Спиридон Васильевич Петров 1894 сыллаахха Марха улууһугар I Хаҥалас нэһилиэгэр, Дьөҥкүүдэ Эбэ кытыытыгар Босхо Арыы сиргэ күн сирин көрбүтэ.
Кини аҕата аатырбыт тимир, мас ууһа, ырыаһыт, үҥкүүһүт этэ. Уус аҕатын тула дьон-сэргэ мустан олоҥхолуулларын оҕо эрдэҕиттэн истэн улааппыта. Уус идэтигэр эмиэ аҕатыттан үөрэммитэ. Уһанар идэтэ Спиридону улаханнык абыраабыта. 17 саастааҕар көмүстээх тайҕаҕа Бодойбоҕо барар. Мас кэрдиитигэр сырыттаҕына уһанар дьоҕурдааҕа биллэн көмүскэ туттуллар сэби-сэбиргэли оҥорор, тааска элэйбит хойгуону — лаппаахыны сытыылыыр үлэһит буолар.
Бодойбоҕо сылдьан оробуочайдар профсоюзтарыгар киирэр, өйө-санаата тобуллар, хараҕа аһыллар. Манна сырыттаҕына ыраахтааҕы былааһа ыһыллар. Спиридон Петров дойдутугар үгүс элбэх кэһиилээх төннөн кэлэн дьонун үөрдэр. Холкуоһу тэрийсэн өрүү салайар үлэҕэ сылдьар. 1934 сылтан 1957 сылга диэри төрөөбүт нэһилиэгэр, Хаҥаласка, Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1940 сылтан ССКП чилиэнэ, төлөннөөх коммунист. Нэһилиэк, райсовет депутатынан 12-ки төгүл талыллыбыта.
С. В. Петров олоҥхотунан, оһуокай тыла этиитинэн, тойугунан Саха сиригэр, Бүлүү сүнньүгэр ЧЫЫЧААХ диэн аатынан биллэр.
Кулун тутар 2 күнүгэр Марха (Ньурба) улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр сыанатыгар Спиридон Васильевич Петров — Чыычаах «Оҕо Дьулаах бухатыыр» олоҥхо сүрэхтэннэ. Испэктээккэ 80-ча талба талааннаах Ньурба улууһун олохтоохторо, ону тэҥэ биһиги бибилэтиэкэбит ситимин үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ыланнар дьон-сэргэ үрдүк биһирэбилин ыллылар.