«Ийэ тыл уонна сахалыы сурук-бичик» күнүгэр аналлаах тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн нэһилиэнньэҕэ сахалыы дьыктаан суруттарыыта буолар. Дьыктаан таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар уонна иҥэрэр сыаллаах. Бу тэрээһини Национальнай библиотека уонна ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт сылын ахсын тэрийэр.
Бу тэрээһинтэн Ньурбалар эмиэ туора турбакка, олунньу 18 күнүгэр Ф.Г. Сафронов аатынан киин библиотекаҕа уонна нэһилиэк библиотекаларыгар сахалыы дьыктаан суруйдулар. Манна барыта 236 киһи кытынна. Быйылгы дьыктаан Г.В. Баишев — Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 сылыгар ананна. 210 тыллаах “Тоҕус этиҥ тойуга” хомуурунньугуттан ылыллыбыт “Киэһээ айан” кэпсээнин быһа тардыытыттан суруйдулар. Алтан Сарын ураты тылынан-өһүнэн, нуучаттан киирии тыллары сахатыппытынан суруллубут тиэкис бэриллибитэ дьыктаан кыттылаахтарыгар бэрт интириэһинэй буолла. Кыайылаахтар “Бастыҥтан бастыҥ суруксут”, “Бастыҥ суруксут”, “Үчүгэй суруксут” добун суруктарынан уонна бары кыттыылаахтар “Туоһу суругунан” бэлиэтэннилэр.
Сахалыы ыраастык саҥарыаҕыҥ, ийэ тылбыт эгэлгэтин үйэлэргэ сүппэт тыынныаҕыҥ!