Сэтинньи 1 күнүгэр Мэҥэдьэктээҕи 11 нүөмэрдээх библиотекаҕа Ийэҕэ аналлаах ый чэрчитинэн билигин муода буолбут макраме ньыматынан сэбирдэх арааһын оҥорорго маастар кылаас буолла. Дьиэни тупсаҕай көрүҥнүүргэ, киэргэтэргэ макраме паннолар билигин саамай муода чыпчаала буолан тураллар. Ийэлэрбит кэлэн сынньанан, астынан, саҥа макраме сүүрэнигэр бастакы хардыылары оҥорбуттарыттан олус үөрдүлэр. Түргэн-тарҕан туттунуулаах кэрэ аҥардар 3-түү араас быһыылаах, атын-атын дьүһүннээх сэбирдэхтэри оҥорон дьиэлэригэр астына-дуоһуйа илдьэ бардылар. Киһиэхэ кыра да наада дииллэринии, ийэлэрбит барахсаттарга кыракый да сылаас сыһыан, истиҥ болҕомто ууруллара олус наадалаах. Онон дьиэтээҕи түбүктэн кыратык аралдьыйа таарыйа, илии оҥоһугун араас саҥа сүүрээнин, ньымаларын билэ-үөрэтэ библиотека ыытар маастар кылаастарыгар көхтөөх кыттыыны ылбыт далбар хотуттарга, кэрэ аҥардарга махтал бастыҥа буоллун.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.