МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Сахалыы сэмэйдик,чуумпутук , эрэллээхтик таптыыгыт

Бүгүн күлүм-чаҕыл уотун ыһар, сандаарар күннээх сааскы күн, Аҕа күнүн бэлиэтиибит.
Бу бырааһынньык бастакы бэрэсидьиэн М. Е. Николаев ыйааҕынан 1999 сыллаахха олохтоммута. Аҕа күнэ — бигэ туруктаах, эйэлээх дьиэ кэргэн бырааһынньыга.
Саха киһитэ барахсан бу тыйыс айылҕалаах сахабыт сиригэр бэйэтин кыаҕынан дьиэ — уот тэринэн, оҕо — уруу тэнитэн, иитэр сүөһүнү күрүөлээн үйэлэри уҥуордаан кэллэҕэ. Ыал аҕата дьиэ кэргэн туллар тутааҕа, үрдүк өһүөтэ. Кини бу олоххо иллээх дьиэ кэргэн, оҕо — уруу сайдар, үүнэр олуга. Ону сэргэ бүгүҥҥү олохпутугар Ийэ дойдуларын көмүскээн байыаннай операцияҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытын киэн тутта эрэнэ кэтэһэр дьоммут эмиэ аҕалар
Саха сиригэр норуот инники кэскилигэр ураты сыһыаннаах бэлиэ күн — Аҕа күнүн чэрчитинэн, аҕа уонна уол оҕо кыттар “Аҕа күрэҕэ” күрэхтэһии сыллата ыытыллан кэллэ.
Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгиттэн быйыл Таатта оройуонун Туора Күөл нэһилиэгэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи XXIIl Аҕа күрэҕэр биһиги нэһилиэкпит бастыҥ ыаллара Никифоровтар дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Николай Владимирович уолунаан Михаиллыын кытта барыахтара. Кинилэр кулун тутар 24 күнүгэр ыытыллыбыт оройуоннааҕы Аҕа күрэҕин кыайыылааҕынан тахсан, улуус баһылыга туруорбут «Регулмото» мотоцикл бириис ылбыттара, уратыта диэн биир дойдулаахтарбыт бу күрэххэ үһүс сылын кыайыылааҕынан тахсан, чахчы да кыахтаахтарын көрдөрөн кыайыы өрөгөйүн өссө төгүл билбиттэрэ буолар.


Алта оҕолоох ыал ийэтэ Улита Васильевна, аҕалара Николай Владимирович иккиэн олохтоох оскуолаҕа үлэлииллэр. Дьоммут быйыл аны эбээ эһээ буолар үөрүүтүн биллилэр. Үлэлэрин таһынан бу сыллар тухары иккиэн нэһилиэккэ ыытыллар бары общественнай үлэлэргэ тутаах кыттааччы, тэрийээччи ыаллар. Николай Владимирович нэһилиэк аҕаларын түмсүүтүн салайан үлэлэтэр,нэһилиэк Сэбиэтин депутата, Улита Васильевна олорор түөлбэтин салайааччыта, нэһилэк сэбиэтин депутата. Алта оҕолоох эдэр ийэ бириэмэтин сөпкө аттаран, таһыттан көмөтө суох барытын ситэрэ хоторо сылдьарыттан арыт сөҕө саныыгын. Сүөһү-ас тутан, эбии дохуот киллэринэн, ону сэргэ уолаттара олох кыра саастарыттан окко маска үлэлэһэн, сүөһү көрсөн тутаах көмө дьон буола улааттылар.

Уолаттар бары оскуолаҕа киирээт, тустууннан дьарыктанан барбыттара.Бу өттүнэн нэһилиэкпит спорка тренера, Россия көҥүл тустууга спорка маастара Василий Васильевич Алексеев уолаттары утумнаахтык дьарыктаан Никифоровтар түөрт уолаттара тустууга элбэх ситиһиилэнэн, оройуон өрөспүүбүлүкэ чиэһин элбэхтик көмүскээн кэллилэр. Никифоровтар дьиэлэрин биир муннугун оҕолорун спорка ситиһиилэрин наҕараадалара, кубоктара кэрэһилиир.

Түөрт уол кэнниттэн төрөөбүт кэтэһиилээх кыргыттар Николина 2 кылаас үөрэнээччитэ, кыра кыыс Каролина уһуйаан иитиллээччитэ.

Дойдуларын аатын ааттата сылдьар, Никифоровтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүт нэһилиэккит, киэҥ Ньурба аатын ааттата бэйэҕит олоххо үлэҕэ холобургутун көрдөрөн, ситиһиилээхтик кыттан, айаҥҥыт суола алгыстаах буоллун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!


Ытыктабыллаах аҕалар, бу күн эһиэхэ истиҥ махтал тылларын анаан туран, булугас өй, күүстээх санаа, инникигэ эрэл, чөл олох, чэгиэн-чэбдик турук, мындыр толкуй, эрэллээх доҕоттор, тапталлаах кэргэн, иллээх дьиэ-кэргэн куруутун тулаҕытыгар баар буоллуннар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.


Мария Николаева, Ньурба, Хаҥалас.