МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

САХА СААРЫНА, УРАТЫ ТАЛААНА

Россия үтүөлээх, Саха Республикатын норуодунай артыыһа, Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, уһуйааччы Гавриил Гаврильевич Колесов төрөөбүтэ 90 сыла

Айылҕа барахсан бэйэтин норуотугар анаан айбыт талба талаана, бүтүн саха омук киэн туттуута буолбут саха саарына Гавриил Гавриильевич Колесов 1932 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар 2-с Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Гаврил Колесов артыыс быһыытынан Саха государственнай драматическай театрыгар 1957 сылтан үлэээбитэ, кини толорбут бары оруоллара көрөөччүгэ биһирэбили ылара.
Гаврил Колесов үтүөтэ-өҥөтө ордук сахалыы ырыа-тойук, олоҥхо сайдыытыгар улахан суолталаах. Артыыс норуот улууканнаах айымньытын — олоҥхону пропагандалааһыҥа сүдү өҥөлөөх. Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар саха фольклора биһирэммэт кэмигэр Гаврил Колесов улуу Ойуунускай сурукка тиһэн хаалларбыт олоҥхотун саҥалыы тыыннаан саҥардан,чөллөркөй куолаһынан кэпсээн,туойан сахатын дьонун сүрэҕин туппута, норуот ырыаларын талааннаах толороччу быһыытынан киэҥник биллибитэ. Кини бастакынан П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун 1954 сыллаахха радиоҕа толорбута.Бу олоҥхотун бүтүннүүтүн 1968 сыллаахха грапластинканан таһааттарбыта.Ити сүҥкэн үлэтигэр артыыс соҕотоҕун сүүстэн тахса араас хабааннаах мелодиялары толорбута. Норуот кинини бэйэтин көрбөккө да сылдьан, аҥардас радионнан таптыы,махтана истэрэ.Улуу олоҥхоһут тыл иччилээх күүһүн таба тайанан дьону сатаан бэйэтигэр тардар, умсугутар улуу талаан этэ. Ол курдук ырыаһыт Гаврил Колесов миэхэ эмиэ оҕо сааһым сырдык өйдөбүлүн быһыытынан дууһабар иҥэн хаалбыт.Аҕам Гаврильев Николай Романович Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун грампластинкаҕа суруттарбытын быыс буллар да биһиэхэ холботторон истэрэ, хас иһиттэҕин аайы:-“ оо,барахсаны,тоҕо бэрдэй,үчүгэйин” диэн үөрбүт-көппүт сирэйэ билигин да харахпар баар.
1957 сыллаахха Г. Колесов Саха сирин ыччатын делегациятыгар киирэн, Москваҕа буолбут Аан дойду ыччатын уонна студеннарын VI фестивалларыгар ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэ.1976 сыллааха соҕотоҕун бэйэтэ айбыт программатынан спектакль туруоран элбэх оройуону кэрийэн, сахатын дьонугар умнуллубат кэрэ түгэннэри бэлэхтээбитэ.Артыыс сценаҕа сып-сап туттан киирэн,хап-хара куудара баттаҕын өрүтэ анньынан, сирэйэ ис-иһиттэн сырдаан кэлэрэ, хараҕа арыт тэбэнэттээхтик бэтиэхэлээхтик көрөрө,арыт сахалыы киэҥник,арыт кырыымпалыы дьырылатан, арыт имэрийэн эрэрдии араастаан куолаһын, мимикатын уларытарын көрөөччү тыыммакка да истэрэ.
Гаврил Колесов прозаик быһыытынан эмиэ биллэр этэ. “Булчут сиэнэ” диэн сэһэни, “Үс аҕыраабат абылаҥнарым” диэн бэйэтин баай ис эйгэтин кэпсиир эссе- сэһэни сахатын ааҕааччытыгар ууммута .
Россия үтүөлээх, Саха Республикатын норуодунай артыыһа П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, уһуйааччы Гавриил Гаврильевич Колесов баҕа санаата саха олоҥхотун сатаан толорор, айымньы суолтатын өйдүүр,сахалыы саҥа сүөгэйин сүмэтин сүрэхтэригэр чугастык ылыммыт ыччаты иитии этэ.Бүгүҥҥү күҥҥэ Гаврил Колесов ыра санаата туолан олоҥхобут бүтүн киһи аймах барҕа баайын (шедеврын) быһыытынан сыаналанна,республикабытыгар саха талааннах ыччатын түмпүт Олоҥхо театра айымньылаахтык
үлэлиир.

Мария Николаева, библиотекарь.