1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха сирин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыныллыбыта. Декларация Саха сирин судаарыстыбаннай суверенитетын саҥалыы тэриллибит РСФСР састаабыгар киирэр судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ. Декларацияҕа олоҕуран өрөспүүбүлүкэ саҥа сыала-соруга быһаарыллыбыта.
Саха сарсыҥҥы саргытын салайсыбыт, турууласпыт, автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылары ситиспит чулуу дьоммутунан буолаллар С.М. Аржаков, М.К. Аммосов, И.Н. Барахов, П.А. Ойуунускай, С.В. Васильев.
Саха сиригэр судаарыстыбаннас саҥа көрүҥүн үөскээһинэ Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ М.Е. Николаев аатын кытта быстыспат ситимнээх. Кини Арассыыйаҕа федерализм уонна федеративнай сыһыаннаһыылары сайыннарыы боппуруостарыгар сүрүн бэлиитикэни көхтөөхтүк ыыппыта. Арассыыйа Федерациятын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ национальнай судаарыстыбаннаһын тэрийии уонна бөҕөргөтүү кини салалтатынан барбыта.
Судаарыстыбаннастаах буолуу саха норуотун биир сомоҕо түмсүүтэ саҥа үйэ ситиһиилэрин туһанан сайдыыга кыаҕы үөскэтэр.
Күндү ааҕааччылар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарытыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны. Куруук сырдыгы, кэрэни эрэ түстүөххэ, саҥаны, кэскиллээҕи айыахха, баары харыстыахха, үтүөнү үксэтиэххэ!