыт өйүүҥҥүтэ
Өлбөөдүйбэт төлкөлөннүн!
Айылҕаны тирэҕирэн
Үгэстэри сөргүтэммит,
Үрүҥ күҥҥэ сүгүрүйэ
Айыыларга арчыланан,
Кэнчээрибит кэлэр кэмэ
Кэҥиир-ууһуур кэскиллэннин!
САХАМ СИРЭ — ЫРЫА СИРЭ
Кылыһахтаах ыллам ырыа
Кынаттанан көтөр сирэ,
Дэгэрэҥнээх төрүт ырыа
Дэгэлдьийэн тэйэр сирэ,
Сахам сирэ-ырыа сирэ,
Сахам сирэ-Айыы сирэ!
Хомус тыаһа дьүрүһүйэ Күөрэгэйдии ыллыыр сирэ,
Хобо чуораан дуораһыйа
Доллоһута туойар сирэ,
Сахам сирэ-ырыа сирэ,
Сахам сирэ-Айыы сирэ!
Чаҕаан, сытыы кылыс тыллаах
Чабырҕахсыт тахсар сирэ,
Устар ууну сомоҕолуур
Айар куттаах
үүнэр сирэ,
Сахам сирэ-ырыа сирэ,
Сахам сирэ-Айыы сирэ!
Күлэр-үөрэр үрүҥ күннээх
Үрдүк мэҥэ күөх халлааннаах,
Олоҥхолуу ойуу-бичик
Кэрэ симэх айылҕалаах,
Сахам сирэ-ырыа сирэ,
Сахам сирэ-Айыы сирэ!
Айаалла Хорула
21.03.2022 с.