Саха литературатын төрүттээбит, уһулуччулаах поэт Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй суруйааччы быһыытынан революция иннинэ саха дьахтарын олоҕун, кини уобараһын бастакыннан уустаан-ураннаан суруйбут уратылаах маастар. А.Кулаковскай «Саха дьахталларын сэттэ мэтириэттэрэ» диэн айымньытын 1904 сыллаахха суруйбута.
Суруйааччы саха литературатыгар аан бастакынан дьахтар тематын саҕалаабыта. Өксөкүлээх Өлөксөй бу айымньытыгар дьахтар олоҕун араас өттүттэн көрөн, кини майгытын-сигилитин, олоххо көрүүтүн, кыһалҕатын, өйүн-санаатын уу харахха суруйан хаалларбыта күн бүгүҥҥэ диэри биир бастыҥ айымньы буола сылдьара да туоһулуур. Манна бэйэ бэйэлэригэр майгыннаспат, хатыламмат дьахталлар көстөллөр. Ол да буоллар, кинилэри биир ситимниир – көҥүл бырааптара суох.
Саха дьахталларын сэттэ уобарастарын айарыгар кинилэри майгы-сигили, быһыы-таһаа өттүнэн уларытан ойуулаабыта. Маҥнайгыта – кэрэгэй майгыламмыт, ыар дьылҕаламмыт тыа дьадаҥы дьахтара. Иккиһэ – тыллаах дьахтар, үсүһэ – күнүүһүт, төрдүһэ – сэлээрчэх, бэһис – хобу-сиби таһар, суорумньуһут эмээхсин, алтыс мэтириэт – аһары уойбут, баайын-дуолун ыскайдыыр дьахтар, онтон сэттис мэтириэт – кубулҕат майгылаах дьахтар.
Суруйааччы норуотун үөрэтэ-такайа сатыыра, сайдыыга ыҥырара бу поэматыгар ырылыччы көстөр. Бу — ураты айымньы. Кини тыла-өһө, ис хоһооно сахабыт тыла кэрэтин, баайын толору көрдөрөр Улуу Өксөкүлээх тыла-өһө сүппэт.
2018 сыллаахха Ньурбаҕа ыытыллыбыт «Сата» бэстибээл биһиги биир дойдулаахпыт, Ньурба Маарыттан төрүттээх 10 оҕоҕо күн сирин бэлэхтээбит Дария Федоровна уонна Дмитрий Николаевич Яковлевтар дьоллоох дьиэ кэргэн тапталлаах кыыстара П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрын талааннаах артыыската, СӨ култууратын туйгуна Лена Маркова чахчы кыайа-хото туппут оруолунан, режиссер Роман Дорофеев туруорбут «Саха дьахталларын мэтириэттэринэн» аһыллыбыта. Эдэр артыыска сэттэ мэтириэти соҕотоҕун, көстүүмнэрин да уларыппакка, сирэйин кыратык уларытан, сэттэ мэтириэккэ уратылаахтык көһөн, хомуһуннаах тылларынан хас биирдии оруолу хоһуйуута көрөөччүнү ураты турукка киллэрэн, этэргэ дылы көрөөччү иэйиитэ сэттэтэ уларыйар. Артыыска Лена Маркова бу моно-спектакылынан дьахтар бастыҥ оруола ааты ылыан ылбыта.
Биир дойдулаах эдэр талааннаах артыыскабыт Лена Маркова таптыыр идэтинэн көрөөччү сүрэҕэр тиийэр талаана өссө да арылла, көрөөччүлэрин угуйа турарыгар баҕара хаалабыт.
Мария Николаева,библиотекарь,Хаҥалас.