Олунньу 13 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэбит Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн бэлиэтиир. Бу күн – саха норуотун бастакы лингвист-учуонайа, сахалыы бастакы алпаабыты оҥорбут ытык киһибит, сахалыы бастакы букубаар ааптара Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ.
✅Семен Андреевич 1892 сыллаахха 2-с Хатылы (Болтоҥо нэһилиэгэр) Боотуруускай (Чурапчы) улууһугар төрөөбүтэ. Бастаан Андрей Винокуров чааһынай оскуолатыгар, онтон полит.сыылынай Иван Трофимович Цыценко чааһынай оскуолатыгар үөрэммитэ.
✅1905 сыллаахха Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа киирэн үөрэҕин салгыыр уонна 1912 с. бүтэрэр. 1913 с. алтынньы 25 к. Петербург университетыгар тиийэн Илиҥҥи тыллар факультеттарыгар киирэр. Бастакы сылыгар арабскай уонна персидскэй тыллары үөрэтэр. Сүрүн предмет быһыытынан монгольскай, кытайскай, турецкай, татарскай, маньчжурскай, калмыцкай тыллары хайаан да үөрэтэллэрэ.
✅Уопсайа 20 омук тылын баһылаабыта.
✅Үлэлээбит сирдэрэ: 1912 с. тыаҕа учууталлыыр, онтон Бүлүү городской училищетыгар көрдөһөн улэлии барар. 1914 с. Сайын саха норуотун олоҕун, фольклорун үөрэтэр командировкаҕа научнай экспедицияҕа кэлэр. 1916 с. Саха сиригэр эмиэ командировкаҕа кэлэр уонна үрдүкү начальнай оскуолаҕа биир сыл учууталлыыр. 1917-1918 сс. Петроградка научнай үлэнэн дьарыктаммыта. 1919 с. Иркутскай университетыгар лингвиһинэн киирэр. 1919 с. Иркутскай университетыгар саха салаатын астара сатыыр да, ол кыаллыбат. 1919 с. Боотурускай уонна Таатта улуустарыгар научнай экспедициянан дьарыктанар. 1920 с. Кини саха оскуолаларыгар кинигэ бэчээттээһининэн быһаччы ылсан үлэлиир. 1921 с. Москваҕа Наркомнац (Народный Комиссариат по делам национальностей) штатын иһигэр киирэн үлэлиир. 1921 с. кулун тутартан Петроградка саха кинигэлэрин бэчээттииргэ быһаараллар, ол иһин кини олоҕун бүтэһик сылыгар диэри онно олорон үлэлиир.
✅Кэргэнэ Мария Павловна Фелицына Петербург куоракка Дьахталлар үрдүкү курстарыгар үөрэммитэ. Онтон Илиҥҥи тыллары үөрэтэр институт арабскай салаатыгар үөрэммитэ. Отуттан тахса сыл Наукалар Академияларыгар библиотекардаабыта.
✅Валентина Семеновна Новгородова , Семен Андреевич соҕотох кыыһа, аҕата өлбүтүн кэннэ кулун тутар 8 күнүгэр 1924 сыллаахха төрөөбүтэ. Филолог үөрэхтээх, кандидатскайын «Э. Эристиин айар үлэтэ” диэн темаҕа суруйан көмүскээбитэ. Ленинградка олорбута. Маҥнайгы үрдүк үөрэҕин Саха сиригэр ЯГУ нуучча тылын салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Иккис үрдүк үөрэҕин Ленинградка немец тылын салаатын бутэрбитэ.
✅Семен Андреевич Попов — Сэмэн Тумат (Олунньу 28 күнүгэр 1924 с.), С. А. Новгородов бииргэ төрөөбүт балтын уола — саха биллиилээх прозаига, критигэ, поэта.
✅С. А. Новгородов Ленинград куоракка сырдык тыына быстыбыта. Саха АССР Совнаркома кини аатын үйэтитэр дьаһаллары ылбыта: о5отугар ый аайы пенсия анаабыта. Илиҥҥи тыллары үөрэтэр институт үчүгэйдик үөрэнэр студеныгар С. А. Новгородов аатынан стипендияны олохтообута.
✅Якутскай куорат биир уулуссатыгар, Чурапчы педагогическай училищетыгар аата иҥэриллибитэ.
✅Билигин Чурапчы орто оскуолата 1994 сылтан кини аатын сүгэр.
✅СӨ Бичик кинигэ кыһатыгар 2007 сыллаахха саха бастакы лингвист учуонайа С. А. Новгородов аата иҥэриллибитэ.
✅Бичик кинигэ кыһатын тэлгэһэтигэр Сэмэн Новгородовка анаммыт бюст 2009 с. турбута.
✅Төрөөбүтэ 125 сылыгар саха норуотун уһулуччулаах уолугар Семен Новгородовка анаммыт, кини кылгас эрээри чаҕылхай олоҕун, учуонай быһыытынан айымньылаах үлэтин, сырдык тапталын — дьиэ кэргэнин туһунан истиҥник сэһэргиир, сырдатар документальнай “Лингвист” диэн, суруйааччы Алексей Амбросьев — Сиэн Мунду сценарийынан киинэ уһуллубута.
✅ Республикабыт бастакы Президенэ М. Е. Николаев 1996 сыллаахха саха алпаабытын төрүттээччи, бастакы учуонай, лингвист С. А. Новгородов төрөөбүт күнүн (олунньу 13 күнүн) ИЙЭ ТЫЛ күнүнэн биллэрбитэ.
✅Саха норуотун чаҕылхай үөрэхтээх уола Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт сахатын норуота үүнэригэр – сайдарыгар оҥорбут үтүөтэ умнуллубат, кини аата саха тыллаах баарын тухары үйэлэргэ ааттана туруо!
Мария Николаева, библиотекарь.