Бэс ыйын 8 — 9 күннэригэр Ф. Г. Сафронов аатынан Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ дьиэтигэр Ньурба оройуонун култуураҕа департаменын көҕүлээһининэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтиттэн анаан-минээн кэлэн Ньурба оройуонун Култуураҕа ситимин үлэһиттэрин «Пушкинскай картаны» хайдах үлэлэтэргэ, эдэр ыччаты көҕүлүүргэ икки күннээх курус ыыттылар.
Икки күн устата «PRO.Культура.РФ» – босхо цифровой платформаҕа оройуоммут култууратын тэрилтэлэрин киллэрэн, буолаары турар тэрээҺиннэрбитин афишаҕа угарга үөрэннибит. Инникитин «Пушкинскай карта» өҥөтүнэн туҺанан эдэр ыччаты култуура тэрээҺиннэригэр угуйарга олук уурулунна.
Итинник үлэҕэ үөрэтэр, күүс-көмө буолар туҺалаах саҥа көрсүҺүүлэр үксүү турдуннар диэн баҕа санаабытын этэбит!
Фоминова Д. Г.