Саха Сиригэр Автономияны ылбыт өрөгөй үбүлүөйдээх сылга Ньурбатааҕы киин библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата «Саҥа былаас үйэлээх ырыалара» диэн күрэҕи ыыппыта түмүктэннэ.
Ньурба к., Мэҥэдьэк, Түмүк, Чкалов, Чаппанда нэһилиэктэриттэн барыта 13 ырыаны толоруу киирдэ. 9 биирдиилээн толорууну сэргэ 4 ансамблевай толоруу. Саамай биһирэммитэ биир да хатыламмыт ырыа суох. Чаҕылҕан, Амма Аччыгыйа, П. Тулааһынап, А. Абаҕыыныскай, Б. Тобуруокап, К. Уурастыырап, Л. Попов уонна да атын бэйээттэр хоһоонноругар М. Жирков, Ф. Лобанов, Хр. Максимов уонна да ырыа айааччылар ырыа гынан көтүппүт үйэлээх ырыаларын олус сэргии, биһирии, ахтылҕан кустугар куустаран иһиттибит, архыыппытыгар, күндү бэлэх оҥостон, угуннубут.
Тэрийээччилэри сэргэ анал үөрэхтээх: Ньурбатааҕы искусство оскуолатын учуутала Кириллова Н. А., хоһоонньут, мелодист, баянист Шестаков Т. И. — Чоххуруос иһиттилэр, анал ааттарынан кыайыылаахтары быһаардылар.
Күүстээх биһирэбили, хайҕалы кырдьаҕастар дьиэлэрин олохтооҕо, ытык саастаах, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Федоров В. В. ылла, «Муҥутуур кыайыылаах» ааты ылла.
Бу дьиэ олохтоохторо, Сунтаартан төрүттээх Павлова Л. С. — «Ырыа-олох тыына» анал аат кыайыылааҕа, Ньурбаттан төрүттээх Петров В. А. — «Ырыа — олох аргыһа» анал аат кыайыылааҕа буоллулар.
Махтал бастыҥын ытык кырдьаҕастары кэрэ эйгэтигэр сирдиир, бу дьиэ үлэһитигэр С. Г. Никифороваҕа ыытабыт. Төһө да хамсык хаайдар, куйаар ситимин нөҥүө үлэлэһэ олорор тэрилтэлэрбиттэн биирдэстэрэ Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ буоларын тоһоҕолоон бэлиэтиибит.
Чкалов сириттэн коллегабыт Баснаева Г. Н. үс ытык кырдьаҕастарын толорууларын устан ыыппыта олус долгутуулаах. Бускарова М. Д. — «Ырыа — киһи — аймах дууһата» анал аат кыайыылааҕа буолла. Тимофеева А. Д., Кириллина В. Р. — «Саха эрэлэ — ырыаҕа» анал ааты ыллылар.
Бөлөҕүнэн толорууга «Кыталык» к/д иһинэн үлэлиир Иванна Иванова салайар «Дьүрүйээнэ» ансамбля — «Ырыа — саха дууһатын кыната»,
Маардааҕы «Алгыс» НАДь иһинэн үлэлиир Николай Антонов салайааччылаах «Дабаан» эр дьон ансамбля — «Ырыа — сүргэни көтөҕөөччү»,
Маар орто оскуолатын хора (дир. Никифоров А. И.) — «Ырыа — түмэр күүс»,
Чаппандаттан Саргылана Семенова салайар «Эйээрэ» ансамбля — «Саха эрэлэ — ырыаҕа» анал ааттар кыайыылаахтара буоллулар.
Эдэр ыччаттартан Мэҥэдьэктэн Дмитрий Попов, Николай Антонов толоруулара олус кэрэхсибиллээх.
Түмүк нэһилиэгиттэн Анна Прокопьевна быһаарыы кэпсээһиннээх хас да ырыаны быстах — быстах толоруута ырыа историятын билэргэ туһалаах. Кинилэргэ «Саха эрэлэ — ырыаҕа» анал аат туттарылынна.
Бу күрэххэ ыраах Мэҥэдьэк нэһилиэгэр библиотекарынан үлэтин саҕалаабыт Иванова В. И., Маардааҕы норуот айымньытын дьиэтин уус — уран салайааччыта Михайлова Е. Р. үлэлэспиттэрин махталынан ахтабыт.
Сыаналыыр түгэҥҥэ Надежда Афанасьевна, Тимофей Иванович курдук профессионал доҕотторбут кэлэн олус үөртүлэр. Тимофей Иванович Шестаков — Чоххуруос бэйэтин авторскай кинигэтин бэлэх уунан бүгүҥҥү күммүт соһуччу үөрүүтүн үрдэттэ.
«Саҥа былаас үйэлээх ырыалара» күрэхпитигэр кыттыыны ылбыт, үлэлэспит дьоммутугар А. В. Багмет директордаах Ньурбатааҕы киин библиотека үлэһиттэрэ баһыыба бастыҥын, махтал истиҥин этэбит. Өрүү да ырыаны доҕор оҥостон тулаҕытын кэрэнэн толоро, киэргэтэ сылдьыҥ диэн баҕа санаабыт бастыҥын аныыбыт.
Кыттааччыларга Добун суругу сэргэ сэмэй бэлэхтэри кэлэр нэдиэлэҕэ тиксэриэхпит.